«Хатыҥчаана» тыйаатыр саҥа талааннары арыйда

Хатыҥнаах нэһилиэгэр «Хатыҥчаана» тыйаатыр үлэтин саҕалаата. Оскуолабыт төрөөбүт күнүгэр түбэһиннэрэн сылын аайы ыытыллар үгэскэ кубулуйбут, оҕолор талааннарын арыйар, бэйэ икки ардыгар үтүө сыһыан бөҕөргүүрүгэр сыаллаах, ырыа-үҥкүү алыптаах «Күн Бытархайа» куонкуруспут быйыл уратытык ыытылынна.

Эбии үөрэхтээһин чэрчитинэн, «Хатыҥчаана» тыйаатыр үлэтин саҕалаан, култуура дьиэтигэр нэһилиэнньэ икки күнү быһа тоҕуоруһа муһунна. Ол курдук оҕолорбутун хас да бөлөххө арааран, хотугу норуоттар айымньыларынан, сыанаҕа тахсан артыыстаан оонньоон көрдүлэр. Тыйаатыр тыл саппааһын байытар, саҥаны сайыннарар, тутта-хапта сылдьары тупсарар.

«Чэчир» уһуйаан оҕолоро «Албын Саһыл уонна тоҥсоҕой» диэн эвенкийскэй остуоруйаны күлүгүнэн көрдөрүү ньыманы туһанан, «Звёзды будущего» анал аат хаһаайыннарынан буоллулар. Манна Кристина Роббек албын саһыл, таба оруолун оонньоон «Роль первого плана» ылан дьонун, иитээччилэрин олус үөртэ.

Алын кылаас үөрэнээччилэрэ «Моҕотой доҕор көрдүүр» остуоруйа толорон, көрөөччү санаатын көтөхтүлэр уонна «Лучший художественный дизайн», оттон Лилияна Белоногова — «Лучший костюм, гримм», Толя Белоногов — «Роль первого плана», Амелия Белоногова, Алеша Бережнов «Роль второго плана» анал аат ыланнар көрөөччү биһирэбилин ыллылар.

Владимир Михайлович Санги «Уолчаан уонна алта көппө уолаттар» остуоруйатын 5-6 кылаастар толорон «Лучшая театральная постановка», Дамир Кудрин «Лучший юный актёр» анал аакка тигистилэр. Халыма номохторунан аатырар сэттис, ахсыс кылаас оҕолоро Орто Халымаҕа Бастакы Хаҥалас нэһилиэгэр XIX-c үйэ бүтүүтэ, Явловскайдар уустарыгар буолбут «Тимир Кэтириис» түбэлтэни ылыннарыылаахтык толорон «Лучшая музыкальная постановка» анал аатын сүктүлэр.

Саха норуотугар биир биллэр, аҕыйах сыллааҕыта киинэ буолан тахсан, биһирэбили ылбыт «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» остуоруйаны оскуолабыт улахан кылааһын оҕолоро бука бары биир санаанан кыттан, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөн, үрдүк чиэскэ тиксэн Гран-при хаһаайыннарынан буоллулар.

9 кылаас үөрэнээччилэрэ Вероника Лаптева Бэйбэрикээн эмээхсини толорон «Лучшая юная актриса» уонна Коля Лаптев «саамай үүттээх ынах» оруолун оонньоон «Лучший костюм, гримм» анал аатын ыланнар соһуйа үөрдүлэр.
Оҕолорбут бука бары маладьыастар, өссө да көхтөөхтүк, иннигит диэки хардыылаан иһиҥ, ситиһиилэргит санааҕытын көтөҕөн үрдүккэ салайдын.

Бу курдук өссө биир нэдиэлэбит биллибэккэ айымньылаахтык ааста. Кылаас салайааччылара сылайары аахсыбакка, төрөппүттэри кытта ыкса үлэлээн сыалларын ситистилэр.
Оскуола, «Чэчир» уһуйаан үлэһиттэригэр, төрөппүттэргэ күүс-көмө буолбуккутугар, ону тэҥэ оҕолорбутун минньигэһинэн, харчынан бириэмийэлээн , инникигэ эрэли сахпыт успуонсардарбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Бары үтүөнү-кэрэни баҕарабыт.

Ааптар: Маргарита Васильева, Хатыҥнаах бөһ.

Хаартыска: «Албын саһыл уонна тоҥсоҕой» испэктээк / Ааптар: анна Лаптева

Читайте дальше