Айсен Николаев «Кэскилбит туһугар бииргэ!» бырагырааматыттан
Өрөспүүбүлүкэбитинэн өссө күүскэ киэн туттар туһуттан
Хас биирдии Саха сирин олохтооҕо өрөспүүбүлүкэтин ситиһиилэринэн киэн туттар.
Ил Дархан Айсен Николаев бу эппиэттээх дуоһунаска олоруоҕуттан олох бары хайысхаларыгар үрдүк тэтими ылан, киэҥ далааһыннаах сыаллары-соруктары туруорбута.
Айсен Николаев «Кэскилбит туһугар бииргэ!»
Кэлиҥҥи биэс сылга Саха Сиригэр айан суоллара, муосталар, аэропортар, тыа хаһаайыстыбатын комплекстара, олорор дьиэлэр уонна сынньалаҥ пааркалара тутулуннулар.
«Кэлиҥҥи сылларга, өрөспүүбүлүкэбит экономиката ортотунан 2,6 төгүл түргэнник сайдар. Бырамыысыланнай оҥорон таһаарыы таһымыгар Арассыыйа үрдүнэн 56-с миэстэттэн 8-с миэстэҕэ таҕыстыбыт».
Маннык үрдүк көрдөрүүлэри биһиги пандемия, баһаар, экономическай санкциялар үөскэппит уустук балаһыанньаларын аахсыбакка ситистибит. Айсен Николаев кризиһи утары үлэни салайыы ньыматын баһылаан, өрөспүүбүлүкэбит саамай уустук кэмнэргэ сайдыы бигэ суолун тутуһан кэллэ.
Саха сирин сайдыытыгар кыттарга
Иннибит хоту эрэллээхтик хардыылааһын улахан үлэттэн тахсар. Үлэһит киһи өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар быһаччы кылаатын киллэрэр. Бу хас биирдии киһиэхэ, өрөспүүбүлүкэ олохтооҕор сыһыаннаах.
«Хас биирдии үлэлиир кыахтаах киһи хамнаһа кини экэниэмикэҕэ киллэрэр кылаатыттан уонна идэтийиитин таһымыттан тутулуктаах».
Билиҥҥи кэмҥэ Айсен Николаев ылынар дьаһаллара үлэ, олох хайа баҕарар хайысхатыгар тахсыылаах буоларга усулуобуйа тэрийэллэр. Өрөспүүбүлүкэбитигэр бэйэ дьыалатын арыйарга социальнай хантараак, агро-стартап, урбаанньыттарга уонна Арктика олохтоохторугар нолуокка чэпчэтиилэр, тыа хаһаайстыбатыгар субсидия, бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтии, судаарыстыбаннай тэрилтэлэргэ аныгылыы салайыы көрүҥэ толору үлэлиир. Экэниэмикэ сайдыытыгар саҥа каадырдары бэлэмнээһин ирдэниллэр. Ыччаты бырамыысыланнаска сыһыарар үлэ күүскэ ыытыллар.
Кэскиллээх уонна кыахтаах буоларга
Айсен Николаев инники былааннартан биир сүрүнэ — сир баайын хостооһунуттан тутулуга суох экэниэмикэни сайыннарыы. Билигин IT салаа түргэнник сайдар, киноиндустрия, туризм, медиа өҥөнү оҥорор эйгэ кэҥиир. Бу барыта киһи ис кыаҕар, дьоҕуругар олоҕурар уонна хас биирдии киһиэхэ, урбаанньыкка киэҥ аартыгы арыйар.
«Саха сирин дьоҕус уонна орто бизнеһэ кэҥээн өрөспүүбүлүкэ таһыгар тахсар кэмэ кэллэ. Бэйэ бизнес идеяларын сайыннаран, бөдөҥ хампаанньа буола сайдыбыт биһиги урбаанньыттарбыт өрөспүүбүлүкэбит бигэ тирэхтээх буолуутугар улахан кылааттарын киллэрэллэр. Онон Саха сирин хампаанньаларын атын эрэгийиэннэргэ таһаарар анал бырагырааманы олоххо киллэриэхпит».
Онуоха сөптөөх усулуобуйа оҥоһуллар. Олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарарга анаан «Үлэ кластера», бөдөҥ бырайыактар, урутаан сайдыы сирдэрэ арыллаллар, үүнүү-сайдыы барарын мэктиэтэ буолар.Тыа хаһаайыстыбатыгар, экэниэмикэ салаатыгар ураты болҕомто ууруллан, тыа сирин сайдыытыгар саҥа көрүүлэри үөскэтэр.
