Талааннаах киһи эргиччи талааннаах дииллэр. Ол курдук, билим эйгэтигэр, успуорка ситиһиилээх, айар куттаах, геология уонна минералогия билимин хандьыдаата, ох саанан ытыыга Арассыыйа успуордун маастарыгар хандьыдаата, Орто Халыма улууһун киэн туттар ыччата Максим Васильевич Кудрин буолар. Кини дойдутугар кэлэ сылдьан, биһиги эрэдээксийэбит мааны ыалдьытынан буолла.
— Максим Васильевич, бэйэҥ тускунан ааҕааччыларбытыгар сиһилии билиһиннэр эрэ.
— Мин 1985 с. муус устар 26 күнүгэр Хатыҥнаах нэһилиэгэр Ульяна Егоровна уонна Василий Петрович Кудриннар биэс оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕонон күн сирин көрбүтүм. 2003 с. Хатыҥнаах оскуолатын бүтэрбитим.
Ол саҕана БКЭ киирбитэ, эксээмэннэрбин барытын ситиһиилээхтик туттарбытым, онон учууталларбар махталым улахан. Математика уруогар ордук сөбүлээн дьарыктанарым, учууталым Андрей Васильевич көҕүлээһининэн, уһулуччу түмүктэрдээх буоларым.
Математика өттүгэр туттарсар баҕалаах этим, ол эрэн онно киирбэтэҕим, мин курдук сырыылаах киһиэхэ, чуҥкук буолуох курдук этэ. 2003 – 2008 с. СГУ геолого-разведочнай факультетыгар геолог идэтигэр үөрэммитим.
Хоту дойду оҕолоро кыра эрдэхпититтэн айылҕалыын алтыһан улааттахпыт, ол иһин геология эйгэтин чугастык ылынан, сөбүлээн үөрэммитим.
— Билим эйгэтигэр хайдах кэлбиккиний? Үлэҕин-хамнаскын хантан саҕалаабыккыный?
— Билим эйгэтигэр устудьуоннуу сылдьан дьарыктанар этим, оччоттон баччааҥҥа диэри салайааччым улахан геолог-учуонай, Арассыыйа академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ Валерий Юрьевич Фридовскай буолар.
Былырыын Москубаҕа кандидатскай диссертациябын «Структура, минералогия и условия образования орогенного золоторудного месторождения Хангалас, Яно-Колымский металлогенический пояс» диэн тиэмэнэн көмүскээбитим.
Үөрэхпин бүтэрэн баран, 2008 с. Мииринэй Айхалыгар «АЛРОСА»-ҕа Амакинскай экспедицияҕа ананан барбытым. Онно саҥа киирээппитин кэннэ, Эдьигээҥҥэ баазалаах «Арктическая геологоразведочная экспедиция» арыйбыттара, биһигини эдэр дьону онно көһөрбүттэрэ. Саха сирин Аартыкатыгар алмааһы көрдөөһүҥҥэ алта сыл кэриҥэ үлэлээбитим. «АЛРОСА» экэнэмиичэскэй бэлиитикэтэ уларыйан, 2013 с. бүтүүтэ экспедициябытын сабан кэбиспиттэрэ, ол кэннэ 2014 с. Дьокуускайга көһөн кэлбиппит. «Институт геологии алмаза и благородных металлов СО РАН» научнай сотруднигынан үлэлии киирбитим быйыл 10 сыла.
Геология – киэҥ хайысхалаах эйгэ. Биһиги көмүс хаһан, хайдах, туохтан үөскээбитин сабаҕалыыр-көрдүүр үлэни оҥоробут. Биир ый кэриҥэ хайаларга сылдьан матырыйаал хомуйаммыт, сылы-сыллаан элбэх туһааннаах литэрэтиирэни хасыһаммыт, научнай үлэни (ыстатыйаны, отчуоту) суруйабыт.
