«Бу туһугар сөптөөх дьаһаллар уонна нэһилиэнньэ баҕата, туруулаһыыта наада», — диэн эрэдээксийэбит бүгүҥҥү ыалдьыта, социологическай наука дуоктара, Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба академиятын профессора, Билим үтүөлээх үлэһитэ, Орто Халыма улууһун уонна Хатыҥнаах нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Ульяна Алексеевна Винокурова сэһэргэһиибитин саҕалыыр.
Норуот иннин бэйэтэ көрүнүөхтээх, үйэ ирдэбилэ оннук
Сайдыыга элбэх сылтан турар кыһалҕалар улахан туорайдаһыыны оҥороллор. Орто Халыма куоратыгар биир сүрүн кыһалҕа — ититии ситимигэр холбонуу. Нэһилиэк олохтоохторо 100% ититиигэ холбонон олороллор, оттон куорат биир өттө, быһа холоон 20% ититиигэ холбоно илик. Нэһилиэнньэ хаарбах туруктаах «Южнай» хочуолунай кыстыгы туораппытыгар махтанан олорор. Манна улуус дьаһалтата, ОДьКХ судаарыстыбаннай тэрилтэ буоларын быһыытынан, тустаах дьаһаллары биэрэр кыаҕа суох, сокуон быһыытынан нэһилиэнньэҕэ усулуобуйа оҥорор, хонтуруоллуур, дьаһаллыыр, сокуоҥҥа көрүллүбэти ылсар бырааба, боломуочуйата суох. Тиксэһиннэрээччи эрэ быһыытынан хамсааһыннары оҥоруон сөп. Бу тэрилтэ бэйэтин судаарыстыба ыйар бырагырааматынан, өрөсүүрсэтинэн салайынар, олохтоох салайыныыга бас бэриммэт. Холобур, Аэропорт да боппуруоһа, судаарыстыбаннай тэрилтэ буолан, СӨ Ил Дарханын боломуочуйатыгар киирбэт.
Оттон мандааттаах дьокутааттар, норуот туһугар ханнык баҕарар боппуруоһу туруорсар, көтөҕөр, сурук суруйар бырааптаахтар, боломуочуйалаахтар. Кинилэр норуот иннигэр көмөлөһүөхпүт диэн туруоруммуттара, итэҕэли ылан мандаат ылбыттара. Онон дьокутааттар үлэлиир эбээһинэстээхтэр, элбэҕи олохтуур кыахтаахтар. Куорат дьокутааттарын кытта көрсүһүүгэ, «Южнай» хочуолунайа саҥардыллар үлэтигэр хамыыһыйа оҥорон хонтуруоллуоххутун, көмөлөһүөххүтүн сөп диэн сүбэлээтим. Билигин уопсастыбаннай хамсааһын хамсатар үйэтэ турар, кинилэр ситиһэр суоллара-иистэрэ тэлиллиэхтээх, онон сүрүн эрэбил дьокутааттарга ууруллуохтаах. Манна даҕатан эттэххэ, дьон сэргэ түмсүүтүн былааһынан (публичная власть), түөлбэлэр туруорсууларынан, ТОС тэринэн, уопсастыбаннай тэрилтэлэринэн элбэх боппуруос кыалыан сөп. Норуот бэйэтин иннин, бэйэтэ көрүнүөхтээх.
Иккиһинэн, ханнык да хайысхаҕа, үлэҕэ каадыр боппуруоһа олус сытыытык турар эбит. Манна сүрүн харгыс — кыра хамнас. Бэл тыын үлэлээх дьон, холобур, хачыгаарбыт, кыра хамнаска, ыарахан усулуобуйаҕа, күнүстэри-түүннэри, үлэтин чааһын таһынан үлэлиир. Дьиҥнээх патриот дьон буолан үлэлииллэр, диэн санааҕа кэллим. Хамнаһы эмиэ дьокутааттар туруорсан көмүскүөхтэрин сөп. Онон дьокутааттар былааһы кытта бииргэ үлэлээн, олох уйгутун тупсарыах тустаахтар. Дьон олохсуйа хааларыгар, саппаас кыах, өрөсүүрсэ баар буолуохтаах.
Баһылыктары кытта көрсүһүүбэр, биир да баһылык дьокутааттарынан тирэҕирэбин диэбэтэ. Аҕыйах уопсастыбаннай хамсааһын этилиннэ: орто саастаахтар, бэтэрээннэр Сэбиэттэрэ, дьахтар кэмитиэтэ… бу олох аҕыйах, ортотунан 10 структура олохтонуохтаах, эдэр ыччаппыт, аҕабыт түмсүүтэ, эр дьон күүһэ-көмөтө уо.д.а. ханналарый? Улууска гражданскай уопсастыбаны күүһүрдүөххэ наада диэн түмүк санааҕа кэллим.
Тырааныспар боппуруоһун толкуйдуохха наада
Биир сүрүн тыын боппуруос — тырааныспар. Хайдах салгынынан көтүүнү сайыннарыахха сөбүй? — диэн боппуруоска баһылыктары кытта элбэҕи кэпсэтэн, ырытан көрдүбүт. Манна тарыып, бырайыас ыарахана биллэр суол. Бу хайысханы стартегическай тирэхтээх зона быһыытынан ылынан, аартыка улуустарын иһинэн «Полярный круг» диэн аат-статус ылыннахха, сүрүннүүр көмө, бырагыраама олоххо киириэх этэ. Күүскэ ылыстахха, толкуйдаатахха ситиһиэхпитин сөп дии саныыбын.
Олоҥхо ыһыаҕа угуйар, уһугуннарар, үбүлүүр да кыахтаах
«Олоҥхо ыһыаҕа-2029» Орто Халыма улууһугар ыытыллара — үөйбэтэх өттүбүтүттэн, дириҥ суолталаах ыҥырыы курдук киирдэ. Бу креативнай экономика көрүҥэ, социальнай-экономическай сайдыыбыт саҥа таһымҥа тахсар тирэҕэ буолар. Элбэх итэҕэһи туоратарга сүдү кыах бэрилиннэ. Талааннаах дьон ыллаан-туойан ыһыаҕы тэрийиэхтэрэ диэн буолбатах… Тэрээһин сиэринэн, улуус киин куората тупсуутугар сүдү улахан бырайыактарга, бырагыраамаларга ылсан үлэлиэххэ наада. Быһыты (дамба) оҥоруу, сибээһи, суолу-ииһи тупсарыы, ититэр ситимҥэ 100% холбонуу, хаарбах дьиэттэн көһүү, тутуу, дьон олохсуйуута, дьон чааһынай дьиэни туттуута, биир тылынан кырдьаҕас куораппыт инники сайдыытыгар саҥа тыын угарга идеиэйэ киирдэ. Бу бырайыакка анал дириэксийэ олохтонон үлэлиэн наада. Бэлэмнэнэргэ 5 төгүрүк сыл баар, күн сарсыҥҥыттан тура-тура турууластахха кыаллыаҕа. Бэлэмнэнии бырайыагар көрөрбүнэн, Иккис Хаҥалас нэһилиэгэ тутуу өттүн ылсыах буолбут. Кинилэр бу күһүн, матырыйаала, сирэ-уота бэлэм турар «Арчы» дьиэтэ олоххо киирэригэр төһүү күүс буоллуннар, бу, ыһыахха бэлэмнэнии сүрүн саҕалааһына — Старт буолуоҕа. Тэрээһин чэрчитинэн элбэх көрсүһүү буолла, баҕа санаа бөҕө этилиннэ, уопсастыбаннай бөлөхтөр, салайааччылар өттүлэриттэн тэрийсиэх, көмөлөһүөх баҕа баар. Маны сэргэ, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьоҥҥо, бизнес сайдыытыгар улахан кыаҕы биэрэр. Сылгы Собуота кымыһын оҥорууну баһылыаҕын наада. Сылгы ииттэн олорон, ыһыаҕы дьиҥнээх кымыстаах көрсүөхтээхпит.
Бырабыыталыстыбаҕа, чуолаан Дмитрий Садовников, култуура миниистэрэ Афанасий Ноев уонна улууспут кураатара, тутуу миниистэрэ Виктор Романов кэмигэр сөптөөх көмөнү оҥоруохтара диэн эрэнэбин.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ыһыах чэрчитинэн үс Халыманы холбуохха наада. Үйэ тухары «Колымский край» дэнэн, силбэһэн олорбут улуустарбытын, киин буоларбыт быһыытынан кытыннарыахтаахпыт. Биһиги Саха Өрөспүүбүлүкэтин гиэрбэтигэр баар сэттэ алмааһын, сэттэ араас омуга олохсуйан олорор улууһа буоларбытынан даҕаны, кинилэри ыҥырар эбээһинэстээхпит. Суолтата онно сытар.
«Талисман Среднеколымска» диэн ааттыыр ытыктанар киһибит, Анна Васильевна Шадрина түмпүт култуурунай дастайаанньатын сырдатыахха наада. Бу поликултуурунай үлэни ылсалларыгар, Н.И.Шарин аатынан Орто Халыма орто оскуолатыгар туһаайылынна. Аҥаардас Анна Шадрина матырыйаалларынан Халыма култууратын кэпсиэххэ, көрдөрүөххэ сөп.
Халыма дьоҕурдаах, талааннаах, айылҕалаах дьонунан баай, онон култууруна й тэрээһин өттүнэн эрэбилим улахан, эбэн этэрим суох.
Онон, сырыым чинчийиитин түмүгүнэн — Орто Халыма улууһа нэһилиэнньэтинэн, актыыбынай позициятынан, айылҕатын кыаҕынан, географическай да хайысхатынан үүнэр-сайдар потенциаллаах.