Арчы уонна болҕомто туһугар
Сиртэн хостонор баайтан киирэр үп элбиирэ улахан суолталаах. Дьон олоҕун тупсарыы — Ил Дархан үлэтин сүрүн соруга. Бу улахан өйдөбүлгэ: гаас, уот ситимэ, коммунальнай хаһаайыстыба, интернет, суол — ол эбэтэр биһиги олорор эйгэбит табыгастаах, аныгы, бигэ буолуутун хаччыйыы.
«Биэс сыл устатыгар өрөспүүбүлүкэбитигэр 274 бөдөҥ социальнай эбийиэктэр: аныгы оскуолалар уонна уһуйааннар, балыыһалар, култуура кииннэрэ уонна спортивнай комплекстар үлэҕэ киирдилэр. Национальнай бырайыак чэрчитинэн инфраструктура сайдыытыгар 150 млрд. солкуобай көрүллүбүтэ. Национальнай бырайыактарга үбү көрүүгэ дойду үрдүнэн 3-с миэстэҕэ сылдьабыт. Судаарыстыба маннык күүстээх өйөбүлэ — Саха сирэ Арассыыйа сайдыытыгар кылаатын үрдүк сыанабыла».
Өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай эбийиэктэри уонна олорор дьиэлэри тутууга киэҥ далааһыннаах үлэ ыытылынна. Оскуолаларга аныгы усулуобуйа тэрилиннэ, мэдиссиинэ, култуура дьиэлэрэ, успуорт комплекстара, катоктар, бассейннар, социальнай тэрилтэлэр баар буоллулар. Саха сирин араас муннугар 300-тэн тахса сынньалаҥ паарка, болуоссат тэрилиннэ. Хаарбах туруктаах олорор дьиэлэр көтүрүллэн, 12 тыһыынчаттан тахса ыал саҥа дьиэлэннэ.
«Биһиги саҥа сорук туруорунуохтаахпыт – кэлэр биэс сылга өрөспүүбүлүкэҕэ дьадайыы таһымын 2 төгүл аччатан, кыһалҕалаах олохтон өссө 70 тыһыынча киһини таһаарыахтаахпыт. Бүтэһик биэс сылга үлэтэ суох буолуу уонна дьадайыы таһыма намтаата.
Хамнас үрдүүр, оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ өйөбүл кэҥиир, гражданнар бары араҥаларыгар болҕомто улаатар. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥоһуллар.
Эрэллээх буоларга
Өрөспүүбүлүкэни күүстээх санаалаах, эрэллээх уонна дьоҕурдаах Ил Дархан Айсен Николаев салайара сарсыҥҥы күҥҥэ итэҕэли үөскэтэр. Биэс сыл иһигэр Айсен Николаев дьиҥнээх лидер, аҕа баһылык буоларын бигэтик итэҕэйдибит. Кини норуотун туһугар эппиэтинэһи сүгэн, ылыммыт дьаһалларыттан дьон доруобуйата, нус-хас олоҕо, куттала суох буолуута тутулуктаах. Кини аныгылыы эрчимнээх хардыылара бу биэс сылга өрөспүүбүлүкэ сайдарын ситистэ. Ил Дархаммыт хамаандата федеральнай киини уонна сир баайын хостооччулары, туһаҕа таһаарааччылары кытары биир таһымҥа кэпсэтэр буолан элбэҕи ситиһэр. Онтон сиэттэрэн өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтигэр 5 сыл иһигэр 2 трлн тахса солкуобай инвестиция харчыта киирдэ.
Сайдыыбыт биир сүрүн бэлиэтинэн оҕо төрүөҕүн элбээһинэ уонна уһун үйэлэнии буолар. Ону биһиги ахсааммыт мөлүйүөҥҥэ тиийиитэ көрдөрөр!
«Хас биирдиибитигэр тирэхпит — төрөөбүт дойдуга таптал. Кини күүспүтүгэр күүс эбэр, мэһэйдэри чаҕыйбакка туоруурга көмөлөһөр. Бу таптал, төрүт буорга ытыктабылга уонна харыстабыллаах сыһыаҥҥа олоҕурар, көмүскэл, эрэл, махтал тыыныгар иитэр».
5 сыл устата Айсен Николаев норуот итэҕэлин ылынан кэллэ. Билигин кини туһугар күүстээх тылы этэр, кинини өйүүр түгэн тосхойдо.
Биир санаанан салайтаран, сомоҕо буолан, төрөөбүт Сахабыт сирин салгыы сайыннарыахха! Тапталлаах дойдубут, Арассыыйабыт тирэҕэ буолуохха! Кэскилбит туһугар бииргэ!