Мин бүгүҥҥү дьоруойум туһунан билиһиннэриибин, кини — дьоҥҥо биллибэт, айылҕаттан күүстээх санаалаах, үтүө майгылаах, сэдэх уйулҕалаах, аһыныгас айылгылаах аанньал курдук абырыы кэлбит киһи диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Кини бүгүн үбүлүөйдээх күнүн, Дьокуускай куоракка күн күбэй ийэтинээн бэлиэтиир дьоллоох киһи — Анна Дмитриевна Третьякова (Садовникова).

— Анна Дмитриевна, үбүлүөйдээх кэрэ-бэлиэ күҥҥүнэн эҕэрдэлиибит! Үгэс курдук кэпсэтиибитин төрөппүттэргититтэн, дьиэ кэргэҥҥититтэн саҕалыахха.
— Мин Иккис Мээтис нэһилиэгиттэн төрүттээхпин, төрөппүттэрбит Байды нэһилиэгэр көһөн кэлэн, Налимскайга улааппыппыт. Ийэм Мария Ивановна Белоногова, зверовод идэлээх. Ийэм 87 сааһын туолан, 8 сиэн, 4 хос сиэн эйэҕэс эбэтэ буолан, билигин Дьокуускай куоракка балтыбын кытта олорор. Аҕабыт Дмитрий Гаврилович Садовников зоотехник идэлээх этэ. 8 сааспар олохтон туораабыта. Балтым Ирина интэринээккэ үлэлиир. Быраатым Дмитрий Садовников Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта.
Кэргэним Василий Николаевич Третьяков Бастакы Хаҥалас нэһилиэгиттэн төрүттээх. Ааспыт сыл үрүҥ көмүс сыбаайбабытын бэлиэтээбиппит. Орто Халыма куоратыгар олохсуйан олоробут. Улахан уол Георгий ХИФУ Нерюнгритааҕы Горно-инженернай филиалын бүтэрбитэ. Аармыйа кэккэтин Тиксиигэ сулууспалаан Дойдутугар ытык иэһин толорбута. Кыра уолбут Николай, быйыл Дьокуускай куоракка үөрэх туттарсар былааннаах.

— Эйиигин билиэхпиттэн, дьону көрөр-харайар, абыраллаах киһинэн ааҕабын. Бу чэпчэкитэ суох эйгэҕэ хаһан кэлбиккиний?
— Оҕо уһуйааннарын медицинскэй сиэстэрэтэ идэлээх буоламмын, иитэр-үөрэтэр тэрилтэлэргэ 16 сыл кэриҥэ үлэлээбитим. 2007 сыллаахтан социальнай үлэһит быһыытынан дьону көрөр-истэр, харайар буолтум. Быһа холоон уопсайа 30-тан тахса киһини харайбыт эбиппин диэн бэлиэтиибин.

— Дьону дьиэлэригэр сылдьан көрүү эбээһинэһигэр туох ирдэбил киирэрий?
— Бастакытынан, дьонум доруобуйалара буолар. Биһиги аҕам саастаах эрэ дьоҥҥо буолбакка, доруобуйаларынан хааччахтаах дьону эмиэ көрөбүт-истэбит. Кинилэр туруктарынан көрөн, сорохторго күн аайы, сорох дьоммор нэдиэлэҕэ иккитэ сылдьарым. Дьиэлэрин-уоттарын, таҥастарын, иһиттэрин сууйарым, хомуйарым. Сакаастарынан астарын-таҥастарын, эмтэрин-томторун ыларым. Кыһыҥҥы өттүгэр уу тиэйэр массыына иһэр ууну аҕаллаҕына, буочукаттан дьиэҕэ таһыыны ыарырҕатарым. Дьиэбэр хонон ааһар хоноһо курдук буоларым. Сороҕор күнүгэр 5 киһини көрөн-харайан ааһарым.

— Бастаан көрбүт-истибит дьонуҥ кимнээх этилэрий?
— Маҥнайгы көрбүт дьоммунан, үйэлэрин тухары бухгалтерынан үлэлээбит ытык кырдьаҕастар Мария Николавна Белоногова, Маргарита Николаевна Токарева уонна уордьаннаах ыанньыксыт Анастасия Захаровна Оконешникова буолаллар. Кинилэр ирдэбиллээх, барыта чэнчис-ыраас, миэстэтигэр, маркировкалаах буоларын, бириэмэтигэр туоларын ирдииллэрэ.

— 2021 диэри элбэх киһиэхэ сылаас ытыскытын тоһуйбут буолуохтааххыт. Уһун бириэмэҕэ алтыспыт дьоҥҥуттан кимнээҕи чуолаан бэлиэтиэҥ этэй?
— Эбээһинэстээх үлэбиттэн тохтооторбун да, бу күҥҥэ диэри Мария Петровна Дауроваҕа уонна Мария Васильевна Винокуроваҕа куруук көрсө-билсэ сылдьабын. Хомойуох иһин элбэх киһим олохтон туораабыта. Истиҥник алтыспыт дьоммунан Анна Николаевна Смолко уонна учууталым Вера Егоровна Лаптева буолаллар. Кинилэр учуутал дьон буолан билиилэрэ-көрүүлэрэ сэргэх, олоххо тардыһыылара күүстээх этэ. Кинилэр үксэ алтыһыыны, кэпсэтиини эрэйэллэрэ, олохпут-дойдубут балаһыанньатын истэ-сэргии олороллоро. Вера Егоровна ыарытыйыар диэри тэрилтэ салайааччыларыгар төлөпүөнүнэн эрийэн, сүбэ-ама биэрэ, улууспут балаһыанньатын туоһулаһа олорбута.

Аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьону көрүү-истии, санааларын табан алтыһыы манан дьыала буолбатах буоллаҕа. Ыалдьытым: «Киһиэхэ кыра да наада. Дьоҥҥо үтүөнү оҥорор туох да ыарахана суох», — диэн сэһэргэһиибитин түмүктээтэ.

Анна Дмитриевна билигин биэнсийэтигэр да олордор, билиҥҥэ диэри дьонун көрсө-билсэ олорорун сэргээтим. Кини билигин инбэлиит кэргэнин көрөр-истэр, бүөбэйдиир, уолаттара олохторун оҥостоллоругар төһүү күүс буолар. Дьоруойум бэтэрээннэр Сэбиэттэрин солбуллубат актыбыыската, барыга-бары көхтөөх кыттааччыта. Маны сэргэ Анна Дмитриевна иллэҥ кэмигэр хоһоон суруйар эбитин бэлиэтээн үөрдүм.

Онон бүгүҥҥү дьоруойум туһунан ыстатыйабын «Абыраллаах Аанна» диэн ааттаабыппын ааҕааччыларым сөпсөһөргүт буолуо дии саныыбын. Маннык дьон баар буолан, күн сиригэр үтүө күн тыгар, сылаас сыһыан олохсуйар, киһи киһиэхэ сыһыана элбэҕи да быһаарар эбит диэн өйдүүгүн. «Үтүө майгыҥ-көтөр кынатыҥ…» дииллэринии, Анна Дмитриевнаҕа: «Куруук ситиһии, таптал, махтал арыаллаах көтө-дайа сылдьыҥ!», — диэн баҕа санаабын, алгыспын аныыбын.

Ааптар: Саргылана Кокорина