Манна сылгылаах дьон сүөһүлэрин туруктарын көрдүлэр, кулуннар нүөмэринэн бэлиэтэннилэр, бэтэринээрдэр көмөлөрүнэн сүөһүлэртэн үөн түһэрии оҥоһулунна, кэмнээх быһыы туруорулунна.
Тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Владимир Сухомясов: «Күһүҥҥү бонитировкабытын кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон сүөһүлэрин көрүүттэн саҕалаатыбыт. Үлэ түмүгүнэн 25 киһи сылгыта, уопсайа 130 төбө көрүлүннэ. Сылгылар туруктара үчүгэй. Кыһын ырбыт сүөһү мэччийэн туруга тупсубут, этин туппут. Тустаах тэрээһини салҕыы, сылгы Собуотун бааҕаларыгар, Чоҥкуйаҕа уонна Байаҕалга ыытыахпыт».
Ааптар: Саргылана Кокорина
Хаартыска: Владимир Сухомясов