Эдэр дьиэ кэргэн – олох төрдө, норуот эрэлэ. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт, тапталлаах кэргэн, эдэркээн ийэ, учуутал — Снежана Васильевна Сивцева буолар.
Күндү дьоммут — төрөппүттэрбит
Мин 1992с. Эбээххэ элбэх оҕолоох Маргарита Петровна уонна Василий Васильевич Ефимовтар дьиэ кэргэттэригэр биэс оҕоттон үһүс оҕонон күн сирин көрбүтүм.
Кэргэним Вячеслав 1986с. Хатыҥнаахха Дария Дмитриевна уонна Александр Олегович Сивцевтар дьиэ кэргэттэригэр иккис оҕонон төрөөбүтэ. Ийэтэ Чурапчыттан төрүттээх, Хатыҥнаахха балыыһаҕа санитарканан үлэлиир. Төрөппүттэрбит уопсастыбаннай олоххо, успуорка көхтөөх дьон, хоту дойду дьонун быһыытынан бултуулларын-алтыылларын сөбүлүүллэр. Аҕам бильярдка, теннискэ ордук ылсан дьарыктанар. Онон оҕолор биһиги, төрөппүттэрбитин көрөн, көхтөөх буоларга үөрэнэбит.
Аан бастаан кэргэммин кытта 2012с. Эбээх бөһүөлэгэр эдэр ыччат түмсүүтүгэр билсибиппит. Кэргэним Вячеслав ол сылга Эбээх орто оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлии кэлбитэ, мин Намнааҕы педагогическай колледжка үөрэнэ сылдьан кэлэ сылдьыбытым. Онтон ыла бэйэ-бэйэбитин кытта чугастыы билсиһэн, доҕордоспуппут. 2015с. кэргэним төрөөбүт дойдутугар Хатыҥнаахха «Чэчир» оҕо саадыгар физ.инструкторынан үлэлии барбытым. Онтон 2017с. Орто Халыма куоратыгар мин оскуолаҕа «ИЗО уонна черчение» учууталынан, кэргэним «Саһарҕа» уһуйааҥҥа физ.инструкторынан үлэлии кэлбиппит. 2018с. сүрэхпитинэн сөбүлэһэн, харахпытынан хайҕаһан ыал буолбуппут. Ол сылга күүтүүлээх бастакы оҕобут күн сирин көрбүтэ. Ийэм өттүнэн эһэм Сивцев диэн, кэргэним Сивцев диэн араспаанньалааҕын истэн, ийэм олуһун диэн үөрбүтэ.
Оҕолорбут — көмүстэрбит
Эрэнэр эркиммит, улахан уолбут Айсаар 5 саастаах, «Колокольчик» уһуйаан иитиллээччитэ. Кини ордук успуордунан дьарыктанарын, ыллыырын, үҥкүүлүүрүн сөбүлүүр. Ийэ, аҕа тутаах көмөлөһөөччүтэ. Кырачаан уолбут Арылхан 1 саас 9 ыйдаах, тулалыыр эйгэни көрөн-истэн үөрэтэр. «Ийэ, аҕа» диэн бастакы минньигэс тылларынан биһигини үөрдэр. Оҕолорбутун сахалыы сиэри-туому тутуһан иитэбит, төрүт тылынан саҥарарга, алтыһарга үөрэтэбит. Төрүччүбүтүн үөрэтэн, оҕолорбутугар тириэрдэргэ дьулуһабыт. Дьиэ иһигэр ийэлээх аҕа истиҥ сыһыана, бэйэ-бэйэҕэ убаастабыл баар буолуохтаах. Оннук эйгэҕэ улааппыт оҕо тус олоҕор тирэхтээх, бэйэтигэр эрэллээх буолар. Оҕо хайдах киһи буолан улаатара, дьиэ кэргэн иһиттэн саҕаланар.
Үлэ, үөрэх — ситиһии төрдө
Аҕабыт Чурапчыга Одьулуун 14 нүөмэрдээх профессиональнай лицейын бүтэрэн (2005с.), салгыы Чурапчытааҕы физкультура уонна успуорт институтугар «Волейбол» салаатыгар үөрэммитэ. Кэргэним 2018 сыллаахтан Орто Халыматааҕы баһаарынай чаас 3 караул начаалынньыгынан үлэлиир.
Мин Намнааҕы педагогическай колледжка «Учитель ИЗО и черчение в области технологии и дизайна» салаатыгар туттарсан киирбитим, онтон ХИФУ педагогическай институтугар үөрэхпин үрдэппитим. Н.И.Шарин аатынан орто оскуолаҕа Уруһуй уонна черчение учууталынан үлэлиибин, билигин оҕобун көрөн олоробун.
Биһиги дьиэ кэргэн уопсай сөбүлүүр дьарыкпыт — волейбол буолар. Ааспыт нэдиэлэҕэ улуустааҕы волейбол күрэҕэр «Лучший нападающий-2024г.» буолбутум, ону таһынан теннискэ дьарыктанабын, аҕабыт мини-футболга күрэхтэһэн, быйыл «Лучший вратарь-2024г.» аатын ылбыта.
Дьокуускайга туорт астыырга үөрэнэн, оҕобун көрөн олорор кэммэр быыс булан минньигэс туорт астаан атыылыыбын, араас аахсыйаларга кыттыыны ылабын.
Хоту дойдуга, буоларын курдук, хас биирдии эр киһи тыаҕа сылдьарын сөбүлүүр, ол курдук биһиги ыал аҕа баһылыкпыт сыһыыга сылдьарын, айылҕаны кытта алтыһарын туохтааҕар да ордорор. Аҕабыт улууска «Добровольная пожарная команда» салайааччытынан буолар.
Иккиэн саас ахсын «чабактыы» барар үгэстээхпит, сайын сир астыырбытын, ыраах балыктыы барарбытын ордоробут. Уопсастыбаннай араас тэрээһиннэргэ, субуотунньуктарга, аһымал аахсыйаларга, дьаарбаҥкаларга көхтөөх кыттыыны ылабыт.
Судаарыстыбаттан көмө
Судаарыстыбаттан иккис оҕобутугар Ийэ хапытаалын уонна тус сыаллаах «Сүүс сыл оҕолоро» хапытаалы туһаммыппыт, ыйдааҕы босуобуйаҕа хапсыбаппыт.
Түмүккэ, хас биирдии ыалга эйэни, дьолу, өйдөһүүнү, тапталы баҕарабыт. Аныгы олох тэтиминэн үүнэн-сайдан, саҥа билиини өрө тутан олох устун хардыылаан иһиҥ!
Ааптар: Оксана Слепцова