Байдыга икки саҥа эбийиэк дьэндэйдэ

Байдылар быйыл тутаах тыын боппуруостара быһаарыллан, социальнай суолталаах икки саҥа эбийиэк тутуллан (быраас амбулаторията уонна «Кэскил» оҕо сайдар киинэ), Ил Дархан үлэтин сырыытынан кэлэ сылдьан, эбийиэктэри арыйан, дьону-сэргэни кытта көрсөн-билсэн, бэркэ сэргэхсийэн, үөрэн-көтөн олороллор.
Нэһилиэккэ күн бүгүн 300 кэриҥэ киһи олохсуйан олорор. Ытыктанар үлэ, тыыл уонна СӨ тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, Байды нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Анастасия Алексеевна Оконешникова 90 сааһын томточчу туолан олорор.
Байды нэһилиэгин аҕа баһылыга Аркадий Дмитриевич Бубякин иһитиннэрэринэн, нэһилиэк сайдыытын туһугар элбэх бырагыраама олоххо киирэрэ былааннанар, докумуона оҥоһуллар.

Олох-дьаһах

Социальнай суолталаах тэрилтэлэр, былааннаах өрөмүөн, саҥардыы кэннэ, кыстыкка бэлэм тураллар. Ититэр ситимтэн тэйиэс тэлгэһэлээх 4 ыал ититэр сүрүн тыраассаҕа холбоммокко олорор. Олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама чэрчитинэн, быйыл 2410 000 00 суумаҕа бырайыак көмүскэнэн, дьон сынньанар, култуурунай тэрээһин ыытыллар пааркалара оҥоһуллуохтаах. Билигин улуус дьаһалтатын кытта былаһаакка тутуллар сирэ-уота быһаарыллар. Орто Халыма куораттан бөһүөлэккэ диэри тардыллар уот ситимигэр саҥардыы үлэтэ бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ, кэлэр сылга тустаах үлэ салҕаныаҕа.

Тыа хаһаайыстыбата

Байдыга уопсайа 143 ынах сүөһү иитиллэр, онтон 46 ыанньык ынах. Сылгы ахсаана 153-кэ тэҥнэһэр, онтон 49-һа биэ. Мария Шадрина бааһынай хаһаайыстыбатын пиэрмэтигэр 86 ынах сүөһүнү тутар, онтон билигин 26-та ыанар, 2 ууһатар оҕустаах. Сергей Третьяков сылгы иитэр хаһаайыстыбатыгар 70 төбө сылгылаах, онтон 33 биэ буолар.
Бу күн пиэрмэ хаһаайыстыбатын салалтата өрөмүөн үлэтин ыытар, дьиэтин, сараайын тутан, кэлэр кыстыкка бэлэмнэнэр.
Нэһилиэккэ быйыл от үүнүүтэ мөлтөх буолан, былаан 67,9% эрэ туолла. Ол эрэн, ааспыт сылтан саппаас от баар буолан, сүөһүлэр кыстыгы этэҥҥэ туоруохтара диэн эрэл баар.

Норуот күүһэ-көмүөл күүһэ

Быйыл уһуйаан дьиэтин тутуутун субуотунньугар нэһилиэнньэ кыттан төһүү күүс буолла. Ол курдук эбийиэк тутуутугар, ханапааккаҕа, кырааскаҕа, бөх-сыыс хомуйуутугар элбэх киһи, тэрилтэ, төрөппүт көмөлөстө. Быстах байыаннай дьайыыга кытта сылдьар байыастар дьиэ кэргэттэригэр, аахсыйа быһыытынан, үөрэх тээбиринэ хомуллан, 6 үөрэнээччигэ туттарылынна.
Бу күннэргэ, үгэс быһыытынан, аҕам саастаах дьоммутугар аналлаах «Кружка добра» диэн отону хомуйан биэрэр аахсыйа ыытыллыаҕа. Бэтэрээннэр Сэбиэттэрин көҕүлээһининэн, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар тоҥ ас бэлэмнэниллэн улуус дьаһалтатыгар ыытыллыбыта.

Үөрэхтээһин

Саҥа үөрэх дьылыгар оскуолаҕа 50 үөрэнээччи үктэннэ, бастакы кылааска 5 оҕо киирдэ. Оскуола тэлгэһэтигэр хатыҥы олордууга, көҕөрдүү субуотунньуга ыытыллыбыта. Оскуолаҕа алын кылаас учууталын дуоһунаһыгар, бэйэ сириттэн төрүттээх эдэр учуутал үлэлии кэллэ. «Кэскил» оҕо уһуйаанын саҥа эбийиэгэ көҥүл ылыытыгар тустаах докумуона оҥоһуллар, бу күннэргэ уота-күөһэ тардыллыаҕа. Бу күн 29 оҕо, быстах кэмҥэ орто оскуола эбийиэгин биир өттүгэр иитиллэр. Муҥутуур сүдү суолталаах былаанынан, «Үөрэх тэрилтэлэрин саҥатытан оҥоруу» (Мероприятия по модернизации школьных систем образования субъектов РФ) бырагыраама тосхолунан, орто оскуолаҕа федеральнай таһымнаах хапытаалынай өрөмүөн ыытылларын туһугар үлэ барар. Саас Настаабынньык уонна уһуйааччы сылыгар аналлаах псхологтар улуустааҕы күрэхтэрэ ыытыллыбыта.