Үтүө дьыала

Дойду үрдүнэн буола турар байыаннай дьайыыга кыттар буойуттарга амарах санаалаах нэһилиэнньэ күүһүнэн, уопсастыбаннай хамсааһыннар чэрчилэринэн, араас кээмэйдээх көмө аахсыйалар тиһиктэрин быспакка ыытыллаллар.

Ааспыт нэдиэлэҕэ тустаах дьыалаҕа Хатыҥнаах нэһилиэгин олохтоохторо кыттыстылар. Үтүө хамсааһын туһунан бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Анна Лаптева иһитиннэрэр:
«Бу аахсыйабыт иннинэ бэтэрээн Сэбиэтин көҕүлээһининэн маскировочнай сиэккэ оҥорон ыыппыппыт. Сиэккэбитин 3х4 мээрэйдээх, илими таҥар дель сабынан оҥорбуппут. Матырыйаалбытын биир дойдулаахпыт Евдокия Кондакова Дьокуускай куоракка илдьэн, анал пууҥҥа туттарбыта. Ааспыт нэдиэлэҕэ нэһилиэнньэ күүһүнэн «Бары бииргэ» аахсыйа чэрчитинэн, байыастарга анаан тоҥ ас бэлэмнээн ыыттыбыт. Ол курдук 10 киилэлээх 5 коробка (15 киилэ — уулаах отон, 35 киилэ — бэлэмнэниллибит кус-хаас) улууспут дьаһалтатын дьаһалыгар туттарылынна. Үтүө дьыала бэтэрээннэрбит, көхтөөх нэһилиэнньэ көмөтүнэн олохтонно, түмүккэ 23 ыал кыттыбыт диэн бэлиэтэммит.
Улахан көмөнү Петр Петрович Сибиряков дьиэ кэргэнинээн оҥордо. Анал байыаннай дьайыыга Хатыҥнаахтан төрүттээх биир ычаппыт кытта сылдьар. Маннык хамсааһынынан, байыаннай дьайыыга кытта сылдьар оҕолорбутугар санаабытын, болҕомтобутун, өйөбүлбүтүн тиэрдэр сыалтан, сэниэлэригэр сэниэ, күүстэригэр күүс биэрдин диэн санааттан тэрийэн ыытабыт. Хас биирдиилэригэр өйбүтүнэн–санаабытынан ис сүрэхтэн ыалдьабыт, этэҥҥэ доруобай эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабыт».

Ааптар: Саргылана Кокорина

 

Читайте дальше