Кэнники кэмҥэ булт-алт туһунан кэпсэтии, ырытыһыы, дьон тоҕуоруһар да сиригэр иһиллибэт буолла. Күһүн, саас, болдьоҕун кэмигэр куска-хааска бараары эр дьон төһөмө өрө көтөҕүллэр, тэттэр, барыы- кэлии үксүүр. Оттон кыылбыт-сүөлбүт, мааны түүлээхпит болҕомтоҕо да ылыллыбат буолла.
Улууспут нэһилиэктэриттэн туоһуластахха, бэл балыктыыр киһи аҕыйаабыт, оттон түүлээхсит-булчут диэн, олох да тарбахха баттанар киһи хаалбыт. Тоҕо маннык буолла? Кыыл үөскээбэт буолла дуу? Дьон булду-алды сэҥээрбэт буолла дуу? Байанай ыйын чэрчитинэн, бу боппуруос тула, Орто Халыматааҕы булду туһаҕа таһаарыы кэпэрэтиибин охотоведын Илья Гаврильевич Чукрову кытта ырытыһан көрдүбүт.
Сүрүн түүлээхпит- киис, андаатар
Булду туһаныы, туһаҕа таһаарыы кэпэрэтиибэ биһиги улууспутугар маҥнай 2002 сыллаахха тэриллибитэ. Ол саҕана тэрилтэҕэ, булт уопсастыбата, «Нитчан» кэпэрэтиип уонна үс кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон буолан киирбиппит. Үлэбитин кииһи, саһылы, андаатары тутуунан саҕалаабыппыт. Ол саҕана эргинии син баара. Билигин тэрилтэбитин кыыһым Елена Чукрова салайар. Хамсык бириэмэтин кэмигэр, биллэр биричиинэнэн, тэрилтэбит араас хааччахтары, уустуктары көрсүбүтэ.
Ахсынньы 1 күнүттэн түүлээҕи тутар быйылгы үлэбит сөргүтүллүөҕэ. Бу нэдиэлэҕэ тэрилтэ инники былааннарын, улууска логистика сайдыытын, ол эбэтэр тиэйэр-аҕалар үбүлээһиммитин уо.д.а боппуруостары быһаарса Дьокуускай куоракка айанныыр былааннаахпын.
Түүлээҕи туттарар булчуттары ахтан-санаан аастахха
Урукку кэмҥэ син дьон түүлээҕи туттарар этэ. Үксэ киис, андаатар тутарбыт. Сыбаатайтан Алексей Тырылгин, Сылгы Ыытартан Гаврил Волков, Кульдинтан Евгений Соловьев туттараллара. Кииһи эдэр уолаттар, Березовкаттан Егор Булдукин, Василий Хабаровскай, Илья Садовников туттараллар.
Тирии «переработката» Дьокуускайга оҥоһуллар.
Андаатар сүлүллүбүт тириитин ааспыт сыл 100 солк.тутар этибит. Киис тириитэ, түүтүн хаачыстыбатыттан олус тутулуктаах, төлөбүрэ 3 тыһыынчаттан саҕаланар этэ. Быйылгы төлөбүрбүт бу сууматтан улаханнык халбаҥнаабата буолуо. Тириини манна тутан, туустаан, бэлэмнээн, Дьокуускай куоракка үлэлиир Кытай тэрилтэтигэр ыытабыт. Саһылы, кырсаны сайаапканан тутабыт. Үксэ Дьокуускай куораттан сакаас киирэр. Кыыл тириитин бултанар болдьоҕун кэмигэр ылыллар. Холобур, андаатар тириитин бу ыйтан кэлэр сыл кулун тутарыгар диэри туттарыахтарын сөп буолуоҕа. Ол эрэн андаатар баччаларга кыра буолар. Кыра кээмэйдээх тириини, тутар дьоммут эмиэ сөбүлээбэттэр. Киис тириитэ олунньу ыйга диэри тутуллуоҕа. Атын хоту улуустары кытта тэҥнээтэххэ биһиги кыылларбыт кээмэйдэринэн кыра буолаллар. Эбэн эттэххэ, киис түүтэ тымныы күн-дьыл кэмигэр тупсаҕай буолар, сылаас халлааҥҥа буортуланар. Кэнники сылларга күөллэр уолар буоллулар, онон булчуттар да этэллэринэн, андаатар тоҥон өлөр, олохсуйбат буолан эрэр. Ол эрэн ууһуур сиригэр ууһуур, ситэ бултаммат.
Бултааһыҥҥа харгыс күн-түүн элбиир, булчут аҕыйыыр.
Билигин оҕотун батыһыннаран булка уһуйар аҕа суоҕун кэриэтэ. Оскуолаларга кыылы бултааһыҥҥа үөрэтии уруога ыытыллыбат. Андаатардыыр тууну оҥорор да киһи аҕыйаата. Маны сэргэ мал-сал, булт тээбиринэ, уматык, тиэхиньикэ, сапчаас күн-түүн үүнэ турар. Онон утары уунарга, ороскуоту устуойулаабат буолла.
Балыктааһын
Халыма өрүскэ кубуотанан көҥүллээх үс балыктыыр сирдээхпин. Инники сүрүн былааннартан биирдэстэринэн, Дьокуускай куоракка үс хоту улууһа (Абый, Үөһээ Халыма, Орто Халыма) кыттыгастаах, балык бородууксуйатын оҥорон таһаарар сыах тэринэр былааннаахпыт.
Тэрилтэбит сүрүн тирэҕэ- «Охотничье ремесло»
Тэрилтэбит сүрүн олуга маҕаһыыммытыгар сытар. Манна булт-алт тэрилэ, тээбиринэ, ботуруонуттан саатыгар тиийэ атыыланар. Ол эрэн бултуур киһи аҕыйах буолан, эргинии таһыма аҕыйах. Аҥаардас ботуруону, сааны атыылыырга элбэх докумуон ирдэнэр, бэрэбиэркэ ааһар. Холобур тиэйэр-таһар суоппардарбыт, бэрэдэбиэспит, үлэһиттэр бары Росгвардия, быраастар хамыыһыйаларын ааспыт көҥүллээх буолуохтаахтар. Сааны-саадаҕы, ботуруону көҥүллээх эрэ дьоҥҥо атыыланар. Түүлээҕи атыылыырбытыгар сол оннук, бэтэринээринэй сэртипикээссийэ ааһабыт. Эппиккэ диэри, тула хонтуруол, бэрэбиэркэ, ол эрэн, бу тэрээһиннэр дьиссипилиинэҕэ үөрэтэллэрэ биир өттүнэн сөп курдук.
Бу курдук Илья Гаврильевичтыын тыа хаһаайыстыбатын биир тутаах боппуруоһун тула бүгүҥҥү кэпсэтиибит түмүктэннэ. Кэлэр ыйтан кэпэрэтиип үлэтин саҕалаатаҕына өссө да билсиэхпит диэн тарҕастыбыт. Ыалдьытым баары -баарынан, уот харахха хоруйдаан сэргэх сэһэргэһиини олохтоото. Биир сүрүн сэҥээриибинэн, аҕатын үлэтин, кыыһа ылсыбытын олус үөрэ-сэргии иһиттим. Улууска биир суолталаах сайдыыны саҕыах тэрилтэҕэ, инники былааннара санаа хоту табылларыгар баҕарабын.