Халыматааҕы устудьуоннар этэрээттэрэ үлэ арааһын өрө тутан, улууспут киин куората тупсарыгар, саҥардылларыгар төһүү күүс буолар. Кинилэр хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан көтүрүллүбүт дьиэлэр оннуларын ыраастаан, саҥа тутуу ыытыллар миэстэтин сирин-уотун бэлэмнииллэр. Ол курдук бу күннэргэ Навроцкого уулуссаҕа турбут дьиэ оннун ыраастаан бүтэн, билигин Николаева уулуссаҕа үлэлииллэр.
«Оҕолор маладьыастар, бары эйэлээхтэр, толоругастар. Уолаттарым күүстээх-уохтаах үлэҕэ үөрүйэх оҕолор түбэспиттэрэ хайҕабыллаах. Ыйан-кэрдэн биэрдэххэ сорудахтарын олохтоохтук толороллор.
Киирбит сайаапканан, уулуссаларга уу ааһар ханаабаларын оҥорбуппут. Байыаннай дьайыыга кытта сылдьар буойуттарбыт дьиэ кэргэттэригэр көмө быһыытынан, оһох оттуллар мастары бэлэмнээбиппит. Маны сэргэ уолаттарым уунан кэлбит, Орто Халыматааҕы орто оскуола хапытаалынай өрөмүөнүгэр туһуланар малы-салы таһарга көмөлөспүттэрэ. Бу курдук күҥҥэ элбэх араас сорук турар. Оҕолор чэпчэкитэ суох үлэни толороллор. Аҥаардас дьиэлэр атахтарын хостуур, сирин уотун тэҥниир элбэх күүһү-уоҕу эрэйэр», — диэн этэрээт салайааччыта Аркадий Созонов үлэ барылын билиһиннэрдэ.
Ааптар: Саргылана Кокорина