Байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар уолаттарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр норуот көмөтүнэн араас тирэх буолар тэрээһин тиһигин быспакка ыытыллар.
Улууспут нэһилиэктэрин, куорат олохтоохторун, тэрилтэ салайааччыларын, биирдиилээн дьон күүһүнэн, аахсыйа быһыытынан ас-үөл, мал-сал хомуллар, үбүнэн көмө киирэ турар. Бу күннэргэ уопсастыбанньык уолаттарбыт Иван Березкин, Владимир Поличук көҕүлээн тэрийбит аахсыйаларынан СВО-ҕа тоҥ ас арааһа (тууһаммыт, ыыһаммыт балык, отон барыанньата уо.д.а.) оҥоһуллан ыытылынна. Баһыылка барыта холбоон 83 киилэҕэ тэҥнэстэ. Иван Березкин иһитиннэрэринэн, анал аахсыйа биир дойдулаахпыт Мария Павловна Заровняева этиитинэн тэриллибит.
Үтүө хамсааһыҥҥа Петр Петрович Винокуров тэрилтэтэ, «Аартыка суоллара» ХТ, «Катюша» маҕаһыын, Баһаарынай чаас, Халыматааҕы көрдүүр-быыһыыр этэрээт уонна биирдиилээн дьон үтүө дьыалаҕа кыттыспыт. Мал Орто Халыматааҕы Аэропорт бэрэстэбиитэлэ Елена Шульган ыйыытынан-кэрдиитинэн «Полярные авиалинии» хампаанньанан Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт. Салҕыы баһыылканы Дьокуускай куоракка биир дойдулаах уолаттарбыт Дмитрий Шадрин, Алексей Шкулев көрсөн, анал дьааһыктарга сааһылаан, бэлэмнээн оҥордулар. Маны сэргэ Дьокуускай куоракка Бастакы Мээтис ыччата Алексей Оконешников салайыытынан 54 тыһ. үп хомуллан, уолаттарбытыгар «Квадрокоптер» байыаннай тээбирин эбии ылыллыбыт. Мал уопсай хомуллан, байыаннай чааска диэри, Мария Павловна Заровняева дьаһалынан миэстэтигэр тиксиэҕэ. Дьон үтүө санаатынан-махталынан оҥоһуллубут баһыылка, уолаттарбытыгар сэниэни, эрэли эптин, күүстээх санааны тиэртин.
Ааптар: Саргылана Кокорина