Балаҕан ыйын 8,9,10 күннэригэр СӨ Ил Дарханын, дьокутааттарын, баартыйалары куоластыыр быыбарга 54,31% кытынныбыт.

Бу куһаҕана суох көрдөрүү, ол эрэн, олохтоох дьон аадырастарын миэстэлэринэн суох кэмнэрэ буолан, элбэх бырыһыантан маттыбыт.
Инникитигэр, Быыбар кэмигэр, дьон миэстэтиттэн кыттар буоларын туһугар, быыбары тэрийэр территориальнай хампаанньалар, олохтоох дьаһалталар, исписэлиистэр күүскэ үлэлэһиэхпитин наада диэн санаабын тиэрдэбин.
Быйылгы быыбар, кэмигэр, туох да кэһиллиитэ суох этэҥҥэ ааста. Улууспут нэһилиэктэрэ үчүгэй көрдөрүүлээх кытыннылар. Чуолаан Налимскай, Ойуһардаах, Эбээх, Сылгы Ыытар нэһилиэнньэлэрэ 70-тан тахса % көрдөрдүлэр.
Улуустааҕы быыбар ыстааба, Быыбарга кыттар дьокутааттар нэһилиэнньэни кытта көрсөллөрүн туһугар, кыах баарынан усулуобуйа тэрилиннэ.
Ол курдук уустук суоллаах-иистээх учаастактарга сылдьан, 62 киһини быыбардаттыбыт, быстах кэмнээх уоппуска ылан, Халыма-Индигирдээҕи уокурук дьокутаатыгар хандьыдааттарын Сахамин Миланович Афанасьевы уонна Гаврил Николаевич Алексеевы кытта бөртөлүөтүнэн нэһилиэктэргэ сырыттыбыт. Бу сырыыбытыгар нэһилиэнньэ долгуйар, тыын боппуруостарынан боротокуол оҥоһуллан, дьокутааттар көрүүлэригэр ыытылынна.
Ил Дархаммыт Айсен Николаев улууспутугар үлэтин сырыытынан кэлэн, олохпутун кытта билсэн, тутаах боппуруостары быһаарсан, нэһилиэнньэ олоҕо тупсарын туһугар бары хайысхаҕа кыттыыны ылан, улууспут инники сайдыытыгар эрэлбитин күүһүртэ.
Ытыктабыллаах быыбар
кыттыылаахтара!
Хас биирдиигитин улууспут сайдарын туһугар куоласкытын биэрэн кылааккытын киллэрсибиккит иһин махтанабыт! Халымалар биһиги, үтүө санаалаах, ыалдьытымсах, үлэһит дьон буоларбытынан, олох саҥа кэрдииһигэр, Ил Дархаммытын, дьокутааттарбытын кытта сайдыы-үүнүү туһугар көхтөөхтүк турунуохпут диэн эрэнэрбин биллэрэбин!

Улуустааҕы быыбардыыр ыстаап бэрэссэдээтэлэ Александра Явловская