Быыбар буолара аҕыйах күн хаалла. Быыбар учаастагар бюллетень хас да көрүҥэ баар буолуоҕа:
от күөҕэ – Саха сирин Ил Дарханын, кыһыл уонна сырдык халлаан күөх – Ил Түмэн дьокутааттарын таларга.
Хас биирдии бүлүтүөҥҥэ «Биир ньыгыл Арассыыйа» хандьыдааттарын ааттара сурулла сылдьар.
Кинилэри талар тугунан ордугуй?
«Биир ньыгыл Арассыыйа» – күүстээх дойду мэктиэтэ
«Биир ньыгыл Арассыыйа» – Россия Президенин Владимир Путин баартыйата. Бу баартыйаны Өрөспүүбүлүкэбитин Арассыыйа уон бастыҥ регионнарын ахсааныгар киллэрбит Ил Дархаммыт Айсен Николаев иилиир-саҕалыыр. Онон «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаҕа киирбит хас биирдии куолас күүстээх өйөбүл буолуоҕа.
Дойдубут кыаҕын хааччахтыырга туһаайыллыбыт аата-ахсаана суох саансыйалар, төттөрүтүн, сайдыы саҥа суолугар чиҥник турарбытыгар көмөлөөх буоллулар.
Онуоха «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа оруола олус улахан: дойду суверенитета бөҕөргүүрүгэр, куттал суох буолуутугар саҥа сокуоннар ылыныллан үлэлииллэрин көҕүлээбитэ.
Баартыйа норуоту биир бигэ санааҕа туһулаата
Биир санааланыы, сомоҕолоһуу туһугар үлэтин баартыйа хаһан да быспат.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» – аһаҕас санаа баартыйата
«Биир ньыгыл Арассыыйа» – хас биирдии киһиэхэ дьиҥнээх кыаҕы биэрэр соҕотох көҥүл баартыйа.
Онуоха бастыҥ холобурунан балаҕан ыйыгар хандьыдааттарга, кинилэр туох өҥөлөөхтөрүттэн, үтүөлээхтэриттэн тутулуга суох, дойду үрдүнэн болдьоҕун иннинэ куоластааһын тэриллиитэ буолар.
Атын баартыйалар хандьыдааттара мунньаҕынан талыллыбыт буоллахтарына, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан хара маҥнайгыттан норуот өйөбүлүн ылбыт хандьыдааттар кыттыыны ылаллар.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» олохтоох салаалара уонна бастакы сүһүөх тэрилтэлэрин ситимэ өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарыгар бааллар.
Дойду үрдүнэн, ол иһигэр Саха сиригэр, хас биирдии оройуон киинигэр баартыйа бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев приемнайдара үлэлииллэр.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» куруук дьон аттыгар, хас биирдии киһиэхэ чугас баартыйа. Өрүү болҕомтолоох, киһилии сыһыаннаах, көмөлөһөргө, өйүүргэ куруутун бэлэм.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» — дьиҥнээх үлэ баартыйата.
Бу — бүтүн Арассыыйа бары өрөспүүбүлүкэлэрэ сайдалларын туруулаһар өр сыллаах анал стратегията.
Хас биирдии эрэгийиэҥҥэ «Биир ньыгыл Арассыыйа» быыбар иннинээҕи бырагыраамата – олох уйгутун көтөҕөргө анаммыт ураты, тус-туспа олохтоох этиилэр.
Баартыйа Саха сиринээҕи салаата Хоту дойду дьонун күннээҕи олохторо тупсарыгар сүүһүнэн араас этиини олоххо киллэрэр чопчу былааннаах. 2021 сылтан өрөспүүбүлүкэбитигэр бу үлэ күүскэ барар, олоххо киирэр.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» быыбар иннинэ эрэ буолбакка, бу сыллар былаһын тухары көхтөөхтүк үлэлээн кэллэ, өссө да үлэлиэ.
Бүгүн норуот бырагырааматын чэрчитинэн федеральнай үп суотугар үгүс улуустарга иккис сылын оскуолаларга хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар. Куораттар уонна сэлиэнньэлэр тупсаллар, киэркэйэллэр, биэлсэр-акушер пууннара, культура дьиэлэрэ, успуорт саалалара дьэндэйэллэр.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» атыттар курдук кураанаҕы эрэннэрбэккэ, дьон баҕа санаатын, сөптөөх этиитин түмэн, олоххо киллэрэр кыахтаах, өрүү онно дьулуһар суос соҕотох баартыйа. «Биир ньыгыл Арассыыйа» күүһэ, кини уоҕа – инникигэ күүстээх эрэлэ, уһун болдьохтоох бигэ олуктаах былааннара уонна бэйэ күүһүгэр булгуруйбат итэҕэлэ.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» эппиэтинэстээх буолуу иһин
«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа иһигэр араас, тус-туспа санаалар баалларын, уустуктары билинэр, аһаҕастык этэр, ырытар, кэпсиир.
Карьера туһугар киирсээччилэри, хоруупсуйаны уодьуганныыр. Онуоха уустуктары туоратан, иннин хоту баран иһэргэ дьон иннигэр үрдүк эппиэтинэстээх буолуу көмөлөһөр.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ сокуоннар толору үлэлииллэрин хааччыйар уустук соруктаах.
Баартыйа уопсастыбаннас аатыттан сүрүн судаарыстыбаннай бырагырааммалары көҕүлүүр, былаас уорганнарыгар бэйэтин санаатын, этиилэрин тиэрдэр. Уонна сокуон ситэтэ суоҕун гражданнар ыйан биэрэллэрин ылынарга куруук бэлэм.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» эппиэттээх буолууттан хаһан да куотуммат.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» үлэтэ ситимнэнэн, силистэнэн-мутуктанан баараҕай тиит мас кэриэтэ, сыллар ааһалларын тухары кииллийэн иһэр.
«Биир ньыгыл Арассыыйа»– социальнай судаарыстыба туһугар
«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа баарын тухары норуотун харыстыыр, дьонун туһугар үлэлиир-хамсыыр. Дойду, өрөспүүбүлүкэ үбэ, ылынар бүддьүөтэ, хас биирдии киһиэхэ, ыалга туһалаах буоларын туруорсар.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаҕа куоластаан эһиги дойдуга куттал суох буолуутун, Арассыыйа бигэ сайдыытын, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн, хас биирдии гражданин социальнай харысхаллаах, көмүскэллээх буоларыгар эрэлгитин биллэрэҕит.
Үүнэр көлүөнэ, ыччат кэскилин түстүүгүт, тастан өтө киирэр саарбах культура өйү-санааны сатарытар күүһүн утарсаҕыт.
Иннибитигэр күүстээх үлэ күүтэр диэн баартыйа билэр, харытын ньыппарынан ылсарга бэлэм.
Олох устар, уларыйар. Саҥа ирдэбиллэргэ куруук бэлэм, олоҕу тупсарарга туһуламмыт баартыйа – «Биир ньыгыл Арассыыйа».
Билиҥҥи уустук кэмҥэ «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаҕа куоластаан, күүстээх санаабытын холбоон, олохпут оҥкулун бэйэбит өйбүтүнэн-санаабытынан, илиибитинэн оҥостуоҕуҥ!
«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаҕа куоластаа!
Кэскилбит туһугар бииргэ!