2005 с. 19 саастаахпар бастакы экспедициябар Өймөкөөн оройуонугар сылдьыбытым. Арҕаа дойду сурунаалларыгар омук тылынан, ону тэҥэ Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ иһигэр научнай ыстатыйалары суруйабыт. Учуонай быһыытынан кэмпириэнсийэлэргэ кыттан, үлэбит түмүгүн сырдатабыт, ырытабыт. Институтпутугар, биир дойдулаахтарбыттан, Сиэн Күөл нэһилиэгиттэн Ярослав Тарасов диэн эдэр кэскиллээх аспираннаахпыт.
Ону таһынан, Третьяков Феликс Филаретович диэн Орто Халыматтан төрүттээх ытыктанар учуонайбыт, хомойуох иһин, 2022 с. олохтон туораабыта.
— Үлэҥ таһынан, ох саанан үлүһүйэн дьарыктанаргын истэбит. Бу туһунан сэһэргээ.
— Кыра эрдэхпиттэн успуорт бары көрүҥэр кыттарым. Ох саанан дьарыктаммытым номнуо уон сыл буолла, «АЛРОСА»-ҕа үлэлиир табаарыһым охчут этэ, ох туһунан киһини умсугутар гына кэпсиирэ. Оҕунан ытан көрбүт киһи ду, диэммин, кини эргэ блочнай ох саатын атыыласпытым. Аан бастаан холонон ытыыбар, тута сөбүлээбитим. Кылгас кэм иһигэр, утумнаах дьарык кэннэ 2014 с. Өрөспүүбүлүкэ Чемпионатыгар кыттаммын, Арассыыйа успуордун маастарыгар хандьыдаат нуорматын толорбутум. Халыматтан блочнай оҕунан утумнаахтык дьарыктаныыны Сылгы Ыытартан төрүттээх Евгения Иванованы кытта тэҥҥэ саҕалаабыппыт, кини Дьокуускайга, мин Эдьигээҥҥэ. Оччолорго саха оҕун ытыыта сайда илик этэ. Улууспутугар кэлиҥҥи кэмҥэ Халыматтан саамай элбэх, үрдүк ситиһиилэрдээх охчуппут кини буолар.
Саха оҕунан ытыы Өрөспүүбүлүкэҕэ 2017-2019 сс. оргууй тарҕанан барбыта. Кэминэн уопутуран, саха итэҕэлинэн эттэххэ, оҕуҥ иччилэнэн киирэн барар курдук.
Мин саха уонна блочнай оҕунан ытыыга өрөспүүбүлүкэҕэ хаста да миэстэлэһэ сылдьыбытым, 2019 с. бастакы Дьокуускай чемпионатыгар бастаабытым.
Орто Халыматтан ох ытыытыгар оскуола үөрэнээччилэрэ үрдүк таһымҥа тахсаллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Бастаан оҕолору сайыҥҥы лааҕырга сырытыннаран, сөбүлээтэхтэринэ интэринээт оскуолаҕа (Чурапчыга, Горнайга) олохтоон үөрэттэриэххэ сөп.
Бэйэм Дьокууускай куоракка Халымаларбын традиционнай оҕунан ытыыга дьарыктыыбын. Тумус туттар киһибит Егор Петрович Кудрин өйөбүлүнэн, «Юность» манеһыгар дьарыктанабыт. Орто Халыматтан Евгения Иванова, Кэрэчээнэ Кириллина, Лида Тарасова, Алена Акакиева, Алексей Созонов, Татьяна Рязанская (Кудрина) дьарыктаналлар.
Ох ытыытыгар баҕалаах киһи ситиһиилэниэн сөп. Оттон тус хаачыстыба туһунан эттэххэ, дьон саҥатыгар санаатын уурбат, киэҥ-холку майгылаах киһи ордук көрдөрүүлээх буолар. Холобур, үрдүк таһымнаахтык квалификационнай рауҥҥа ытаҕын, онтон спарриҥҥа биир киһи аттыгар туран ким үчүгэйдик ыппыта, кыайан тахсар. Ити кэмҥэ киһи сүрэҕин тэбиитэ күүһүрэн, олус долгуйар, ону уйунуохха наада. Ханнык баҕарар ытыы, дартс да көрүҥэ тус бэйэҕин кытта киирсэр успуорт буолар.
Успуорт таһынан, хоһоон, ырыа айан, ыллаан-туойан да ылабын.
