Аан дойдутааҕы түмэл күнүн көрсө, олохтоох кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһитэ Юлия Винокурова ыҥырыытынан, саҥа экиспэнээти көрөн кэллибит.
Бу 1884 сыллаахха, Тулатааҕы сааны оҥорор императорскай собуокка оҥоһуллубут ыстыыктаах саа буолар.
Сааны ыаллыы сытар Эбээх бөһүөлэгиттэн Гаврил Алексеевич Гуляев аҕалан туттарбыт.
Кини бу саа дьикти устуоруйатын маннык диэн кэпсээбит:
» Сэбиэскэй кэм саҥа үөдүйэрин саҕана, Котенко диэн революционер II Хаҥалас нэһилиэгинэн ааһан иһэн Сылгы-Ыытар учаастагар олорор дьоҥҥо хонон ааспыт. Барарын саҕана, өйдөбүнньүк буоллун диэн, саа ыстыыгын хаалларбыт. Мин оҕо эрдэхпинэ бу ыстыык хап-хара кырааскалаах, килэбэчигэс лаахтаах этэ. Бырааппынаан Володялыын ыстыыгы маска иилэн оонньуурбут. Ханнык эрэ кэмҥэ ыстыык сүтэн хаалбыта. Кэнники бөһүөлэк иһигэр буор хаһа сылдьан булан ылбытым. Оҕо сааһым саҕанааҕы ыстыык буолуохтаах диэммин ууран кэбиспитим.
Оттон сааны 1984 сыллаахха Улахан Таша уонна Эһэм икки ардынааҕы сиэҥҥэ сааскы кус кэмигэр, табыллан ууга түспүт куспун көрдүү сылдьан, талахха өйөнөн турарын булбутум.
Бу булт саата буолбатах. Байыаннай саа эбит. Оҥоһуллубута оруобуна 100 сыл буолтун кэннэ булбутум дьикти.
Ити ыстыык да сөп түбэһэ сааҕа кэтэрдиллэн хаалбыта эмиэ дьикти. Арааһа бу икки мал бэйэ бэйэлэрин кэтэсиһэ сыппыттар быһыылаах. Билигин иккиэн көстөн, булсуһан диэххэ сөп, биир экиспэнээт курдук эһиги түмэлгитигэр хараллыахтара».
Дьэ, маннык ураты умсугутар устуоруйалаах түмэлбит саҥа экиспэнээтин тутан- хабан, көрөн- истэн сэргээтибит. Ыстыыга уһунун, ыйааһына ыараханын сөхтүбүт.
140 саастаах түмэлбит саҥа малын кэлэн көрүҥ, сэргээҥ диэн ыҥырабыт. Экиспэнээти туттарбыт Гаврил Гуляевка махтанабыт.
Г.Г.Софронов аатынан Өлөөкө — Күөллээҕи орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччилэрэ