Саха сиригэр онколог бырааска 13 000 киһи учуокка турар. Сүрүннээн тарҕаммыт искэн ыарыылара: тыҥа, эмиий, быар искэннэрэ буолаллар. Бэлиэтээн эттэххэ тыҥа уонна эмиий искэҥинэн ыалдьыы, бүтүн аан дойдуга үрдүү турар, онтон атын дойдулары кытта тэҥнээн көрдөххө, биhиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ордук быар искэнинэн ыалдьыы үрдүк.
— Онкология диэн тугуй?
— Билигин дьон ыйытарыттан иһиттэххэ, биллэххэ, мэдэссиинэҕэ сыһыана суох дьон Онкология диэн тугун ситэ өйдөөбөттөр эбит. Онкология диэн искэҥнэри (опухоли) сүрүннээн куһаҕан (злокачественные) искэҥнэри үөрэтэр, чинчийэр уонна искэни эмтиир ньымалары быһаарар мэдэссиинэ биир сүрүн салаата буолар.
— «Куһаҕан» искэн «үчүгэй» искэнтэн туох уратылааҕый?
— Куһаҕан искэн үчүгэй искэнтэн сүрүннээн 2 уратылаах: үчүгэй искэн «экспансивно» улаатар, ол эбэтэр атын уорганнары туората-туората улаатар, онтон куһаҕан искэн улаатар кэмигэр тугу да туораппат, атын уорганнарга батары үүнэн барар. Иккис сүрүн уратыта, үчүгэй искэн атын уорганнарга тарҕаммат, биир сиргэ улаатар, онтон куһаҕан искэн атын уорганнарга хаанынан, лимфа нөҥүө тарҕаныан сөп.
— Киһи бу куһаҕан искэнинэн ыалдьыбат туһугар тугу гыныахтааҕый?
— Бу ыарыыга ылларбат курдук сэрэтии үлэтэ (профилактика) баар буолуохтаах, ол курдук сэрэтии үлэтэ икки түһүмэхтээх:
Бастакы түһүмэҕэ: чөл олоҕу тутуһуу, куһаҕан дьаллыктартан аккаастаныы, сөпкө аһааһын, утуйуу; эти-хааны сайыннарыы, дьарыктаныы; ыйааһыны көрүнүү; араас тас дьайыылартан харыстаныы (күн сардаҥатыттан, кыһын ачыкы кэтиититтэн сэрэхтээх буолуу о.д.а.)
Иккис түһүмэҕэ: чугас аймахтара ыалдьар дьоҥҥо; буортулаах эттиктэри таһаарар сирдэргэ үлэлиир дьоҥҥо; айылҕа улаханнык эмсэҕэлээбит, уута-салгына сүһүрбүт, киртийбит сирдэргэ олорор дьоҥҥо (собуоттардаах, сир баайа хостонор).
Маннык сирдэргэ үлэлиир, олорор дьону, сылга кырата биирдэ, бырааска көрдөрүнэллэригэр сүбэлиибин. Бу искэн ыарыытын саҥа үөскээн эрдэҕинэ төрдүттэн ылан эмтэнэр. Киһи оччотугар чөлүгэр түһэн үтүөрүөн сөп. Билигин дьон бэйэтин эрдэттэн син көрүнэр буолла эрээри, үлэттэн дуу, бириэмэ суоҕуттан дуу, улахаҥҥа уурбат дьон син биир баар. Холобур, киһи улаханыгар тахсан киирэн баран хаан дуу, туох эмит сүмэһин дуу баарын көрдөҕүнэ, хайаан да бырааска тиийэн көрдөрүнүөхтээх, «геморрой быһылаах» диэн сабаҕалаан баран сылдьыллыа суохтаах.
— Көрдөрүнүөн баҕалаах дьон тугу гыныахтааҕый?
— Хас биирдии киһи олорор аадырыһынан балыыһалаах. Онно баран учаастагын терапевт бырааһыгар суруттаран, киирэн туох кыһалҕалааҕын кэпсиир, үчүгэйдик көрдөрөн, анаалыс, чинчийиилэри оҥорон, ол түмүгүнэн бу киһи салгыы тугу гыныахтааҕын терапевт сиһилии өйдөтөн биэрэр. Туох эмит искэҥҥэ сабаҕалааһын баар буоллаҕына, онколог бырааска ыытар.
— Тутатына онкодиспансерга көрдөрүөххэ сөп дуо?
— Биһиэхэ тутатына кэлэр кыаллыбат. Ити эрдэ эппитим курдук бэйэлэрин балыыһаларыттан направлениелаах эрдэ суруттаран кэлэллэр. Ол оннугар, биһиэхэ Онкопоисксаха.рф диэн бырайыак баар. Онно Саха сиригэр олорор киһи докумуоннаах (паспорт, СНИЛС, полис) тиийэн бэйэтин сааһынан тургутан көрүөн сөп. Ол курдук эр дьоҥҥо: тыҥа, оһоҕос, быар, самах былчархайын (предстательная железа), оттон дьахталларга: тыҥа, оһоҕос, эмиий, быар, киэли хапчаҕайын (шейка матки) тургутан көрүөхтэрин сөп. Үлэлиир кэмэ: бн-бэт. 09:00 — 16:20. +7 (962) 731-18-00
— Онкологияны эмтиир туох ньымалар баалларый?
— Хирургия (сүрүн ньыма), радиотерапия, эминэн эмтээһин (химиотерапия, иммунотерапия, таргетная, гормонотерапия).
Доруобуйаҕытын эрдэттэн көрүнүҥ, чэгиэн буолуҥ!
Ааптар: Федотов Маркел Александрович, Саха сирин онкология диспансерын таһыттан сылдьан искэни эминэн эмтиир салаатын онколог-химиотерапевт бырааһа