От ыйын 8-10 күннэригэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахтар түмсэн «Халыма» диэн ааттанан төрдүс төгүлүн ыытыллыбыт өрөспүүбүлкэтээҕи «Үлэ-иис күрэҕэ» куонкуруска кытынныбыт.
Сомоҕо хамсааһыммыт күүһүнэн үтүө түмүк ситиһэн, бастыҥнар истэригэр киирбиппититтэн олус үөрдүбүт. Биир үрдүк ситиһиибитинэн Бастакы Мээтис нэһилиэгиттэн төрүттээх иистэнньэҥмит Диана Белобородова, хамаандаттан бастыҥ таҥас быһааччылар «Бастыҥ быһааччы»түһүмэхтэригэр 3-с миэстэ буолан үөрүүбүт икки бүк үрдээтэ.
Диана иискэ оҕо эрдэҕиттэн уһуйуллубута. Оччолорго «Барби» куукуланан оонньооботох кыыс оҕо суоҕун тэҥэ буолуо. Ыаллыы олорор кыргыттар, ким хайдах таҥаһы тикпитин көрдөрөөрү, кини тула түмсэллэрэ. Ийэтэ Аксинья Николаевна, кыыһа иискэ баҕалааҕын таба көрөн, «Лола» диэн анал сурунаал суруйтаран ылара.
Дьэ, онно баар выкройкаларынан сирдэтэн, кыптыый тыаһа кылыргаан, иис-уус эйгэтигэр бастакы хардыылара оҥоһуллубуттар буолуохтаах. Оскуолаҕа саамай таптыыр предметэ математика уруога этэ. Ол эрээри, үлэ уруогар туохтан да ордук астыныыны-дуоһуйууну ылара. Учуутала Татьяна Дмитриевна Бекреневаттан элбэх сатабылы иҥэриммитэ. Араас куонкурустарга, быыстапкаларга кыттан бастакы ситиһиилэрин ылбыта. Оҕуруонан куру тиһэн улуус конкуруһугар бастыҥнар истэригэр үрдүк сыанабылы ылбыта. Орто оскуола кэнниттэн идэни талыы боппуруоһа тирээн кэлбитэ.
Төрөппүттэрин сүбэтинэн, бухгаалтыр идэтин баһылаары, колледжка киирбитэ эрээри, санаата сыппакка, ситэри үөрэммэтэҕэ. Иистэнэргэ идэтийэн үөрэнэр баҕа санаата баһыйан «Якутский колледж технологии и дизайна» 4 сыллаах үөрэҕин туйгуннук бүтэрэн, баҕа санаатын ситиһэр. Кини дьолугар, уһуйааччыта Александра Васильевна Артемьева ис сүрэҕиттэн кыһаллан такайыытынан Кыһыл дипломнаах «Технолог-конструктор швейных изделий» идэни баһылыыр.
Тус бэйэтин харчытынан иистэнэр малын-салын атыылаһан, бэйэ дьарыктаах буолар суолун тобулан, сакааһынан тигэр иистэнньэҥ буолар. Ол сылдьан, «Коломбиана» диэн киинэҕэ «Каталея — что означает Орхидея», героинятын аатын астына көрөр. Диана билигин «Орхидея» диэн куорат көстөр сиригэр турар ательелаах.
Кини саамай табыллан тигэр хайысхатынан «Сахалыы таҥас’» буолар. Кыыс-дьахтар кэтэр мааны халадаайдарын, эр киһи камзолларын, уол оҕо ырбаахыларын төһөнү тикпитин ааҕан сиппэккин. Үҥкүү таҥаһын оҕо кииннэрэ, уһуйааннар араас кэлэктииптэрэ астына сыанаҕа кэтэллэр.
Ону таһынан, быыс булан «Аяврина» үҥкүү ансаамбылыгар дьарыктанар буолан, кыргыттарын көстүүмнэрин эмиэ бэйэтэ тигэн кэтэрдэр. Диана сүрдээх улгум, түргэн-тарҕан, ыраас, кичэл, ылыстаҕына хаачыстыбаны өрө тутар иистэнньэҥ. Онон киниэхэ анаммыт махтал суруктара баһаам элбэх. Диана биир дойдулаахтарын Ыһыаҕар 10 миэтирэттэн тигиллибит халадаайынан « Бастыҥ» аатын ылан түһүлгэни киэргэппитин көрөн итэҕэйдибит.
Диананы өссө төгүл өрөспүүбүлкэтээҕи үрдүк ситиһиитинэн, чаҕылхай үлэтэ, ураты буочара сыаналаммытынан эҕэрдэлиибит! Айылҕаттан талааннаах иистэнньэҥ биир дойдулаахпытынан киэн туттабыт. Кэлэр да өттүгэр ситиһиилэр сиэттиһэ турдуннар диэн алгыс бастыҥын аныыбыт. Дианабыт кэргэнэ анал байыаннай дьайыыттан дойдутугар этэҥҥэ доруобай эргиллэн кэлэригэр баҕарабыт.
Ааптар: Алевтина Тарасова, Дьокуускай к.