Илья Оконешников: «Олоххо ананан кэлбит дьоҕурбутун туһаныахтаахпыт, олохпутун хайдах баарынан ылыныахтаахпыт»

Бүгүҥҥү биһиги ыалдьыппыт дьиҥнээх күүстээх санаа баар киһитэ. Кини доруобуйата хааччахтааҕынан олорон хаалбакка, үтүө санаатынан салайтаран олох кэрэтин-үтүөтүн сомсор, анаммыт күүһүнэн сирдэттэр. Кини дьулуурдаах спортсмен, айылҕаттан анаммыт идэлээх — Илья Оконешников.

— Илья, эйиигин ааҕааччыларбытыгар сиһилии билиһиннэриэх буолбутум ыраатта, кэпсэтиибитин хантан хааннааххыттан, кимтэн кииннээххиттэн саҕалыахха.
— Мин Бастакы Мээтис нэһилиэгиттэн Сылгы Ыытартан төрүттээхпин. 1971 сыллаахха, алтынньы 2 күнүгэр, 8 оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ 6-с оҕонон төрөөбүтүм. Ийэм Елена Михайловна Оконешникова (Березкина), аҕам Василий Егорович Оконешников. 1989 сыллаахха орто оскуоланы бүтэрэн сыбаарсык, охранник, атах таҥаһын оҥорооччу идэлэригэр үөрэммитим.

— Эйиигин спортсмен уонна массаас оҥорон дьон доруобуйатын чэбдигирдэр киһинэн билэбит. Бу икки эйгэҥ туһунан билиһиннэр. Успуортан саҕалыахха.
— Оҕо эрдэхпиттэн сүрэҕим мөлтөх буолан физкультура уруогар сылдьыбатаам. Оҕо эрдэхпиттэн анал аппараатынан истэрим, улахан оһол кэннэ истибэт буолбутум. Суругунан алтыһарбын ордоробун. Кыра сааспыттан дуобакка, саахымакка, теннискэ сөбүлээн дьарыктанарым. Тустуохпун баҕарар этим да дьарыкка ылбаттара. Ол эрээри 8 кылааска үөрэнэ сылдьан, Ойуһардаахха, Тихонов бирииһигэр көҥүл тустууга, баҕа күүһүнэн киирэммин, 48 ыйааһыҥҥа II-с миэстэ буолбутум. Баҕа санаам туолбутун олус үөрэ-астына өйдүүбүн. 9-c кылааска үөрэнэ сылдьан, Новосибирскай куоракка сүрэхпэр улахан эпэрээссийэ ааспытым. 2009 cыллаахха сүрэхпинэн III-с группалаах инбэлиит буолбутум, 2014 сыллаахха улаханнык оһоллонон II-с группаҕа таһаарбыттара. Бииргэ төрөөбүттэр бары успуорка көхтөөх буола улаппыппыт. Мариялаах, Христина билигин да успуортарын тута сылдьаллар. Эдьиийим Мария хайыһарга, теннискэ, волейболга үрдүк көрдөрүүлэрдээх.

— Кэнники сылларга успуорт тэрээһиннэригэр аатыҥ-суолуҥ инники күөҥҥэ ааттанар буолла. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбаларыгар хаһан киирбиккиний?
— Уопсастыбаҕа 2013 сыллаахха киирбитим. Онно киирэн дуобат, саахымат, ытыыга, теннискэ, сүүрүүгэ, чэпчэки атлетикаҕа, атах оонньуутугар, хайыһарга, мас тардыһыытыгар дьарыктанабын, күрэхтэргэ миэстэлэһэбин. 50-тан тахса мэтээллээхпин. Марафоҥҥа сүүрүүгэ, Алаһыай нэһилиэгиттэн төрүттээх биир дойдулаахтарым Марина Седалищеваны (Полюхова) уонна Дмитрий Созоновы кытта өрүү дойдубут аатыттан кыттааччыбыт. Бу курдук марафоҥҥа сүүрүүгэ доруобай дьонтон хаалсыбакка кытта сатыыбын. Бастаан Дьокуускай куорат доруобуйаларынан хааччахтаах дьон хамаандаларыгар киирэн күрэхтэргэ кыттарым. Дуобакка, саахымакка, ытыыга, теннискэ, сүүрүүгэ бириистээх миэстэҕэ тиксэрим. 2014 сыллаахха Орто Халыма хамаандата тэриллэн, хоту улуустарга III-с миэстэ ылары ситиспиппит.

2021с. Дьокуускай куоракка доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбаларыттан «Энергия года» анал аат биэрбиттэрэ. 2022 сыл түмүгүнэн улуус дьаһалтатын баһылыгын «Сыл бастыҥ спортсмена» граныгар анаммытым. Ааспыт сыл улуустааҕы инбэлииттэр спартакиадаларыгар теннискэ, банбинтоҥҥа, дарска, ытыыга, дуобакка бастыҥ миэстэлэри ылбытым. Бу саас доруобуйаларынан хааччахтаах дьон спартакиадаларыгар теннискэ бастаабытым, бэтэрээннэр спартакиадаларыгар бу көрүҥҥэ II-с миэстэ буолбутум. Аммаҕа ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиадаҕа биһиги хамаандабыт үрүҥ көмүс мэтээли кэппитэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэргэ хамаанданан кыттарбытын улууспут дьаһалтатын баһылыга И.В.Лаптев өрүү өйүүр. Түгэнинэн туһанан махталбытын биллэрэбит. Инникитин улууспут хамаандата, бу курдук, спартакиадаларга куруук кыттар буолуохпут диэн эрэнэбин.

— Дьону хаһааҥҥыттан массаастыыр буолбуккунуй? Туох санааттан бу эйгэҕэ киирбиккиний?
— Оҕо эрдэхпиттэн араас сырыыны иҥнибэккэ сылдьарым. Биир түгэни кэпсиэм этэ, биир үтүө күн суор буулаабыта, ханна барабын да батыһа сылдьара, иннибэр-кэннибэр түһэрэ, киһи дьиксиниэх курдук араастык хаһыытыыра, утуппат да буолбутугар, тулуйбаккабын, саабын ылан ытан кэбиспитим, охтубут сирин да баран көрбөтөөм. Ол кэннэ туох да табыллыбат буолбута, айаммар-сырыыбар мэһэйдэр баар буолбуттара, куһаҕан түүллэри көрөрүм. 2004с. Березовкаҕа тутууга үлэлии сылдьан, 10 миэтэрэ үрдүктээх сиртэн сууллан улаханнык оһолломмутум. Биирдэ соҕуруу Томскайга эмтэнэ сытан, аралдьыйаарыбын, интэриниэтинэн сиэр-туом, удаҕаттар, ойууттар бөлөхтөрүгэр киирбитим. Онно Маайыстыыр диэн билгэһит: «Эйиэхэ улахан удаҕан хара көтөр буолан кэлбитин өлөрбүккүн, саатар төбөтүнэн умса көмпөтөххүн, биллэр-көстөр киһи буолуохтааҕыҥ хаалбыт. Кини иэстэһэн араас моһолго түбэһэр буолбуккун. Ол эрэн күүстээх өбүгэлэриҥ араҥаччылыыллар эбит», — диэбитэ.

Биирдэ эмиэ оһоллонон ырайга көтө сылдьыбытым, үөһэттэн бэйэм сытарбын көрбүтүм. Уһун таҥастаах дьон: «Эн кэлэриҥ эрдэ, орто дойдуга түһэн дьоҥҥо көмөлөс», — диэн төттөрү ыыппыттара. Биирдэ билэр билгэһитим, дойдугар барыма, айа тардыллан турар, диэбитин итэҕэйбэккэ, айаннаан иһэн бураҥҥа бырахтаран эмиэ улаханнык оһолломмутум. Онтон ыла айылҕалаах дьону кытта алтыһар, өбүгэлэрбинэн сирдэтэр буолбутум. Биир билгэһит, ийэбин эмиэ эмтиир дьоҕурдаах эбит диэн көрбүтэ. Ийэм дьону имэрийэн ыарыыларын уҕарытара. Ийэм билигин 87 саастаах, Сылгы Ыытарга балтым Христинаны уонна убайым Михаилы кытта олорор. Онтон ыла сүбэһиттэрим сүбэлэрин ылынан, массаас идэтигэр үөрэнэн, 2019 сыллаахтан дьону эмтиир буолбутум. Араас куурустары ааһан, утуйан хаалбыт ньиэрбэни, эти-сиини уһугуннарабын, сиһи-хондуруоһу массаастыыбын, илии-атах сүһүөҕүн, тарпыт иҥиири сымнатабын, лазерынан төбө, кулгаах тымырдарын ыраастыыбын, мурун ыарыытын (гайморит) эмтиибин, хааны убатан тарҕатабын. Китайскай мэдиссиинэ аппарааттарынан, «Лечебнай сауна» уо.д.а. массаас араас ньыматын туһанабын. Дьон массаастатан этин-сиинин эрэ чөлүгэр түһэрэр диэн буолбатах, маҥнай ис уорганын үлэтин ыраастаан сааһылыахтаах. Ол кэннэ массаас ыллаҕына, хас эмэ бүк түмүгэ үчүгэй буолар. Маны сэргэ биоэнергетическэй массаас ньымата тас эйгэни (аураны) сааһылыыр, ыраастыыр.

Ол курдук кэнники сылларга Горнайга, Уус Алдаҥҥа, Аммаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка сылдьыбытым. Бу саас дойдубар үлэлээбитим. Маны сэргэ инсульт ыарыытыгар ылларбыт дьоҥҥо уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөбүн.

Дьон билэн-истиһэн сылдьар буолла, элбэх махтал сурук тутабын. Күүспэр итэҕэйэн массааска сылдьан эмтэнэр дьоммор махтанабын. Салҕыы дьарыкпын сайыннаран, успуорпун кытта доҕордоһон үлэлиир-сайдар санаалаахпын. Доруобуйабар эмсэҕэтиилээх буоламмын, дьону өйдүүбүн, көмөлөһүөхпүн ис сүрэхпиттэн баҕарабын. Айылҕаттан ананан кэлбит аналбытын толорду туһаныахтаахпыт, олоҕу хайдах баарынан ылыныахтаахпыт дии саныыбын.

Бу курдук биһиги бүгүҥҥү дьоруойбут, дьулуурдаах санаатынан салайтаран, элбэх моһолу туораан, өбүгэлэринэн сирдэтэн, айылҕаттан кэлбит аналын тобулбутун туһунан кылгастык сэгэтэн билистибит.
Кини бэриллибит кыаҕын толорду туһанан, дьон доруобуйата чөлүгэр түһэригэр көмөлөһөн, дойдутун тус аатынан ааттатар киһи буолан сайдан тахсыаҕа диэн санаанан ыстатыйабын түмүктүүбүн.

Ааптар: Саргылана Кокорина

 

Читайте дальше