Иккис Хаҥалас нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоохторо, ытык-мааны кырдьаҕастара, тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрэ, «Ласточка» уһуйаан Бочуоттаах үлэһиттэрэ Мотрена Николаевна Слепцова уонна Варвара Николаевна Бочкарева үбүлүөйдээх күннэринэн эҕэрдэлии, эдэриттэн эмэнигэр диэри И.И.Учуунускай аатынан култуура киинигэр муһуннубут.
Олохтоох дьаһалта баһылыга Юрий Алексеевич Гуляев үбүлүөйдээх күннэргэ ананан кэлбит эҕэрдэ суруктары, сыаналаах бэлэхтэри туттарда, «Нэһилиэк Ытык кырдьаҕаһа» лиэнтэлэри кэтэртэ. Маны тэҥэ нэһилиэк аҕа саастаахтарын түмсүүтэ, «Ласточка» уһуйаан кэлэктиибэ эҕэрдэлэрин тиэртилэр, ырыа-үҥкүү дьиэрэттилэр. Эҕэрдэлии мустубут ыалдьыттарын ытык саастаах үбүлээрдэр минньигэс туортарынан күндүлээтилэр.
Үбүлүөйдээх ытык дьоммут, 1934 сыллаахха, кыстык саҕаланыыта күн сирин көрбүттэр. Кинилэр быйыл 90 саастарын, күн күбэй ийэ, эйэҕэс эбэ, хос эбэ үрдүк ааттаах олорон көрүстүлэр. Олохторун арыйан көрдөххө, сэрии кэминээҕи ыарахан олох уустуктарын харахтарынан илэ көрөн тоҥууну-хатыыны эттэринэн-хааннарынан билэн, кытаанах дьулуурдаах санааларынан уйан кэллэхтэрэ…
Матрена Николаевна Слепцова, Варвара Дмитриевна уонна Николай Афанасьевич-1 Созоновтар диэн ыалга алтынньы 27 күнүгэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ ол күн сарсыарда оҕуһунан от тиэйэ сылдьан, талыыта киирэн, отун ситэ тиэйбэккэ төннүбүт. Балаҕаныгар күөх оту кыбынан киирэн быыһаммыт. Кыракый кыыһы эдьиийин аатынан Матрена диэн сүрэхтээбиттэр. Бииргэ төрөөбүттэрэ 7- лэр этэ. Арҕахтаахха 5-с кылааһы ситэри бүтэрбэккэ кэлбит оҕону тута холкуоска хамнаһа суох үлэһит оҥорбуттар. Онон 13 саастааҕар дьонуттан арахсан, оҕуһунан суос-соҕотоҕун ыйдаҥанан суолун сырдаттан тоҥон-ыбыгыраан, Дүөнсэ учаастагар айаннаан тиийбит. 2 хотоҥҥо түүҥҥү бостуугунан, ону таһынан күнүс ньирэй иитэр пиэрмэҕэ үлэлээбит, онно оттуллар маһы тыаттан кэрдэн киллэрэр эбит.
Таҥас-сап мөлтөҕүттэн тоҥон хаалыаҕын, хата ат оҕуһум сылааһынан угуттанан баччаҕа диэри кэллэҕим- диэн оҕуһугар билигин да махтана кэпсиир. Кэлин 16 сааһын туолан холкуос чилиэнэ буолан, бастыҥ ыанньыксыттар ааттарыгар киирсибит. Бииргэ үлэлиир Евдокия Константиновна Гуляеваны (Бубякинаны) кытта Өлөөкөҕө, ынах сүөһүнү тымныы методынан иитии үлэ опытын атастаһа баран кэлбиттэр.
