Сөпкө дьаһанан үөрүнэн иитиллэр сүөһүбүтүн сайыннарыах

Алаһыайдар үбүлүөйдээх күннэригэр көрүнэн-нарынан эрэ муҥурдаммакка, сайдыы биир тутаах хайысхатын — Тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһун тула төгүрүк остуол тэрийдилэр.

Манна Бастакы Хаҥалас, Хатыҥнаах, Бастакы Мээтис, Иккис Хаҥалас уонна Алаһыай нэһилиэктэриттэн баһылык солбуйааччылара уонна тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ кытыннылар. Мунньах СӨ агропромышленнай комплексын өрөсүүрсэнэн хааччыйыы киинин дириэктэрин солбуйааччы Дмитрий Анатольевич Филиппов салайыытынан ыытылынна.

Кини сылгы иитиитин сайдыыта өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хайдах таһымҥа турарын кэпсээтэ, сыыппаралар туоһулуур даннайдарын, атын улуустар хайдах сайдан олороллорун, бырагыраама, субсидия күүһүнэн туох-ханнык саҥа сүүрээн суолун тобулалларын, сорох тэрилтэлэр оҕо эбии үөрэхтээһин кииннэрин арыйалларын, субсидиянан туһанан сылгы баазаларын сөргүтэллэрин, олоххо киллэрэллэрин, уод.а. сүбэлээх-амалаах бэрт сэргэх слайд-презентация нөҥүө билиһиннэрдэ. Уонна бүгүҥҥү мунньах боротокуолланан, сүрүн боппуруостарга резолюция оҥоһуллан, улуус дьаһалтатыгар салҕыы быһаарыыга киириэхтээх диэн мэктиэлээтэ.

Сүрүн кэпсэтии, сылгы сүөһү төбөтүн хаалларыы, оҥорон таһаарар бородууксуйа, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар төһүү күүс буолар Граннарга, куонкурустарга, бырагыраамаларга кыттыыга туһаайылынна.

Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын начаалынньыга Д.Н.Винокуров улуус үрдүнэн сүөһү, түргэнник ситэр салаа-көтөр, дьиэ харамайа ахсаана төһө буолан турарын сырдатта. Кыстык хайдах түмүктэнэн эрэрин кэпсээтэ.

Мунньах кыттыылаахтарыттан, сылгы төбөтүгэр көрүллэр субсидия харчытын улаатыннарыы, ууһатар атыыр сылгы тутуутугар субсидияны көрүү, граннарга кыттарга докумуон толоруутугар көмө, үөрэх ирдэнэрин, дьон дьиэ туттарыгар ИЖС бырагыраамаҕа кубуотатын сөргүтүү, убойнай сыаҕы олоххо киллэриигэ сүбэ, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин сынньана, доруобуйаларын бөҕөргөтө санаторийга ыытыы, тыа хаһаайыстыбатын тутарга эдэр көлүөнэни хайдах көҕүлүүр туһунан ырытыһыылар, санаа атастаһыылар киирдилэр, кыһайар кыһалҕалар этилиннилэр.


Дмитрий Филиппов сылгы иитиитигэр, улуус дьаһалтатын өттүттэн эбии үп көрүөн сөп диэн баҕа санаатын эттэ. Бүгүҥҥү ат сүүрдүүтүн тэрээһинин олус сэргээбитин, астыммытын бэлиэтээтэ, инникитигэр Ат сүүрдүүтэ диэн буолбакка өрөспүүбүлүкэ былааныгар киллэрэн, «Сылгыһыт күрэҕэ» диэн тэрээһин ыытыллыан сөп эбит диэн санаатын эттэ.

Мунньах боротокуолунан резолюция оҥоһуллан, ситимнээх үлэ салҕаныа диэн киэҥ кэпсэтии түмүктэннэ.

«Халыма тииптээх үөрдээн иитиллэр дьөһөгөйбүт оҕотун туруктаах сайдыытын туһугар сөпкө дьаһанан, көмө бырагыраамалары туһана үөрэнэн, көрүллэр үбү кэмигэр туһанан инники олохпут кэскилин туһугар, күүскэ үлэлэһиэх, ыччаппытын үлэҕэ көҕүлүөх», — диэн ыҥырыынан улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалтата мунньаҕы түмүктээтэ, Дмитрий Анатольвич Филипповка ситимнээх үлэҕэ ыҥырда, төгүрүк остуол кыттыылаахтарыгар махтанна.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше