От ыйын 18 күнүн туругунан улуус үрдүнэн 1155 хороҕор муостаах баарынан бэлиэтэнэр, онтон 440-на ыанньык ынах. Мантан 160 төбө Өлөөкө Күөллээҕи сылгы Собуотун «Сарыал» ҮТФ сүөһүтэ буолар. Тохсунньу ыйтан 345 ньирэй ылыллыбыт.

Сыспай сиэллээх ахсаана 3372 буолан турар. Мантан 1366-та биэ, үс сааһыгар диэри сүөһү ахса – 753 тэҥнэһэр. Быйыл 683 кулун төрөөбүт. Сылгы Собуотун сылгытын уопсай ахса — 1772.
Хаһаайыстыбаны тутар үгүс дьон ходуһаҕа үктэннэ. От сир сиринэн араастык үүммүтэ бэлиэтэнэр. Ол курдук Арҕахтаахтар 387 туоннаттан 102 туонна от ылан, былааннара 26.3% тэҥнэспит. Өлөөкө Күөлүгэр (1498т.) — 117т.(7,8%); Сыбаатайга (420т.) — 95т. (22,6%); Эбээххэ: (676т.) — 120т.(17,7%); Налимскайга: (514т.) — 43,5т.(8.4%), Сылгы Ыытарга (360т.) — 17т.(4,7%), Ойуһардаахха: (1255т.) — 177т.(14,1%); Хатыҥнаахха: (240т.) — 56т.(23,3%) хомуллубут. Онон улуус үрдүнэн, 728 туонна от оттонон, былаан 13,3% тэҥнэспит.

(Хаартыскаҕа: Бары күүһү — ОККО. Сыбаатай).

Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше