Бу сайын эмиэ бэс ыйын саҕаланыытыттан бырдах кый курдук түһэн, сылгы, сүөһү иэдэйдэ. Ол курдук, бэл диэтэр бөһүөлэк таһыгар сылдьан, наар бырдахтан тумнастан биэлэр, кулуннар өллүлэр.
Сылгылаах дьон тиэтэл муҥунан түптэҕэ харахха оҥорон, күнүстэри түүннэри оттон, харабыллаан сылбалара баранна.
Оттон ыраах учаастактарга баар сылгыһыттарга оскуола оҕолоро баран күүс көмө буолаллар. Ол курдук, 11-ис кылаас буолбут Созонов Артур уонна Ефимов Ваня «Тоҥуулаах» учаастагар Слепцов А.С. 176 сылгыны сайылатарыгар үлэһитинэн бардылар. Кинилэр икки ый устата түптэлээн, сылгылары хаһааҕа сойутан, хаһааны ыраастаан сылгыһыт көмөлөөһөөччүтүнэн үлэлиэхтээхтэр.
Хара үлэттэн куттаммакка, ыарахантан чаҕыйбакка уустук үлэҕэ ылсан уолаттарбыт эр киһилии буһан-хатан уһаарыллан, эттиин-хаанныын, өйдүүн-санаалыын улаатан кэлиэхтэрэ. Сайыннарын туһалаахтык атаарыахтара.
Ааптар: И.Ноговицына, Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.