Николай Чукров — бастакы «Азия оҕолоро» оонньуу уотун уматааччы

Бу күннэргэ бүтүн өрөспүүбүлүкэ норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуу күрэхтэһиитин кэтиир. «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуу 1996 сылтан, хас 4 сыл аайы, Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев көҕүлээһининэн ыытыллаллар. 7 сайыҥҥы оонньуулартан 6-та Саха сиригэр, 1 оонньуу Приморскай кыраайга, 2 кыһыҥҥы оонньуулар Сахалин уонна Кемерово уобаластарыгар ыытыллыбыттара. Быйылгы VIII-с норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуу бэйэтин төрүттэммит сиригэр төнүннэ. Манна 24 араас дойдуттан барыта — 2500-тэн тахса спортсмен кыттар.

Улахан олимпийскай оонньууларга уот уматар үгэс 1928 сыллаахтан тутуһуллар. Күрэхтэһии уота кыайыыны, эйэни уонна доҕордоһууну көрдөрөр. Бу үгэс «Азия оҕолоро» оонньууларыгар эмиэ тутуһуллар.

Николай Чукров аата Саха сирин успуордун устуоруйатыгар аан бастаан ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» күрэххэ уот умаппыт спортсмен быһыытынан киирбитэ. Кини Орто Халыматтан төрүттээх аатырбыт саха тустууга Захар Николаевич Чукров улахан уола. Уус Алданнааҕы оҕо спортивнай оскуолатын иитиллээччитэ. 1996 сыллаахха «Азия оҕолоро» күрэхтэргэ көҥүл тустуу чөмпүйүөнэ.

Николай Захаровичтан бастакы оонньуу хайдах ыытыллыбытын билээри интервью ыларга сананным:

— «Азия оҕолоро» оонньуу уотун уматааччы буоларгытын кимтэн истибиккитий уонна сонуну хайдах ылыммыккытый?
— Сонуну тириэньэрбиттэн соһуйа истибитим уонна тутатына тоҕо чопчу миигин талбыттара буолуой диэн ыйытык үөскээбитэ. Ол эрэн, дьон миигин улахан спортсмен курдук көрөллөр эбит диэн астына санаабытым.

— Оонньуу уотун уматар төһө долгутуулаах этэй?
— Маҥнай, оҕотук санаабар, улахаҥҥа уурбатаҕым. Улахан уоту уматабын, онон бүтэр дии санаабытым. Онтон, кирилиэһинэн тахсан, стадиону эргийэ көрөн баран наһаа долгуйбутум. Дьон болҕомтото барыта мин диэки этэ. Онно туран, эппиэттээх сорудах сүктэриллибитин өйдөөбүтүм. Хайдах эрэ, былыргы Рим гладиаторын курдук санаммытым.

— Бу түгэн эһиги бастакы оонньууларга кыайаргытыгар төһө күүс эппитэй?
— Оонньууга киирбит Саха сирин хамаандатын оҕолоро, бары кыайыы туһугар үлэлиэхтээхпитин билэрбит. Ол эрэн, мин күрэхтэһии уотун уматааччыга, икки бүк эппиэтинэстээх этэ.

— Оонньуу хайдах ааспытай? Элбэх сыл кэннэ ону эһиги туох дии саныыгытый?
— Хас түөрт сыл аайы, «Азия оҕолоро» оонньуу ыытыллар кэмигэр, урукку кэмнэри ахтан-санаан ааһабын. Биһиги Саха сирин чиэһин көмүскүүрбүтүттэн киэн туттан, бары сатабылбытын, кыахпытын туһанан күрэхтэспиппит. Саха сирэ Аан дойду таһымнаах, киэҥ масштабтаах сыалы туруоруммутун өйөөбүппүт. Биһиги Өрөспүүбүлүкэбит киэҥ далааһыннаах тэрээһиннэри ыытар кыахтааҕын билбиппит.

— Бу умнуллубат түгэн эһиги инники олоххутугар төһө күүскэ дьайбытай?
— Бу кэмтэн ыла норуот миигин спортсмен быһыытынан билиммитэ уонна инники кыайыыларбар көмө буолбута буолуо дии саныыбын. Оонньуу уотун уматар чиэскэ тиксибиппиттэн наһаа үөрэ саныыбын. Ол түгэни дьон билигин да өйдүүрүттэн долгуйабын, үөрэбин, астынабын.

— Успуорка атын, өйдөнөн хаалбыт ситиһиилэргитин кэпсиэххит дуо?
— Мин бэйэбин улахан спортсмен курдук санаммаппын. Ол эрэн элбэх күрэхтэһиилэргэ сылдьан элбэх үтүө доҕоттордоннум, араас дойдулары көрдүм.

— Билиҥҥи «Азия оҕолоро» оонньуу кыттыылаахтарыгар тугу баҕарыа этигитий?
— Бары оонньуу кыттаачыларыгар ыраас кыайыылары, туруоруммут сыалларын ситиһэллэригэр. Олоххо чөмпүйүөн аата буолбакка кэрэҕэ тардыһар, үтүө киһи буолуу сыаналанар. Барыгытыгар эйэни, үтүөнү баҕарабын.
Николай Захарович төһө да биллэр-көстөр киһи буолбутун иһин сэмэй уонна дьоһуннаах киһи. Бастакы «Азия оҕолоро» оонньуулар кэннэ Николай Чукров успуорка ситиһиилэрэ элбэх. Ол курдук кини Саха сирин араас таһымнаах көҥүл тустууга уонна хаспаҕай көрүҥэр элбэх төгүл чөмпүйүөннээбитэ. 2012 сыллаахха Европаҕа, хапсаҕайга абсолютнай чөмпүйүөнэ, Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин успуордун маастара.
Билигин Николай Захарович Чукров бэйэтин төрөөбүт улууһугар Орто Халыма куорат дьаһалтатын баһылыгынан үлэлиир. Николай Захаровичка түбүктээх үлэтиттэн быыс булан кэпсэппитигэр махтанабын. Киниэхэ уйгулаах олоҕу, кытаанах доруобуйаны, ситиһиилээх үлэни баҕарабын.

Ааптар: Айсен Винокуров, Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын 2024 сыллаах выпускнига

Читайте дальше