Настаабынньык — кэскиллээх үлэ ситимэ

Кырдьаҕас куораппыт төрүттэммитэ 380 сыла, улууспутугар Аҕа сыла, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ  уонна дойдуга уһуйааччы уонна настаабынньык сыла биллэһиллибитин  биһиги кэлэктиип сэргии истибиппит. Ол чэрчитинэн, балаҕан ыйын 27 күнүгэр — Өрөспүүбүлүкэҕэ уһуйаан иитээччилэрин күнүнэн, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, ытык-мааны  бэтэрээннэрбитин,  истиҥник саныыр доҕотторбутун, сайаҕас  иитээччилэрбитин Орто Халыма куорат сахалыы тыыннаах  «Саһарҕа» уһуйаан кэлэктиибин аатыттан  итиитик-истиҥник эҕэрдэлээн туран, алгыс маанытын аныыбыт.

Орто Халыма куорат сахалыы тыыннаах «Саһарҕа» сандаарар Оҕо уһуйааныгар СӨ үөрэхтээһинин туйгуна, СӨ уонна Орто Халыма улууһугар «Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин сайдыытыгар кылаатын иһин» уонна «СӨ оскуола иннинээҕи үөрэхтээһинин 100 сыла» бэлиэ хаһаайына,  үрдүк категориялаах  иитээччи Татьяна Дмитриевна Алексеева оҕо эйгэтигэр  43 сыл иитээччинэн үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьар.

Кини кэнчээри ыччаты иитэн-үөрэтэн, ийэ тыл кэрэтигэр уһуйан, оҕо кыра сааһыттан сайдариитиллэр эйгэтин тэрийэн,  дьоҕурун, талаанын сайыннаран, кэрэҕэ-үрдүккэ сирдиир биир бастыҥ настаабынньыкпыт буолар. Татьяна Дмитриевна Дьокуускайдааҕы педагогическай училищаны 1980 сыллаахха бүтэрэр. Төрөөбүт дойдутугар Сылгы Ыытар бөһүөлэгэр, салайааччы Наталья Алексеевна Колесова  кинини уһуйуллубут уһуйааныгар үлэҕэ ылар. Ол курдук, 10 сыл эҥкилэ суох үлэлээн, 5 выпуһу ситиһиилээхтик таһаарбыт.

1995 сыллаахха Орто Халыма  куорат сахалыы тыллаах «Саһарҕа» уһуйааҥҥа үлэҕэ киирэр.  Оччолорго саҥа тутуллан үлэҕэ киирбит, оҕо уһуйаанын тэрилтэтин Зоя Иннокентьевна Парникова салайара. Татьяна Дмитриевна  сахалыы тыыннаан  «Сардаана» диэн ааттаабыт бөлөҕүттэн  9  выпуһу иитэн-үөрэтэн, такайан таһаарда. Тоҕо «Сардаана» диэн ыйытыыга, кини маннык хоруйдуур: «Саха сиригэр үүнэр Сардаана сибэккини сэргээбэт киһи, арааһа, суоҕа буолуо. Сибэкки кэрэтэ хоһооҥҥо хоһуллар, ырыаҕа ылланар. Хас биирдиибит сүрэҕин манньытар. Өскөтүн ньургуһун күүстээх санааны туоһулуур  буоллаҕына, Сардаана сибэкки сахаларга  ураты суолталаах: сырдык санаа, ыраас таптал  туоһута, кэрэҕэ  тардыһыы бэлиэтэ. Онтон, биһиги оҕолорбут сибэкки курдук кыралар, нарыннар уонна дьоллоохтор».

2020 сыллаахха Татьяна Дмитриевна үлэлээбитэ 40 сылын бэлиэтиир айар киэһэтигэр, бэйэтэ чочуйбут араас оҥоһуктарын, кумааҕынан 40 сардаана сибэккини, харах хайгыыр үлэлэрин тус быыстапка гынан дьон-сэргэ көрүүтүгэр таһаарбыта.

Уһуйааччы уонна Настааабынньык сылыгар хас биирдии  үөрэтэр-иитэр салааҕа үлэһит киһиэхэ болҕомто ууруллубута. Ол курдук, хас сыл аайы ыытыллар улуустааҕы уһуйааччылар күрэхтэрэ ураты хайысханан «Уһуйааччы уонна Настаабынньык» диэн ааттанан олус интэриэһинэйдик ыытыллыбыта.

Бу күрэххэ Татьяна Дмитриевна туора турбакка,  кинини кытта биир тэҥҥэ үлэлии сылдьар эдэр эрчимнээх иитээччилиин, Александра Альбертовналыын ситиһиилээхтик кыттан I миэстэҕэ тиксибиттэрэ. Эдэр киһи үлэҕэ миэстэтин булунарыгар, сыаналыырыгар уһуйааччы ордук кыһаллан сүбэлээн-амалаан улахан уопутун киэҥ араҥаҕа таһааран көрдөрбүттэрэ. Бу үлэлииллэригэр саҥа сүүрээни киллэрэн «Педагогический кейс», «Мой выбор» бырайыагы настаабынньык уонна иитээччи бииргэ былааннаан, уһуйааччы сырдыкка, билиигэ уопутун эдэрдэргэ тириэрдэр бэртээхэй  хартыынатын көрбүппүт.

Хас биирдии киһи олоҕор Педагог уонна уһуйааччы диэн ѳйдѳбүл быһаччы сыһыаннаах диэн сыаналыыбын. Тоҕо диэтэххэ, киһи тѳрѳѳн-үөскээн бу орто дойдуга уһуйааччыттан, иитээччиттэн кынаттанан олоҕун суолун булар. Ол иһин, хас биирдии киһиэхэ уһуйааччы, иитээччи, педагог билиитэ-кѳрүүтэ туһалаах уонна олоҕун оҥосторугар тѳһүү күүс буолар.

Бу курдук өбүгэлэрбит сахалыы өс хоһооннорун «Кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин» диэн мээнэҕэ этиллибэтэҕин, настаабынньык дьоммутун өрө тутуоҕуҥ, уопуттарын атастаһыаҕыҥ, өйдүү-саныы сылдьыаҕыҥ. Ону тэҥэ эдэр эрчимнээх үлэһиттэр саҥалыы көрүүлэрин олоххо киллэриэҕиҥ, биир сомоҕо буолан үлэлиэҕиҥ.

Уһуйааччы уонна Педагог, Аҕа сүбэһит, Үлэ сыла,  кэрэ-бэлиэ  түгэннэри аҕаллын, билии-көрүү киэҥ аартыктара арылла, сайда, үүнэ  турдуннар. Ииппит-үөрэппит оҕолоргут үтүө-мааны майгылаах,  сырдыкка инникигэ тардыһыылаах, дьон бэртэрэ буола улааттыннар  диэн  баҕа санаабытын тиэрдэбит.

 

Варвара Оконешникова