«Дьулуур» Спартакиадаҕа биһиги улууспутуттан 17 киһи кыттыыны ылла

От ыйын 12-16 күннэригэр Амма улууһугар XlV-с төгүлүн ыытыллыбыт доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо анаммыт «Дьулуур» Спартакиадаҕа биһиги улууспутуттан 17 киһи кыттыыны ылла.

Спартакиадаҕа 24 улуустан уонна Дьокуускай куораттан уопсайа 400 кэриҥэ киһи кыттыыны ылла. Биһиги хамаандабыт Булуҥ (Булунский), Үөһээ Дьааҥы (Верхоянский), Горнай (Горный), Кэбээйи (Кобяйский), Эдьигээн (Жиганск), Томпо (Томпонский), Уус Майа (Усть-Мая) улуустары кытта 3-с бөлөххө киирэн, көрүҥ аайы үрдүк түмүктэри көрдөрөн, II Бочуоттаах миэстэҕэ таҕыста.
Түмүк Боротокуол туоһулуурунан хамаандабыт Горнай улууһуттан арыый хаалан, III-с миэстэҕэ Эдьигээннэри хаалларбыттар.\

Саргылана Кокорина

Читайте дальше