Салҕыы, ырыа аргыстаах айаннатабын

Сэтинньи 12 күнүгэр НВК «Саха» тэрийэн ыытар «Үрдэл» музыкальнай бириэмийэ иккис бөлөҕүн кыттааччыларыгар куоластааһын түмүктэннэ.

Биһиги биир дойдулаахпыт, Хатыҥнаахтан төрүттээх Айыллыына Сандаар «Айан» диэн ырыатынан кытынна. Айыллыына өрөспүүбүлүкэ таһымнаах кыттыытын бу курдук сыаналаата: «Куоластааһын түмүктэннэ, бу санаан көрдөххө, бары «А» бууккубаттан саҕаланар ааттаах суоллаах дьон кыттыбыт эбиппит (Айыллыына, Айыллыат, Айгылаан, Айса, Анна, Арчылаана, Аман), уонна Надикан. Икки нэдиэлэ устата дьэ долгутуулаах күннэр аастылар…

Күрэххэ кыттыбыт «Айан» диэн ырыабын, өбүгэтин утумнаан, дьөһөгөй оҕотун аргыс оҥостон Дойдуну тэлийэ көтөн, өрөспүүбүлүкэбитин, саха атын, саха норуотун Аан дойдуга киэҥник ааттаппыт, саха чулууларыттан биирдэстэригэр, Дугуйдаан Винокуровка аныыбын. Ол курдук куйаар-күрэс түмүгүнэн 1225 куолас ылан, 8 кыттааччыттан 5-с буоллум. Бу кыттыым, үрдүктэн үрдүккэ саҕалааһыным эрэ буолар. Ырыабар ылланарын курдук, салҕыы ырыа аргыстаах айаннатабын.

Миигин өйөөн, санаан, куоластарын биэрбит, билэр-билбэт дьоммор, доҕотторбор, дьүөгэлэрбэр, аймахтарбар, ахтар-саныыр Халымам дьонугар барҕа махталбын, тапталбын тиэрдэбин.
Күндү дьонум чэгиэн доруобай, дьоллоох буолуҥ, ырыаны таптааҥ, өрүү ырыа аргыстаах сылдьыҥ!

Автор: Саргылана Кокорина

Читайте дальше