Александр Третьяков: «Каадыр тиийбэтэ, үгүс үлэни атахтыыр»

Төгүрүк сылы түмүктүүр бүтэһик кыбаарталы кытта номнуо кыстыкка үктэннибит. Кыһыммыт хайдах буолуон илэ билбит, таайбыт суох… Дьыл ханнык да кэмин этэҥҥэ туоруурга, итиитик-кутуутук кыстыырга хас биирдиибит долгуйар тыын боппуруоһунан буолар.

Олох-дьаһах биир тутаах хайысхатыгар туох үлэ ыытылынна? Кыстыгы туоруурга бэлэммит дуо? Бу боппуруос тула, хаһыат эрэдээксийэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын Орто Халыматааҕы филиалын дириэктэрэ Александр Васильевич Третьяков хоруйдуур.

Каадыр боппуруоһа өрүү баар кыһалҕа

Улууспут тоҕус нэһилиэгин хочуолунайдара кыстыкка бэлэм олороллор. Сайыҥҥы өттүгэр былааннаах өрөмүөн үлэтэ ыытыллан, үгүс бөһүөлэктэргэ сүрүн тыраассалар саҥардылыннылар. Хас биирдии хочуолунайга эппиэттээх маастардар үлэлииллэр, көмө тиэхиньикэнэн хааччыллаллар. Биир сүрүн кыһалҕабытынан, Арҕахтаахха ааспыт сылга ылыллыбыт «Термит» погрузчик алдьанан, омук тиэхиньикэтэ буолан, саппаас чааһа кыайан быһаарыллыбакка, үлэһиттэр илии күүһүнэн хочуолларын оттоллор. Кыһыҥҥы суол туруор диэри, нэһилиэктэр бары саппаас чоҕунан хааччыллан олороллор.

Быйыл уу тырааныспарынан 33 000 туонна чох тиэллэн, тиэйии былаана 100% туолла. Маны сэргэ 2000 туонна убаҕас ньиэп саппаастаахпыт. Ааспыт сыл убаҕас уматыгы 1800 туоннаны кэмчилээн туттубут эбит буоллахпытына, быйылгы былаан 6-с хочуолунай күүстээхтик, хааччаҕа суох үлэлиирин туһугар туһуланна.
Үлэбит сүрүн кыһалҕатынан каадыр боппуруоһа буолар. Хачыгаартан саҕалаан, силиэсэр, сыбааркаһыт идэлээх дьон тиийбэт. Хамнас кыра диэн, 8 үлэһиппит баҕа өттүнэн хантыраак баттаан, анал байыаннай дьайыыга барда. Хамнаска «за вредность», о.э. доруобуйаҕа охсуутун иһин диэн үрдүкү салалтаҕа туруорсан, үп-харчы кээмэйин үрдэттэрбит да, үлэлиир баҕалаах дьон аҕыйах.

Фото: Хочуолунайтан ситими тардыы / ааптар: Саргылана Кокорина

«Южнай» хочуолунайга 500 мөлүйүөннээх саҥатытыы (модернизация) үлэтэ күүтүллэр

Куорат «Южная» хочуолунайа Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, «сэрэхтээх» статуһу ылан турар социальнай эбийиэгинэн буолар. СӨ Бырабыыталыстыбата, ОДьКХ салалтата өйөбүлүнэн, кэлэр сыл улахан өрөмүөн, саҥатытыы үлэтэ буолара былааннанар. Кыһыҥҥы суолунан мал-сал бүттүүн тиэллэн кэлиэхтээх. Ол эбэтэр хочуолбут эбийиэгэ, оһохторо, тээбиринэ бүттүүн уларыйыахтаах, күүһэ—кыамтата улаатыахтаах. Ол сыалга бэлэмнээн, быйыл Строительнай улуссаҕа эбии кыамтата улаатыахтаах. Ол сыалга бэлэмнээн, быйыл Строительнай улуссаҕа эбии теплопункт туруорулунна. Бу күннэргэ үлэҕэ киириэҕэ. Кыралаан аттынааҕы олорор дьон итиигэ холбонуоҕа. Ол эрээри, хапытаалынай өрөмүөн кэннэ, кэлэр сылтан тыраасса дьиэлэргэ тардыллыаҕа, тоҕо диэтэххэ, хочуолунай билиҥҥи кыамтатынан хайдах да хааччыйар кыаҕа суох. Хас эбийиэк холбонноҕун аайы, ситим тардыытын бырайыага уларыйар, ол аайы кыамтабыт күүһүрэн испэт. Дьон ону өйдүөн наада.

Ааспыт сайын хочуолунайга улахан былааннаах өрөмүөн үлэтэ ыытыллыбыта. Куораппытыгар дьон олохсуйа хаалыан баҕарара, эбийиэктэр, дьиэлэр тутуллаллара кэрэхсэнэр. Этэҥҥэ бу кыстыгы туораатахпытына, эһиил хочуолунайбыт саҥардылыннаҕына, ититии, толору хааччыллыы хас биирдии ыал дьиэтигэр киирэн, дьон-сэргэ итиитик-кутуутук олоруоҕа диэн ис сүрэхтэн баҕарабыт. Ол туһугар элбэх үлэ-сыра эрэйиллэр.

Биир сүрүн былааммытынан, Орто Халыма куоратыгар эбии саҥа хочуол тутуллуута буолар. Бу күннэргэ бырайыак олохтуур хампаанньа кэлэн, үлэ торумун оҥоруоҕа, тустаах докумуоҥҥа илии баттанан, тутуу кэлэр сылтан саҕаланнаҕынамун оҥоруоҕа, тустаах докумуоҥҥа илии баттанан, тутуу кэлэр сылтан санаҕына, 2025 сылга эбии саҥа хочуолунай үлэҕэ киириэ диэн былаанныыбыт. Үлэ, былаан элбэх.
СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта, биир дойдулаахпыт Д.Д.Садовников уонна ОДьКХ генеральнай дириэктэрэ В.Д.Чикачев бу дириҥ суолталаах кыһалҕабыт ис туругун билэр-өйдүүр буолан, кинилэр өйөбүллэринэн бу боппуруос кэлэр сылларга быһаарыллыа диэн эрэлбит улахан.

Сэтинньи ыйга ититэр ситимнэри бүрүйүү үлэтэ түмүктэниэҕэ

Бу күннэргэ сүрүн тыраассалары бүрүйүү үлэтэ ыытыллар. Өрүстэн уу хачайдыыр водозабору кыһыҥҥы үлэтигэр киллэрэн, тыраассаны бүрүйүү ол миэстэттэн саҕаланыаҕа. Манна туһунан биригээдэ үлэлиир, үлэ ый иһигэр оҥоһуллан түмүктэниэхтээх.
Ааспыт сылларга бүрүллүбүт тыраассалар матырыйааллара тыалга-сииккэ өһүллэн, саҥатытан оҥоһуллуохтара, манна атын ньыманы туһанан бүрүйүөхпүт.
Маны сэргэ Набережнай уулуссаҕа 10 ыал дьиэтэ ититэр ситимҥэ холбоноругар анаан, сүрүн тыраассаны тардыы үлэтэ ыытыллар.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше