Олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама

Сылын аайы нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама чэрчитинэн тыа сирин олоҕо-дьаһаҕа сайдар, олохтоохтор баҕа санаалара туолар.

Иккис Мээтис нэһилиэгин олохтоохторо анал бырагырааманан «Национальнай искибиэри олоххо киллэрии» (Обустройство национального сквера) бырайыагы өйөөтүлэр. Тустаах бырайыак олоххо киирэригэр анал бырагыраама   — субсидиянан 2 000 000 үбү биэрэр. Бу суумаҕа нэһилиэк олохтоохторо 50 тыһыынча хомуйан көмөлөспүттэр, олохтоох дьаһалта 300 000 көрбүт. Онон Сыбаатайга сотору кэминэн, Ыһыах ыһар түһүлгэттэн ураты, «Арчы» дьиэлээх, балаҕаннаах, саха култууратын духуобунаһын сайыннарар анал миэстэ баар буолуоҕа.

Иккис Хаҥалас нэһилиэгэр тустаах бырагырааманан «Агромаш-90 ТГ» тимир типиликтээх (гусеничный) тыраахтар ылыллыбыт. Бырайыак суумата 4 408 000 солк. тэҥнэһэр. Ол курдук судаарыстыба биэрэр 2 мөлүйүөнүгэр, олохтоох дьаһалта 2  228 000, нэһилиэнньэ 180 000 көмө хомуйбут. «Олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраамаҕа быйыл нэһилиэк олохтоохторо, чуолаан Дьокуускай куоракка уонна атын улуустарга олорор биир дойдулаахтарбыт көхтөөхтүк кытыннылар, улахан көмөнү оҥордулар. Тиэхиньикэбитин аукциоҥҥа кыайбыт урбаанньыт (В.В.Михайлов) бу ыйга Дьокуускай куоракка аҕалыахтаах.  Тыраахтар баһаартан сэрэхтээх буолуу үлэтигэр туһуланар сыаллаах-соруктаах ылылынна», — диэн баһылыгы солбуйааччы Полина Тырылгина иһитиннэрдэ.