Быыбарга барар, «Биир ньыгыл Арассыыйаҕа» куоластыыр, тоҕо нааданый?

18 сааһын туолан, куоластыыр бырааптаммыт киһи бастаан хайаан да маннык ыйытыылаах буолар. Кырдьык даҕаны, куоластыыр туохха нааданый? Норуот депутата мин туспар кыһаллыа дуо, туһалаах буолуо дуо? Уонна тоҕо хайаан да «Биир ньыгыл Арассыыйаҕа» куоласпын биэриэхтээхпиний?

Өрөспүүбүлүкэбитигэр Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньах үлэлээбитэ 30 буолла. Онтон ыла хас 5 сыл аайы Саха сирин олохтоохторо нэһилиэнньэ интэриэһин көмүскүөхтээх 70 норуот дьокутаатын талабыт. Бу дьон бэйэлэрин быыбардыыр уокуруктарын олохтоохторун туруорсууларын, көрдөһүүлэрин, кыһалҕаларын төрүөтүн ирдэһэр, быһаарсар кыахтаахтар, саҥа сокуону туруорсар бырааптаахтар.

2020 сыллаахха  «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа дойду үрдүнэн дьон баҕа санаатын, этиилэрин хомуйар анал бырагыраамманы олохтообута. Бу бырагырааммаҕа тутуу, социальнай эбийиэктэр өрөмүөннэрэ,  территориялары тупсарыы барыта көрүллэр.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторуттан 16 тыһыынча этии киирбитэ. Онтон саамай ордуктара, наадалаахтара 2021 сыллааҕы норуот анал бырагырааматын сүнньэ буоланнар, күн бүгүн олоххо киирэллэр. Быйылгы дьылга бу бырагыраамма чэрчитинэн федеральнай үбүнэн хааччыллыбыт 38 социальнай эбийиэк – оскуолалар, оҕо уһуйааннара, култуура дьиэлэрэ, балыыһалар үлэҕэ киириэхтэрэ. Бу испииһэккэ билигин да ситэ илик элбэх этии баар – айан суолларын уонна муосталары саҥардыы, уу ситимнэрин, успуорт былаһааккаларын тутуу. Ханнык баартыйа бүгүн маннык киэҥ хабааннаах үлэни кыайа-хото тутуон сөбүй?

Тутуу хаачыстыбатын үрдэтиэххин, олорор сиргин тупсарыаххын баҕарар буоллаххына  — «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа анал федеральнай бырайыактара үлэлииллэр.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр үлэлии турар 21 баартыйалаах бырайыагы общественниктар, баартыйа көхтөөх чилиэннэрэ, норуот дьокутааттара салайаллар. Холобура, «Биир ньыгыл дойду – табыгастаах эйгэ» бырайыак чэрчитинэн общественниктар рейдэлэри тэрийэн, социальнай эбийиэктэр: оскуолалар, кафелар, балыыһалар доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо төһө табыгастаахтарын бэрэбиэркэлииллэр. Араас кэһиилэр эбэтэр ирдэбилгэ эппиэттээбэт түгэннэр буоллахтарына, тута салалтаҕа биллэрэн, көннөрөрү модьуйар кыахтаахтар. «Саҥа оскуола» бырайыагынан общественниктар, норуот дьокутааттара өрөспүүбүлүкэ хайа баҕарар муннугар баар оскуола хапытаалынай өрөмүөнүн бэрэбиэркэлиэхтэрин сөп. Хаачыстыбата суох тутууну буллахтарына, эмиэ салалтаҕа биллэрэр бырааптаахтар.

Саха сирин бары нэһилиэнньэлээх пууннарыгар анал десаны тэрийэр баартыйа бастакы сүһүөхтэрэ бааллар.  Бу десант биирдиилээн да, бөлөҕүнэн дьон көрдөһүүтүн суруйан туһааннаах салайааччыларга тута тиэрдэр эбээһинэстээхтэр.

«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа ситимэ хас биирдии дьокутаакка дьон кыһалҕатын, үгүс ыйытыыларын быһааралларыгар бары кыаҕы биэрэр. Хас биирдии дьокутаат улахан күүстээх хамаанда чилиэнэ буоларын умнуо  суохтаахпыт, кини кыаҕа баартыйа нөҥүө киэҥин, дириҥин өйдүөхтээхпит . Бу баартыйа — профессионаллар, олоҕу хамсатар, сайыннарар дьоҕурдаахтар түмсүүлэрэ.

Чахчы да, норуот күүһэ — көмүөл күүһэ! Бука бары бииргэ ылыстахпытына тапталлаах Сахабыт сирэ тупсуо, сайдыа, экэниэмикэбит таһыма үрдээн, үлэ миэстэтэ тахсыа, куораттарга, сэлиэнньэлэргэ аныгы тутуулар дьэндэйиэхтэрэ, сайдам санаа олохсуйуо.

Бары кыһалҕалары биир санаанан кыайа-хото туоруохпут!

Иннибит хоту — бииргэ! Айсен Николаев хамаандатыгар куоластаа!

Быыбарга барар, «Биир ньыгыл Арассыыйаҕа» куоластыыр, тоҕо нааданый?