Г.Г.Софронов аатынан Орто Халыма улууһун Өлөөкө-Күөл орто оскуолатыгар сылын аайы Саҥа Дьыллааҕы үтүө үгэстэр салҕаналлар. Ол курдук, оҕолор бэйэлэрэ оҥорбут оонньуурдарынан харыйаны симииллэр. Маннык оҥоһуллубут оонньуурдар сылын аайы мунньуллан бэйэтинэн музей курдук. Ханнык оҕо хаһыс кылааска оҥорбута сурулла сылдьар.
Иккис үгэспит, Саҥа дьыллааҕы открытка оҥоһуга. Бу эҕэрдэ открытканы эмиэ оҕо бэйэтэ оҥорбут,суруйбут буолуохтаах. Сүрүн ирдэбилэ — сыл бэлиэтэ хайаан да баара. Манна оҕолорбут айар дьоҕурдарын киһи эрэ сөҕөр. Бииртэн биир уратытык оҥоһуллубут открыткалары, эҕэрдэлэри киһи ааҕан, көрөн үөрэ долгуйар.
Үһүс үгэспитинэн кылааһы киэргэтии буолар. Манна сылын аайы уларытан араас куонкурустар ыытыллаллар. Быйылгы куонкурус «Ураты харыйа» диэн. Онно эмиэ хатыламмат харыйалар оҥоһуллубуттар.
Оскуолабыт олбуорун хаар оҥоһуктарынан киэргэтэбит. Бу үгэстэрбит бырааһынньыктааҕы санаабытын көтөҕөр, кылааһы сомоҕолуур, төрөппүттэри оҕолору түмэр, кэтэһиилээх, кыайыыга дьулуһар долгутуулаахтар.
Оттон саамай сүрүн үтүө үгэспитинэн оҕолорбут 100% мааскаланыылара буолар. Манна төрөппүттэрбит бары көхтөөхтүк кыттан оҕолоругар араас кэрэхсэбиллээх көстүүмнэри тигэллэр, оҥороллор. Дьэ, бу көстүүмнэри оскуолабыт учууталлара,үлэһиттэрэ бириистииллэр. Онон 1,2,3 миэстэлэри 10-нуу оҕо ылар. Маны таһынан, 10 оҕо биһирэбил бириистэнэр. Онон 40-ча оҕо бириистээх миэстэҕэ тиксэр. Дьэ, маннык үтүө үгэстэрдээхпитинэн олус астынабыт. Төрөппүттэрбитигэр, оскуолабыт үлэһиттэригэр,учууталларбытыгар уонна оҕолорбутугар махтанабыт. Үүнэр саҥа сыл барыгытыгар үтүөнү эрэ тосхойдун!
И.Ноговицына, Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.