Алаһыай нэһилиэгин олоҕун-дьаһаҕын туһунан олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Александра Ивановна Пахомова билиһиннэрэр.
Алаһыай нэһилиэгэр күн бүгүн 480 киһи олохсуйан олорор. Мантан оҕо ахсаана — 148.
Ытыктанар тыыл бэтэрээннэрэ: Петр Николаевич Кондаков, Екатерина Дмитриевна Кокорина, Александра Даниловна Третьякова, Мария Егоровна Явловская, Мотрена Константиновна Кокорина.

Олох-дьаһах

Нэһилиэнньэни хааччыйар социальнай эбийиэктэр кыстыкка бэлэмнэр, бары өрөмүөн былаан быһыытынан ыытыллыбыт. Ититэр ситимҥэ нэһилиэнньэ 100% холбонон олорор. Бөһүөлэккэ икки эдэр ыал саҥа дьиэ туттан дьэндэтэн эрэр. Социальнай хантыраак чэрчитинэн бэриллэр көмөнү 3 ыал туһанна.

Тыа хаһаайыстыбата

Бөһүөлэккэ 76 ынах сүөһү иитиллэр, мантан 29 ыанньык ынах, быйыл 30 ньирэй төрөөбүт. Сыспай сиэллээх ахсаана 337 тэҥнэһэр, мантан 136 биэ, кулуна — 114. Быйылгы 387 туонна былаантан, 194 туонна от оттонон, былаан 50% буолан турар. Сайылык эбэтэ учаастагар Василий Садовников дьон-сэргэ, сылгы сүөһү сылдьарыгар аналлаах сиэни туоруур муоста тутта. Бу саас Дьокуускай куораттан 10 куурусса ылыллыбыта. Көтөрдөр туруктара үчүгэй, бары сымыыт биэрэллэр.
Нэһилиэккэ Аксинья Дмитриевна Третьякова салайыытынан «Саһарҕа», Иван Александрович Третьяков «Сылгы Ыытар» бааһынай хаһаайыстыбалар ынах сүөһү туталлар. Кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон үрүҥ аһы атыылаан, нэһилиэнньэ бэйэ бородууксуйатынан хааччыллар.

Норуот күүһэ-көмүөл күүһэ

Нэһилиэнньэ көмөтүнэн 2017-2018 улахан уу кэлбит сылларыттан эмсэҕэлээбит, салгын аала түһэр былаһааккатын чөлүгэр түһэрэр сыаллаах-соруктаах үлэ ыытыллар. Маны сэргэ бу күннэргэ «Эркин» диэн эр дьон түмсүүтүн күүһүнэн бөртөлүөт түһэр былаһааккатын сирэ-уота дэхсилэннэ. Субуотунньукка 50 тахса эр дьон кытынна. Бөһүөлэк уулуссаларыгар тэҥнээһин, көннөрүү үлэлэрэ ыытыллаллар.

Дьахтар аймах кыттыытынан Алаһыай эбэ биэрэгэр, былаһааккалар ыраастаналлар. Оҕуруот аһын үүннэрээһининэн, тэпилииссэ көрүүтүнэн, сибэкки дьөрбөтүн үүннэриинэн элбэх хаһаайка дьарыктанар. Маны сэргэ кинилэр бөһүөлэк тупсаҕай буоларыгар төһүү күүс буолаллар. Ол курдук Павел Созонов аатынан уонна бэтэрээннэр искибиэрдэригэр Айталина Николаевна Тырылгина уонна Евдокия Константиновна Созонова көҕүлээһиннэринэн сибэкки арааһа киэркэйэр.
3 сыллааҕыта Хатыҥнаах нэһилиэгин баһылыга Петр Сибиряков, Хатыҥнаах тэлгэһэтиттэн аҕалан бэтэрээннэр искибиэрдэригэр уонна мусуойга олорпут хатыҥнара быйыл силистэрин оннун булан, бэркэ тупсан, чэчирээн, сэргэхтик үүннүлэр.

Үөрэхтээһин

Бу күннэргэ «Чуораанчык» оҕо уһуйаанын эбийиэгэр, ититэр ситими көннөрүүгэ былааннаах үлэ ыытыллар. Уһуйааҥҥа 28 оҕо сылдьар.
Быйыл 65 үөрэнээччи, 25 үлэһит саҥа оскуолаҕа үөрэ-көтө, астына-дуоһуйа үктэннэ. Үүнэр үөрэх сылыгар 5 оҕо соскуола боруогун атыыллыа. Математика, технология, эбии үөрэхтээһин педагогугар аһаҕас вакансиялар бааллар. «Күнчээн» лааҕырга 25 оҕо сылдьан, сайыҥҥы бириэмэтин туһалаахтык атаарда. Биир оҕо «Дети Арктики» бырагырааманан Сочи куоракка «Юбилейная» лааҕырга сылдьан кэллэ. Сайыҥҥы бириэмэҕэ учууталлар билиилэрин, квалификацияларын үрдэтэр үөрэхтээһин ааһаллар. Дойдуга Аҕа сүбэһит уонна уһуйааччы сылыгар аналлаах, Чурапчы улууһугар ыытыллыбыт XIX өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥкаҕа, ытыктанар настаабынньык учууталлар Николай Петрович уонна Прасковья Егоровна Стручковтар кыттан, үлэлэрин бырайыагын көмүскээн Гран-при кыайыылаахтарынан буоллулар. Бу сайын Павел Пинигин аатынан ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи көҥүл тустуу күрэҕэр Владимир Оконешников уонна Арылхан Третьяков кыттан улуустарын, нэһилиэктэрин аатын ааттаттылар.

Айыы киһитэ аһыныгас

Бу күн анал байыаннай дьайыыга Алаһыай нэһилиэгиттэн төрүттээх 7 байыас кытта сылдьар. Алаһыай нэһилиэгин дьаһалтатын, уопсастыбаннай түмсүүлэр күүстэринэн араас кэмнээх көмө аахсыйалар оҥоһуллаллар. Ол курдук Кыайыы күнүн чэрчитинэн саллааттар дьиэ кэргэттэригэр бородуукта кэмпилиэгэ тиэрдиллибит. «Бары бииргэ» аахсыйа чэрчитинэн аһымал кэнсиэр тэриллэн, 13800 солк. үп быйыл атаарыллыбыт байыаска көмө оҥоһуллубут. Алаһыай нэһилиэгин дьаһалтата биир күннээх хамнаһын анал пуоҥҥа ыыппыт. Маны сэргэ нэһилиэнньэ күүһүнэн 90 000 солк. хомуллан, биир дойдулаах саллааттарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр тарҕаммыт.

Кэлэр 2024 сыл Алаһыай нэһилиэгэ төрүттэммитэ 90 сыллаах үбүлүөйэ бэлиэтэнэрэ былааннанар. Онон элбэх былаан, киэҥ-куоҥ соруктаах бырайыактар, бырагыраамалар олоххо киирэллэрэ күүтүллэр.

Ааптар: Саргылана Кокорина

 

Читайте дальше