Айсен Николаев — биһиги Ил Дархаммыт!

Балаҕан ыйыгар ыытыллар Ил Дархан быыбарыгар Саха сирин дьоно-сэргэтэ түмсэн, сомоҕолоһон Айсен Сергеевич Николаевы Ил Дархан дуоһунаһыгар талыахтара диэн бары итэҕэйэбит. Кини ааспыт биэс сылга оҥорбут үлэтэ иккис болдьоҕор өссө кэҥээн, билиҥҥи курдук уустук кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ олоҕо оҕустарбакка, күүстээх сайдыы суолунан салгыы иннин диэки дьулуруйан баран иһиэ диэн эрэнэбит.

Норуотун кутун-сүрүн иҥэринэн

Айсен Сергеевич тыа сиригэр, Аан Ийэ Айылҕа кэрэтин, сүмэтин сүрэҕинэн-быарынан ылынан, саха аһын, булдун, балыгын аһаан, уутун иһэн, норуотун кутун-сүрүн иҥэринэн улааппыт киһи.  1980-90-с сыллар дьонноруттан кини улахан уратытынан – эһэтэ, сэрии бэтэрээнэ, аатырбыт олоҥхоһут, оһуохай этээччи, норуот эмчитэ Андрей Титович Титаров дьиҥ саха төрүт култууратын, сиэрин-туомун үөрэппитин этигэр-хааныгар, өйүгэр-санаатыгар ийэтин үүтүн кытта тэҥҥэ иҥэринэн иитиллэн улааппыта буолар.

Кини Дьокуускай мээрэ буолаат, куорат ыһыаҕын дьиҥ сахалыы тыынныырга ылсыбыта. Ыһыахпыт билигин аан дойду үрдүнэн аатырда. Саха тыла, култуурата, сиэрэ-туома тыа сирин көмүскэлэ, сайдар тирэҕэ буолар.

М.А. Алексеев суолун хайан

Айсен Сергеевич ытыктыыр учуутала М.А. Алексеев, Аан Дархан салайааччыбыт М.Е. Николаев курдук, норуокка, дьоҥҥо чахчы үрдүк ирдэбили, соругу туруорар, ону ситиһэр таһымнаах салайааччы диэн көрөбүт. Кини учуутала ситиспитин салгыы сайыннаран, норуоппут иннигэр инновацияны, цифровизацияны, креативнай экэниэмикэни сайыннарар соруктары туруорда.

Айсен Сергеевич инновация, цифровизация, креативнай экэниэмикэ суолун талыытын инникитин саха норуота кини сүрүн үтүөтүнэн сыаналыаҕа, махтаныаҕа. Тоҕо диэтэххэ, экэниэмикэ оҥорон таһаарар саҥа салаалара сайдалларын туһугар улахан үлэни ыытар. Ол түмүгэр билигин күүстээх айти салаа, креативнай экэниэмикэ, киинэ, чэпчэки бырамыысыланнас уо.д.а. экэниэмикэ саҥа салаалара баар буоллулар. Ол аата балар күүһүрэн истэхтэринэ, өрөспүүбүлүкэ экологияны алдьаппат бырамыысыланнас салааларыттан үптэнэн-харчыланан олорор таһымҥа тахсыаҕа. Бу кыаллан иһэр дьыала буоларынан, Айсен Сергеевич бу хайысхаҕа толкуйун, быһаарыыларын өйдүөх, өйүөх тустаахпыт.

Миллиардынан дуоллар хаппахчытын арыйыы

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ В.В. Путин дойдуга искусственнай интеллект сайдыытын Арассыыйаҕа олох, экэниэмикэ бары салааларыгар, социальнай эйгэҕэ, судаарыстыбаны салайыы систиэмэтигэр маассабайдык киллэрэргэ ыҥырар. Айсен Сергеевич киэҥ далааһыннаах интэриниэти Саха сирин үрдүнэн толору киллэттэриитэ биһиэхэ искусственнай интеллект сайдыытыгар дьоһуннаах тирэх буолар.

Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатыгар сүөһүнү, сылгыны иитиигэ, атын да салааларын сайыннарыыга искусственнай интеллект технологияларын киллэрдэхпитинэ, оҥорбут бородууксуйабыт барыстаах буолар, аан дойдуга таһааран атыылыыр суолу тобулуоҕа. Бу өрөбөлүүссүйэҕэ тэҥнээх үрдүк сайдыыны Арассыыйа 10 сылынан ситиһиэхтээх.

Саха сиригэр чэпчэки бырамыысыланнаһы сайыннардахха, инновационнай бэйэ производстволарын өйөөтөххө, Кытайтан атыыласпакка, бэйэбит дьоммут тикпит таҥастарынан таҥнар, кэриэй лапсатын оннугар бэйэбит иҥэмтиэлээх аспытын аһыыр буолуохпут. Оччотугар Айсен Сергеевич «харчыбытын барытын бэйэбит испитигэр эргитэн сайдыыны өрө тутуохха» диэн айылҕаны алдьаппат технологиялардаах производстволары күүскэ сайыннарар былаанын толоруохпут.

Айсен Сергеевич саҕалаабыт креативнай экэниэмикэтин, айти технологияларын, инновация суолун күүскэ сайыннардахха, «хайаан да айылҕаны алдьатан сир баайын хостоотоххо эрэ харчыланабыт» диэн өйдөбүлү алдьатыа этибит. Кылаабынайа, норуоппут доруобуйата бүтүн, чөл буолуо этэ. Онон Айсен Сергеевич Николаев айылҕаны алдьаппат экэниэмикэни оҥоро сылдьарын норуот өйдүөхтээх уонна өйүөхтээх.

Ситиһиилээх үлэ сыллара

Айсен Сергеевич Николаев ааспыт 5 сылыгар  үлэ бөҕөтүн оҥотторбутун бэйэҕит билэ-көрө сылдьаҕыт. Итиннэ бастакынан, норуоппут ахсаана элбииригэр, дьиэ кэргэн бигэ туруктаах буолуутугар улахан болҕомтотун уура сылдьарын ааттыыбыт. Нэһилиэнньэбит ахсаана биир мөлүйүөн буолла. Биһиги Уһук Илиҥҥэ оҕо төрөөһүнүгэр инники күөҥҥэ сылдьабыт. Бу улахан ситиһии!

Өр кэм устата кыаллыбатах үлэлэри национальнай бырайыактарынан сатаан киирэн, федеральнай киинтэн элбэх үбү ылары киһитэ кини буолан ситистэ. Ол түмүгэр, куораттарга, улуустарга хаһан да тутуллубатах элбэх суол, инфраструктура, элбэх балыыһалар, оскуолалар социальнай эбийиэктэр, олорор  дьиэлэр тутулуннулар, транспорт күүскэ сайдар, тыа сиригэр тыһыынчанан ыалларга гаас киирдэ. Дьокуускайга кардиокиин тутулунна, саамай улахан кыһалҕабыт буолбут онкология киинэ эмиэ киирэн эрэр. Өр сылларга кыайан тутуллубакка турбут, бу үйэ саамай сүдү тутуута — Өлүөнэ муостата хайаан да тутуллуоҕа диэн бэрэсидьиэн В.В. Путин бэйэтинэн бүтүн Арассыыйа истэригэр этэн үөртэ.

Бэйэҕит билэҕит, итинник үтүмэн үбү ылыы, былаас үрдүкү эргимтэтин бэйэҕэ тардар, хамсатар судургу буолбатах. Итиннэ Ил Дархаммыт нууччалыы үчүгэйдик саҥарара, оттомноох, ыйааһыннаах, ылыннарыылаах тылынан туруорсара улахан оруоллаах.

Иккис болдьоҕо өссө ситиһиилээх буолуо

Эдэр салайааччыбытыгар Айсен Сергеевичкэ улахан соруктары итэҕэйэн-эрэнэн, ис кыаҕа толору арылларыгар киэҥ эйгэни туттарарбыт наада.

Билигин дойдуга тастан суудайыы, айылҕа кыһарыйыыта элбээбит уустук усулуобуйатыгар өрөспүүбүлүкэни Айсен Сергеевич курдук үрдүк сайдыылаах, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, федеральнай былаас билинэр, норуот итэҕэйэр  киһитэ   салайарыгар итэҕэйиэхтээхпит.

Күндү быыбардааччылар! Буолаары турар Ил Дархан быыбарыгар бука бары түмсэн, дойдубут күүстээх сайдыытын өйөөн, Айсен Сергеевич Николаев туһугар куоласпытын биэриэҕиҥ!