Билиҥҥи кэм биир кыһалҕата — баһыылка миэстэтигэр тиксибэтэ

Билигин «Полярные авиалинии» хампаанньа бөртөлүөтүнэн бүтэһик сырыыларын толорор. Сырыы-айан кыһыҥҥы суолунан арылларын күүтэбит.

Күһүөрү биир күһэлэҥ, тыын боппуруоһунан «Почта России» тэрилтэнэн кэлэр-барар баһыылка тустаах аадырыска тиксибэтэ буолар. «Почта России» Орто Халыматааҕы филиалын салалтата иһитиннэрэринэн, Өлөөкө Күөлүгэр быһа холоон 800 кэриҥэ киилэ мал миэстэтигэр тиэрдиллибэккэ сытар. Тэрилтэ салайааччыта Елена Винокурова: «Бу күннэргэ Сыбаатайга уонна Эбээххэ быраастар сырыылара олохтонон, баһыылкалар бу нэһилиэктэргэ толору ыытылыннылар. Өлөөкө Күөлүгэр уонна Ойуһардаахха элбэх баһыылка тиксэриллэ илик. Тэрилтэ бөртөлүөт кыамтата төһө көҥүллэнэринэн ыыта сатыыр. Төлөбүрдээх баһыылка болдьоҕо ситэн, төннүбэтин туһугар, нэһилиэк дьоно баһыылкаларын, куоракка олорор аймахтарынан ылларалларыгар сүбэлиибит».

Орто Халыматааҕы Аэропорт филиалын дириэктэрэ Валентина Бандерова: «Бөртөлүөтүнэн көтүүгэ сайаапка киһи ахсаанынан ылыллар. Бөртөлүөккэ маҥнай айан дьоно, кинилэр маллара, тырааныспар тиийэр-төннөр уматыга учуоттанар, ол кэннэ дьэ, төһө киилэ хааларынан баһыылка ылыллар», — диэн эппиэттээтэ.

Бастакы Хаҥалас нэһилиэгин баһылыга Афанасий Томскай: «Бу уустук боппуруос… Бастакы Хаҥаласка элбэх киһи олорор, атырдьах ыйыттан кэлии-төннүү элбиир, ол иһин бөртөлүөт сырыыта айан дьонунан туолар, үгүс киһи почта өҥөтүн нөҥүө сакаас оҥостор, онон элбэх баһыылка мунньуллар.Бастатан туран, дьон-сэргэ, кинилэр маллара уонна биэнсийэ кэмигэр тиксэрин ситиһиэхтээхпит. Бырабыыталыстыба салалтата, чуолаан Тырааныспар министиэристибэтэ, үөһээнэн сырыы быраабылатыгар, почтанан ыытыллар баһыылка тиэйиитин-таһыытын учуоттуура буоллар, маннык балаһыанньа тахсыа суох этэ. Мантан антах, малбытын аллараанан, буран сырыытынан тиэнэргэ тиийэбит».

Ааптар: Саргылана Кокорина