Кэнники сылларга, аймах-билэ дьон, урууларын саҥаран-иҥэрэн, кэпсээн эрэ билиһиннэрбэккэ, аймахтарын сурукка киллэрэн, төрүччү оҥорор буоллулар. Олунньу 15 күнүгэр биһиги нэһилиэкпитигэр «Оҕо уонна Дьиэ кэргэн» сылын чэрчитинэн, олохтоох бибилэтиэкэ «Мин төрүччүм» куонкурус тэрийэн ыытта.

Куонкурус балаһыанньатынан, ким элбэх төрүччүнү булбута, урууларын төрөөбүт ыйдара суруллуулара уонна бэйэлэрэ киэргэтэн, бэчээттээн таһаарыылара көрүлүннэ. Уопсайа 10 киһи кытынна, Дьокуускай куораттан М.М.Оконешников диэн оҕо кыттыыны ылла. Ыалынан аахтахха, 163 ыал төрүччүтэ оҥоһулунна. Бу төрүччүлэр копиялара бибилэтиэкэҕэ хаалла.Күрэхпит түмүгүнэн, I-кы миэстэни Римма Бандерова, II-с миэстэ Мария Бандерова, III-с миэстэ Евдокия Бандерова буоллулар.

Кыайыылаахтар кыраамата уонна харчынан бириэмийэ туттулар. Кыттыбыт бар дьоммутугар улахан махталбын тиэрдэбин. Тус олохторугар дьолу, доруобуйаны баҕарабыт. Удьуорунан, ууһунан өссө да кэҥии-тэнийэ турдуннар.

Ааптар: Жанна Тарасова, Ойуһардаах бөһ.

Хаартыска: «Мин төрүччүм» куонкурус кыайыылаахтара

Читайте дальше