Уруккута Арктика олохтоохторун хомуйан, өрөспүүбүлүкэбит ханнык эмит киин улууһугар биир уопсай дьиэҕэ көһөрөн кэбиһэн, хотугу сири-уоту сайыннарыыга үбү-харчыны ыыппакка буола сатыыр кэм эмиэ кэлэ сылдьыбыта. Бүгүн бу балаһыанньа чыҥха уларыйан, Арктика дойду стратегическай суолталаах сирэ, баайа-дуола буоларын билиннибит.
Арктика олохтоохторо үөрэнэр, эмтэнэр, үлэлиир уонна сынньанар кыахтаах буолалларын тэрийэн, манна дьон-сэргэ олохсуйан олорорун, хотугу норуоттар культуралара уонна кинилэр төрүт олохторун укулаата бары таһымҥа өйөбүллээх буоларын ситиһиэхтээхпит.
Бу хайысхаҕа үлэ утумнаахтык барар, ситиһиилэр да элбэхтэр. Бу сайдам санаалар олоххо киирэллэригэр ким туох кыахтааҕый? Ону ырытан көрүөххэ.
Мөлүйүөн ахсааннаахпыт — бу чыпчаал буолбатах
Быйыл бэс ыйыгар өрөспүүбүлүкэбитигэр мөлүйүөн ахсааннаах олохтоох күн сирин көрдө диэн сүрдээх үөрүүлээх сонун тилийэ көппүтүттэн үөрүүбүт улааппыта! Сахалар былыр былыргыттан оҕомсохпутунан биллэбит, үс оҕолоох дьиэ кэргэн биһиэхэ сэдэх буолбатах.
Дьиэ кэргэттэри өйүүр дьаһаллар улахан суолталаахтарын бары өйдүүбүт. Ол курдук 2022 сыллаахха өйөбүл сэттэ көрүҥэ тэҥинэн киирбитэ. Анал сыаллаах «Үйэ оҕото» хапытаал өссө 5 сыл бэриллэр буолуоҕа. Элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро араас куруһуоктарга, секцияларга чэпчэтиилээх сылдьаллар, оҕону иитэ ылар төрөппүттэргэ төлөбүр кээмэйэ лаппа үрдээтэ.
Кэлиҥҥи 5 сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэбит арктическай зонатыгар алта оскуола уонна түөрт оҕо уһуйаана тутулунна.
Быйыл арктическай оройуоннарга 15 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар. Өрөмүөн түмүгэр оскуола үөрэтэр уонна техническэй баазата, мастарыскыайа, спортсаалата эмиэ бүтүннүү саҥардыллар.
Үһүс сылын «Земскэй учуутал», «Арктика учуутала» диэн бырайыактар үлэлииллэр, тыа сирин учууталларын олорор дьиэнэн хааччыйыы бырагыраамата сыалын-соругун ситэн, хоту учуутал тиийбэт буолуутун кыһалҕата быһаарыллыбыта.
Доруобуйа харыстабылыгар аныгы көрүүлэр
2023 сыл – Саха сиригэр медицинэ сайдыытыгар ураты сыл. Аныгы көрүүлэртэн саамай сүрүннэрэ – арктика медицинатын саҥа киэбэ. Аҕыйах ый иһигэр быраастар анал биригээдэлэрэ бары хотугу оройуоннарга үлэлээтилэр. Миэстэтигэр 15 тыһыынчаттан тахса киһини көрөн-истэн, эмтээн-томтоон, ол иһигэр 4 тыһыынчаттан тахса оҕоҕо көмөлөстүлэр. Бу үлэ тохтообот, эбиитин элбээн, кэҥээн, тэнийэр. Кэлиҥҥи биэс сыл иһигэр Саха сирин Арктикатыгар 20-тэн тахса саҥа медицинэ тэрилтэтэрэ, ол быыһыгар фельдшерскэй-акушерскай пууннар уонна амбулаториялар үлэлэрин саҕалаатыгар. Эмтиир, диагноз туруорар бөдөҥ медицинэ кииннэрэ Дьокуускайга үлэлэрин саҕалаан, өрөспүүбүлүкэбит бары олохтоохторугар туһалаан барыахтара. Холобура, Кардиососудистай киин, былырыын үлэҕэ киириэҕиттэн, экспердэр этэллэринэн – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сүрэх ыарыытыттан өлүү ахсаана 10% аҕыйаабыт. Сотору кэминэн Онкологическай киин саҥа корпустаныа, ол кэннэ ПЭТ-диагностика уустук ыарыылары быһаарарга өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ылсан үлэлиир кыахтаныа.