Кини 26 сыл ыанньыксыттаан, оҕолорун батыһыннарбытынан сайын сайылыгынан, күһүн оторунан сылдьара. Иван Митрофанович Слепцовтуун олохторун холбоон, 10 оҕону төрөппүтэ, онтон үс оҕо кыра саастарыгар суох буолбуттара. Олоҕун аргыһа ыалдьан, оҕолоро кыраларыгар олохтон туораан, соҕотох туран хаалбыта. Элбэх кыһалҕаны көрүстэр да, олоххо дьулуурунан, элэккэй майгытынан, араас үлэттэн чаҕыйан турбакка, бэйэтин сыалын ситиһэр этэ. Бу күн 7 оҕотун улаатыннаран, үөрэхтээн, үлэһит дьон оҥортоон тапталлаах эбэ, хос эбэ буолан олорорунан олус үөрэбит киэн туттабыт.
Варвара Николаевна Бочкарева Иккис Мээтис нэһилиэгэр Акулина Даниловна уонна Николай Варламович Гуляевтар дьиэ кэргэттэригэр сэтинньи 4 күнүгэр, 7 оҕолоох ыалга, саамай кыра оҕонон төрөөбүтэ. Ийэтэ 7 саастааҕар суох буолан, тулаайах хаалан, Эбээххэ эдьиийэ Мария Николаевнаҕа иитиллибитэ. Соҕуруу Таалаҕа олохсуйан илин сиэн үрдүгэр турар оскуолаҕа үөрэнэ киирбит. Оскуолаҕа баран иһэн, ийэтин суохтаан, дойдутун ахтан, ытыырыттан, дьон: «Андылаах күөлэ эн хараҕыҥ уутунан уута туолар», — дииллэр эбит. Оскуолаҕа ситэ үөрэммэккэ, 13 сааһыттан Дьахтар- Уҥуохтаах учаастагар, эдьиийин кытта хотон үлэтигэр түүҥҥү бостуугунан, сайын убайыныын бииргэ окко үлэлээбитэ. Холкуос чилиэнэ буолан, ньирэй көрөөччүнэн үлэтин саҕалаабыта. Бастыҥ сүөһү көрөөччү буолан, оройуон киинигэр бастыҥ үлэһиттэр мунньахтарыгар табанан ындыыһыттары кытта баран кэлбит. Онтон 1959 сыллаахха Саха АССР Верховнай Президиумун Бочуотунай кыраамататынан Президиум бэрэссэдээтэлэ Нартахова илиититтэн наҕараадаламмыта. Варвара Николаевна Василий Третьяковтуун ыал буолан 3 оҕону төрөтөн ийэ буолар дьолу билбитэ. Кэлин 4 оҕолоох огдооболуун, Егор Иванович Бочкаревтуун холбоһон, кини икки кыра уолун иитэн, бэйэлэрэ өссө уоллаах кыыс оҕолонон, 7 оҕону иитэн улаатыннарбыттара.
Варвара Николаевна 70-с сыллартан, өр кэмҥэ оҕо иитиитин тэрилтэтигэр ас астааччынан үлэлээн, 70-80 сылларга уһуйаан оҕолоро кини астаабыт минньигэс аһынан улааппыттара. Кини астаабыт бэрэскиитин сыта, минньигэс билиниитэ, омлетын амтана билигин да умнуллубат буоллаҕа. Кэлин Варвара Николаевна Мотрена Николаевналыын уһуйаан кэлэктиибэр үлэҕэ киирэн, куукунаҕа бииргэ үлэлээн, күлэн-үөрэн, көхтөөхтүк үлэлээбиттэрэ. Иккиэн биэнсийэҕэ да тахсан баран, өр кэмҥэ ынах сүөһү ииттэн, сайын от оттоон оҕолорун-сиэннэрин үрүҥ аһынан хааччыйан олорбуттара. Сиэн минньигэс сытын ылан, харайсан-улаатыннарсан, билигин да хос сиэннэри көрсөн, ыччаттарын араҥаччылаан, үөрэ-көтө олороллоро барыбытын олуһун үөрдэр.
Күндү дьоммут, ыалдьар диэни билбэккэ, үөрүү эрэ аргыстанан, оҕолоргут-сиэннэргит, хос сиэннэргит тапталларынан, сылаас сыһыаннарынан уйдаран, аймах-билэ дьоҥҥутун үөрдэ олороргутугар баҕарабыт.
Людмила Никитина, Эбээх бөһ.