Туруу үлэһит дьонноох, айылҕаттан дьоҕурдаах норуоттаах Бастакы Хаҥалас нэһилиэгэ, улуус кииниттэн саамай тэйиччи сытар бөһүөлэктэртэн биирдэстэринэн буолар. Нэһилиэккэ 521 киһи олорорунан бэлиэтэнэр. Бөһүөлэккэ араас хабааннаах үлэ тэрээһинэ күөстүү оргуйар, үөрэнээччилэр саҥа үөрэх сылын саҥалыы тыыннаммыт оскуолаҕа көрүстүлэр.
Кыстыгы туоруур үлэ былаана ситилиннэ
Нэһилиэнньэ күүһүнэн учууталлар олорор дьиэлэригэр өрөмүөн үлэтэ ыытылынна. «Дьиэлээх Айаан» диэн сиргэ Булгунньахтаах үрэҕин (сиэнин) туоруур муоста оҥоһулунна, бөһүөлэктэн бириистэҥҥэ тиийэр суолга кэҥэтии, тэҥнээһин, үлэлэрэ ыытылыннылар. Олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраамма чэрчитинэн, нэһилиэнньэни ыраас уунан хааччыйар турбалар оҥоһуллаллар. Былаан быһыытынан быйыл уу ситимэ киин хочуолунайга, оҕо уһуйааныгар, оскуолаҕа тиийиэхтээх.
Уулуссаларга суол бэлиэлэрэ оҥоһулуннулар. Ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолуу ирдэбилинэн бөһүөлэк таһынааҕы минерализованнай балаһа иэнэ дэхсилэнэн кэҥэтиллэн биэрдэ. Балыыһа территориятын күрүөтэ өрөмүөннэннэ. «Оҕону үлэҕэ иитии, угуйуу» хайысханан, итиэннэ дьарыктаах буолуу киинин бырагырааматынан уол оҕолор нэһилиэги тупсарыыга үлэлээн, сүрүн кылааттарын киллэрдилэр.
Социальнай суолталаах эбийиэктэргэ өрөмүөн үлэлэрэ түмүктэнэн, кыстыкка бэлэм тураллар. Юрий Винокуров аатынан уулусса тыраассата өрө көтөҕүллэн, ититэр матырыйаалынан бүрүлүннэ. Нэһилиэнньэ 96% ититии ситимигэр холбонон олорор. Нэһилиэнньэни 5 урбаанньыт аһынан-таҥаһынан, малынан-салынан хааччыйар, тиэйиинэн-таһыынан дьарыктанан дьон олоҕор төһүү күүс буолар.
Тыа хаһаайыстыбата
Нэһилиэк үрдүнэн 252 хороҕор муостаах (ыанар ынах — 82), сыспай сиэллээх — 1590, 134 куурусса, 2 сибиинньэ иитиллэр. Өлөөкө Күөллээҕи сылгы Собуотун, өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох Халыма тиибин тутар тэрилтэтэ 1261 сылгылаах (биэтэ – 520). Нэһилиэнньэ күүһүнэн үрдүк хаачыстыбалаах от оттонон, былааннаммыт 1200 туонна от кыстыкка бэлэмнэннэ. Сылгы собуотун «Сарыал» пиэрмэтигэр 160 ынах сүөһүлээх, онтон 45-һэ ыанар ынах. Быйыл сайын 38 туонна үүт ыаммыт.
Мария Винокурова ынах, сылгы тутар бааһынай хаһаайыстыбатыгар түргэнник ситэр салаа иитинэн, 50 куурусса иитиллэр. Онон нэһилиэнньэ сибиэһэй сымыытынан хааччыллар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана бигэргэппит уурааҕынан, 2024 сылтан саҥа типовой хотон тутуута саҕаланыаҕа.
Үөрэхтээһин
Г.Г. Софронов аатынан Өлөөкө-Күөллээҕи агрооскуола саҥа үөрэх сылын 87 үөрэнээччилээх, 23 педагогтаах көрүстэ. Оскуола боруогун 6 үөрэнээччи атыыллаата.