Суол уонна сибээс — Арктика аныгы тыына
Биһиги өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн олорор дьиэни тутуу таһыма күүскэ тэтимирэрин ситистибит. Ону сэргэ Арктикаҕа элбэх квартиралаах дьиэлэри тутууну сөргүттүбүт диэн үөрэбит.
Мантан сиэттэрэн хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону тупсаҕай, табыгастаах усулуобуйаҕа көһөрүү боппуруоһа быһаарыллар. Уһук Хоту оройуоннары ылан көрөр буоллахха, тыһыынча кэриҥэ киһи хаарбах дьиэттэн толору хааччыллыылаах квартираларга көстө. Кэлэр сылларга бу сыыппара хас да төгүл элбиэ диэн булгуччу эрэллээхпит.
Бу биэс сылга суол тутуута икки төгүл элбээтэ. Муосталары тутуу уонна өрөмүөн көхтөөхтүк ыытыллар.
Сибээс оптическай линияларын тардыы бара турар – 9 тыһыынчаттан тахса километр оптоволокно өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тардылынна. Кэлиҥҥи биэс сыл иһигэр 378 нэһилиэнньэлээх пууннарга интернет киирдэ.
«Арктика синергията» бырайыагынан 86 арктическай уонна уустук сырыылаах бөһүөлэктэргэ линиялар тардылланнар, 2025 сылы көрсө Саха сирэ бүтүннүү сибээскэ холбонуо.
Арктическай зона олохтоохторугар авиационнай сырыы тэнийэн, айанныыр кыах быдан элбээтэ. Үс сыл иһигэр субсидирование саҥа көрүҥэ үлэлээн, сылы мэлдьи авиациянан сырыы хааччыллар. Сыыппаралар дьиҥ чахчыны көрдөрүүлэринэн — хотугу территориябытыгар авиация өҥөтүнэн туһаныы 7% үрдээн 51% тэҥнэстэ.
Саха сирин сайдыытын хамаандатын биир санаанан өйөө!
Бу ааспыт биэс сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэбит сайдам санаанан салайтаран улахан суолу тэлэн кэллэ. Онуоха биир санаанан, биир сыалынан-соругунан салайтаран элбэҕи ситистибит.
Ол эрээри, дойдубут кэнэҕискитин, инникитин туһугар бүгүҥҥү тыҥааһыннаах охсуһуутун түмүгүттэн, Кыайыы кэлэриттэн, Сахабыт сирин дьылҕата эмиэ быһаарыллар. Онон Бэрэсидьиэммит тула биир сомоҕо буолан, санаабытын холбуурбутуттан элбэх тутулуктаах, бу улахан суолталаах.
Сайдам санаалаах сахам дьонун, Сахабыт сирин кэнэҕэски кэскилин, инники сайдыытын туһугар, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа тула түмсэргэ ыҥырабыт.
Бу баартыйа — үгүс дьон түмсүүтэ, норуот күүһэ, санаата, эрэлэ. «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаны, баартыйа кандидаттарын уонна кинилэр көҕүлээһиннэрин өйөөн, Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин сайдыытыгар чиҥ олугу уурсуҥ, дойдуга тулхадыйбат бигэ санааны бигэргэтэргэ бэйэҕит кылааккытын киллэрсиҥ.
Балаҕан ыйын 8-10 күннэригэр барыбыт инникитин быһаарар быыбар ыыытыллыаҕа. «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа, биһиги тус бэйэбит эһиги өйөбүлгүтүгэр бигэ эрэллээхпит.
Биһиги суолбут биир – дьон туһугар, бигэ туруктаах буолууга, ил уонна эйэ олохсуйарыгар. Бука бары бииргэ — иннибит хоту, сайдыыга!