Былырыын кэргэммин кытта Хатыҥнаах бөһүөлэгин Бочуоттаах олохтооҕо, самодеятельнай композитор, СӨ култууратын туйгуна Ф.И. Роббек айбыт ырыаларынан «Кубалар» диэн хомуурунньугу (ноталардаах) 100 ахсаанынан таһаартарбыппыт.
Манна улууспут дьаһалтата күүс-көмө буолбутугар махтанабыт. Бу үлэбит Хатыҥнаах социальнай эйгэтин сайыннарар сыаллаах, «Баай Хатыҥ» НКО чэрчитинэн барбыта.
Биир сөбүлүүр дьарыкпынан хаартыскаҕа түһэриинэн үлүһүйэбин. Үөрэтэр, чинчийэр сыаллаах айаммар, булка-алка өрүү фотоаппарат илдьэ сылдьан, айылҕа кэрэ көстүүлэрин, дьикти түгэннэри түһэрэбин.
— Дьиэ кэргэниҥ туһунан сырдата түһүөҥ дуо? Хайдах барытыгар бириэмэ анаан ситиһэҕиний?
— Үлэбэр, успуорка, атын да хамсааһыннарга чугас дьонум, дьиэ кэргэним өйөбүлэ тирэх буолар.
Кэргэним Татьяна Амматтан төрүттээх, идэтинэн нуучча тылын учуутала, ХИФУ-га үлэлиир. 2006 с. ыал буолбуппут, кыыспыт Алеся 10-с кылааска үөрэнэр, ону таһынан музыкальнай оскуолаҕа фортепиано салаатын уонна художественнай оскуоланы бүтэрбитэ.
Эдьиийим Сылык Маарыйа «судургу олох – чуҥкук, уустук олох – астык» диэн оскуолабын бүтэрэрбэр эҕэрдэ-алгыс суругар суруйбутун курдук, мин олоҕум оннук.
Киһи талаана диэн, бэйэтин ситиһиитэ буолбатах дии саныыбын, өбүгэлэргиттэн, төрүттэргиттэн бэриллэр.
— Дойдугар кэлэн үлэлээбит сырыыҥ, үлэҥ туһунан кэпсээ.
— Мин бу сырыым, бэйэбэр эрэ наада буолбакка, Халымам дьонугар туох эрэ туһаны аҕалбыт киһи диэн санааттан буолар. Улуустааҕы ох саа күрэҕэр, бэйэм абсолютнай күрэҕи ыытаммын, Евгения Ивановалыын анал кубоктары уонна уу харчынан бириис олохтоотубут.
Дойдубар Хатыҥнаахха бэтэрээннэр спартакиадаларын тэрээһинигэр кыттыыны ылбыппыттан астынным, күрэххэ анал бирииһи туруорбутум. Ох саанан ытыыга, дартска маастар кылааһы, хаартысканан быыстапканы көрдөрдүм.
Оскуола үөрэнээччилэригэр геология эйгэтигэр интэриэһи тардаары, үлэм хаамыытын туһунан профориентационнай лиэксийэлэри ыыттым, таас бэлэхтэри (кварц, галенит, слюда, горный хрусталь) туттардым. Геолог идэтэ билиҥҥи кэмҥэ үрдүк хамнастаах уонна олус наадалаах.
Бу курдук, дойдубар кэлэн дьоммун-сэргэбин кытары көрсөн, алтыһан, күрэхтэһии тэрийсибиппиттэн дуоһуйдум, күүс ыллым. Дойдум дьонугар дириҥник махтанабын уонна бары үтүөнү баҕарабын!
— Максим Васильевич, эн дойдугар кэлэн күндү ыалдьыт буолбуккар, биир дойдулаахтарыҥ ааттарыттан истиҥник махтанабыт. Түгэнинэн туһанан төрөөбүт күҥҥүнэн эҕэрдэлиибит! Тус олоххор дьолу-соргуну, чэгиэн доруобуйаны, өрүү ситиһии сиэтиилээх, үөрүү үктэллээх олоҕуҥ аартыга арылла туруохтун!
Ааптар: Оксана Слепцова