Туймаада хочотугар — Орто Халыма

Үс Хатыҥ алгыс түспүт алааһыгар, «Туймаада» ыһыаҕын күнүгэр, Дьокуускайга олорор уонна ыалдьыттыы сылдьар биир дойдулаахтар тоҕуоруһа муһуннубут.

Орто Халыма улууһун көҕүлээһининэн, тэрийэр кэмитиэт салайыытынан олус сэргэх билсиһии, сомоҕолоһуу, дьоҕур тахсар тэрээһиннэрэ ыытылыннылар. Ыһыах сүрүн торумун Өлөөкө Күөллээҕи Н.Д.Созонова аатынан «Күөрэгэй» култуура киинин дириэктэрэ Мария Юрьевна Третьякова ыытта.

Түһүлгэ ыалдьыттара Орто Халыма улууһун дьаһалтата тэрийбит кус миининэн күндүлэннилэр. Хас биирдии нэһилиэк эҕэрдэ ырыа-үҥкүү бэлэхтээтэ.

Орто Халыма улууһун дьаһалтатын уонна дьокутааппыт, «Сахаэнерго» генеральнай дириэктэрин Г.Н.Алексеев аатыттан, Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахтар түмсүүлэригэр көхтөөхтүк кыттар, көмөлөһөр, дойдумсах дууһалаах дьиэ кэргэттэр, актыбыыс дьон, устудьуоннар Бочуоттаах кырааматанан, Махтал суругунан наҕараадаланнылар.

Үгэс быһыытынан араас куонкурустар, өбүгэ оонньуулара ыытылыннылар. Ол курдук Бастакы Хаҥалас нэһилиэгэ «Дьүрүһүй хомуһум» күрэҕи тэрийэн ыытта. Иккис Хаҥаластар «Дьиэ кэргэн сахалыы таҥаһа», «Мас был-дьаһыы», Байды нэһилиэгэ «Суһуох саха кыыһын киэргэлэ», Иккис Мээтис нэһилиэгэ «Чоргуй чабырҕах, дуорай тойук» уонна ситими эрийии оонньууну ыытта. Сиэн Күөлүн олохтоохторо «Саамай киэҥ халадаай» куонкурус тэрийдилэр. Алаһыай нэһилиэгин түмсүүтэ хапсаҕай күрэҕин уонна балыктааһын оонньуутун салайда.

Оттон «Соһуччу миэстэтигэр күөн күрэс» күрэҕи уонна ойбонтон уулааһын өбүгэ оонньуутун Бастакы Мээтис нэһилиэгэ ыытта. Кинилэр ыыппыт тэрээһиннэрин успуонсардарынан, дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн, Сылгы Ыытар дьоруой ийэлэрин (В.Е.Березкина, А.В.Волкова, П.И.Лаптева, М.Е.Жиркова, Е.В.Колесова, А.М.Тарасова) оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара буоллулар. Онон успуонсарыстыба пуондатыгар уопсайа 57 000 үп киирбит.
Нэһилиэктэртэн уонна куоракка олорор биир дойдулаахтартан киирбит үп ыытыллыбыт күрэх көрүҥүн, өбүгэ оонньуутун аайы үллэһиллибит.

Күрэхтэргэ кыттыы балаһыанньатынан, улуус дьаһалтатын аатыттан саамай көхтөөх нэһилиэктэр анал кырааматанан уонна уу харчы бириэмийэнэн наҕараадаланнылар.

Ол курдук түһүлгэ бастыҥнарынан буоллулар: III-с миэстэ — Бастакы Мээтис нэһилиэк көхтөөх дьоно ылан, улуус баһылыга анаабыт 10 000 солк.наҕараадаланна. Кинилэр бу бириистэрин Сылгы Ыытарга баһаар утары үлэлиир дьоҥҥо көмө быһыытынан ыыппыттар. II-с миэстэ — Иккис Хаҥалас нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ 15 000 уу харчыны туттулар. Оттон түһүлгэ бастыҥынан Бастакы Хаҥалас нэһилиэгин түмсүүтэ ааттанан, 20 000 солк. тиксэн, ситиһии өрөгөйүн биллэ.

Маны сэргэ улуус дьаһалтата анаабыт «Или-эйэни туойуохха, оһуокайдаан ойуохха» анал аат 3000 бириэмийэтинэн Өлөөкө Күөлүн бэрэстэбиитэлэ Мария Третьякова наҕараадаланна.
Алгыс түспүт ытык сиригэр, бииргэ түмсэртэн, дьоҥҥун-сэргэҕин көрсөртөн, талааҥҥын, дьоҕургун арыйаргыттан ордук туох кэлиэй, тэҥнэһиэй. Маннык көхтөөх майгыбытынан, Орто Халымалар, биһиги, дойдумсах, түмсүүлээх, көмөҕө өрүү бииргэ буолар уратыбытынан киэн туттабыт.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше