Муома нэһилиэгин дьаһалтатын тэрийиитинэн Хонуу свалкатын аттынааҕы тыаны бөхтөн-сыыстан ыраастааһыҥҥа тэрилтэлэр субуотунньукка көхтөөхтүк кытыннылар.
Тэрээһиҥҥэ 18 тэрилтэттэн 93 киһи тахсан тыал ыспыт бөҕүн куулларга хаалаан хомуйдулар. Свалка олус туолан турара көрүөххэ сүөргү. Хаһан бөх уматар заводтанан сирбитин-уоппутун киртитэн бүтэбит. Свалка күрүөтүн аттыгар туспа сытар бөҕү тустаах тэрилтэ хомуйара уолдьаспыт. Хата манна урут туттуллубут дьиэ тээбириннэрин булан музейга экспонат быһыытынан ылыахха сөп эбит дэһэллэр хомуйааччылар. Хаарыан кырдалларбыт бөххө былдьаппыттара көрбүтү эрэ долгутар. Инникитин иитиллэн олорор «Ю» хайабыт тыатын ыраастааһыҥҥа экологическай субботник тэриллэрэ уолдьаспыт эбит. Хаарыан хампа күөх тыабытын бары харыстыахха.