Бэс ыйын 3 күнүттэн Орто Халыма улууһугар быйылгы оттук сезона түмүктэннэ. Хочуолунайдарга былааннаах өрөмүөн үлэтэ саҕаланна.
Орто Халыма куоратын «Южнай» хочуолунайыгар хапытаалынай өрөмүөн ыам ыйыттан саҕаламмыта. ОДьКХ Орто Халыматааҕы филиалын сүрүннүүр инженерэ Егор Епанчинцев:
«Бу күннэргэ хочуолунайга 8 анал үлэһит көтүрүү үлэтин ыытар. Нэдиэлэ бүтэһигэр исписэлиистэр эбии кэлэллэрэ былааннанар. Хапытаалынай өрөмүөн, ОДьКХ былаанынан, атырдьах ыйын 25 күнүгэр түмүктэнэн, нэһилиэнньэни ититэр ситимҥэ холбуохтаахпыт. Үлэ барыла борокуруор хонтуруолугар турар. Өрөмүөнтэн тутулуга суох, куорат олохтоохторо ититэр ситиминэн тиийэр уунан хааччыллыахтара», — диэн үлэ барылын иһитиннэрдэ.
Халыма эбэ устун уу тырааныспарынан тиэйии- таһыы үлэтэ саҕаланна.
Орто Халымаҕа таас чоҕу бэс ыйын 6 күнүттэн тиэйэллэр.
Быйылгы былаан- 33,055 тоннаҕа тэҥнэһэр.