«Үөрэх систиэмэтин саҥардыы» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн, оскуолаҕа икки сыллаах хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна. Онон оскуола саҥардыллан, материальнай-техническэй өттүнэн толорду хааччылынна, итиэннэ педагогтар үөрэхтэрин таһымнарын үрдэттилэр.
Быйыл оскуоланы бүтэрбит 5 выпускниктарбытыттан, уолаттар суолга айанныыр быраабы ылар, кыргыттар II разрядтаах иистэнньэҥ буолар докумуоннаах бүтэрдилэр. Кинилэр орто анал үөрэхтэргэ киирдилэр. Биир үөрэнээччи 9-с кылаас кэнниттэн анал үөрэххэ киирдэ.
Сайыҥҥы бириэмэҕэ оскуола үөрэнээччилэрэ оҕуруот көрүүтүн сэргэ, кучу-чэй, одуванчик сибэккиттэн мүөт оҥорон, нэһилиэнньэҕэ атыылыыллар. «Туллукчаана» оҕо саада 35 иитиллээччилээх. Уһуйаан дьиэтигэр быйыл эбии батареялар туруорулуннулар, истиэнэлэри тас өттүттэн хайдылар, кырыыһаҕа буор кутулунна, ис өттүгэр кырааска үлэтэ ыытылынна. Манна төрөппүт күүс-көмө буолла.
Култуура
Н.Созонова аатынан «Күөрэгэй» култуура киинэ быйыл бастакы опернай ырыаһыт Нина Созонова төрөөбүтэ 75 сылын бэлиэтээтэ. Кини аатынан «Халыма күөрэгэйэ» диэн улуустааҕы ырыа куонкуруһа ситиһиилээхтик ыытыллыбыта.
«Талба Хотун» үҥкүү ансаамбыла быйыл «Халыма сулустара» улуустааҕы үҥкүү куоҥкуруһугар Гран-при буолары ситиспитэ. Нэһилиэк олохтоохторо уопсастыбаннай түмсүүлэргэ көхтөөхтүк кыттан, нэһилиэк олоҕор, сайдыытыгар төһүү күүс буолаллар. Бу саас нэһилиэк дэлэгээссийэтэ, Хаҥалас улууһун Улахан Аан нэһилиэгэр Хаҥаластар I өрөспүүбүлүкэтээҕи форумнарыгар кыттыыны ылбыта.
Успуорт
Быйыл Аҕа сылын чэрчитинэн, чөл олоҕу, успуорду пропагандалыыр өрөгөйүөннээҕи мас тардыһыыта ыытыллыбыта. Мас тардыһыытын күрэҕэр 9 хамаанда, уопсайа 113 мадьыны күөн көрсүбүтэ. Олохтоох дьаһалта биирдиилээн дьоҥҥо уонна сүрүн муҥутуур бириистэри: таҥас сууйар аптамаат-массыынаны, итиэннэ 2 матасыыкылы туруорбута, оттон Өлөөкө-Күөллээҕи сылгы Собуотун салалтата чулуу бэтэрээн кыайыылааҕын тыыннаах убаһанан наҕараадалаабыта.
Социальнай эйгэ
Социальнай хантыраак анал бырагырааматынан 25 ыал уонна соҕотох олорор биир киһи туһаммыт.
Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбыт ийэлэрин олорор дьиэлэригэр хапытаалынай өрөмүөннэр ыытылыннылар. Тустаах көмөҕө волонтер оҕолор кыттан төһүү күүс буоллулар.
Сыл устата, атыы-эргиэн дьаарбаҥкаларынан, аһымал кэнсиэрдинэн, үлэлиир дьон биир күннээҕи хамнастарынан хомуллубут үп, биир кэлим көмө пуондатыгар ыытыллыбыта. Маны сэргэ бэтэрээннэр Сэбиэттэрин көҕүлээһининэн, саллааттарга тоҥоруллубут «Бэйэ аһа» бэлэмнэниллэн ыытыллыбыта.
Ааптар: Саргылана Кокорина