Г.Г.Софронов аатынан Өлөөкө Күөллээҕи агрохайысхалаах орто оскуолабыт 2018 сылтан «Оскуола сонуннара» диэн хаһыаты таһаарар.
Бу 8 сирэйдээх сахалыы тылынан ыйга биирдэ тахсар хаһыаты 14 №-дээх «Эдэр кэрэспэдьиэн» пост юнкордара таһаараллар. Кэрэспэдьиэннэринэн 5-11 кылаас, суруйары-бичийэри сөбүлүүр, уопстстыбаннай олоххто көхтөөхтүк кыттар оҕолор буолаллар. Кинилэр ый устата буолбут араас тэрээһиннэри, күрэхтэһиилэри, сонуннары суруйаллар.
Хаһыаппыт анал балаһалардаах, ол курдук хаһыат иккис сирэйигэр «Кэрчик сонуннар», 7-с сирэйигэр «Психолог сүбэтэ», «Идэҕин сөпкө тал», 8-с сирэйгэ чиэппэр түмүктэрэ, эҕэрдэлэр, «Айар кут» айымньылара бэчээттэнэллэр.
Үөрэх сылын устата уопсайа 9 нүөмэр тахсар. Оҕолор хаһыаты олус интэриэһиргээн ааҕаллар.
Быйыл хаһыаппыт өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола хаһыаттарын куонкуруһугар кыттан бастыҥ хаһыат аатын ылла. Онтон олус үөрдүбүт, соһуйдубут, астынныбыт. Кыайыыбыт туһунан өссө икки анал ааты ыллыбыт. Ол курдук «Сахалыы тыллаах бастыҥ оскуола хаһыата» уонна «Төрөөбүт дойду туһунан бастыҥ публикация» диэн үрдүк ааттарга тиксэммит үөрүүбүт үс бүк үрдээтэ.
Бу үөрүүбүтүн улууспут олохтоохторун, хаһыаппыт күн сирин көрүөҕүттэн кэрэспэдьиэннээн ааспыт оҕолорбун кытта үллэстэбит.