Аҕыйах хонуктааҕыта Сиэн Күөлүн нэһилиэгин олохтоохторо «Бочуот Знага» уордьаннаах, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, элбэх сыл учууталлаабыт, дириэктэрдээбит С.Н.Горохов аатын сүгэр орто оскуола 100 сыллаах үбүлүөйүн үөрүүлээх быһыыга–майгыга бэлиэтээтилэр.
Бу кэрэ-бэлиэ түгэҥҥэ «Эн үрдүк ааккар сүгүрүйэн, үтүө тылынан ахтабыт» диэн Степан Николаевич олоҕун, айымньылаах үлэтин сырдатар Иван Николаевич Горохов, Галина Яковлевна Горохова, Любовь Григорьевна Горохова бэлэмнээбит ахтыы кинигэлэрин нэһилиэнньэҕэ билиһиннэрбиттэрэ болҕомтону тарта. Киэҥ кэпсэтиигэ Степан Николаевич быраата, «Бочуот Знага» уордьан кавалера, «Шахтер Албан аата» бэлиэ хаһаайына, Саха сирин үтүөлээх горняга, Ил Түмэн дьокутаатынан үлэлээбит, 70 сааһыгар диэри үлэттэн илиитин араарбатах Иван Николаевич Горохов, эдьиийэ – РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, 25 сыл устата оҕо уһуйаанын салайбыт Александра Николаевна Оконешникова, балта – тыл билимин хандьытаата, университет учуутала Татьяна Николаевна Николаева, Степан Николаевичтыын уһуннук бииргэ үлэлээбит, Арассыыйа үтүөлээх учуутала Александра Васильевна Гуляева, уо.д.а. долгуйан туран истиҥ-иһирэх тыллары эттилэр. Ахтыы кинигэтин таһаарарга кыттыбыт дьоҥҥо махталларын биллэрдилэр. Кэпсэтиигэ кыттыбыттар бу ураты дьиэ кэргэн үлэҕэ уһулуччу бэриниилээҕин, уран тарбахтара, олоххо бигэ суолу тутуһуулара, дьоҥҥо холобур буолар хаачыстыбалара төрөппүттэриттэн бэриллибитин сөпкө бэлиэтээтилэр. Аҕалара Николай Филиппович үөрэҕэ суох да буоллар тимир уонна мас ууһа буолан холкуос-сопхуос тутууларыгар сааһын тухары үтүө суобастаахтык кыттыбыта. Тиэхиньикэ дэлэйиэр диэри холкуос, саҥа тэриллибит сопхуос отделениетын тиэхиньикэтин барытын өрөмүөннүүрэ. Ийэлэрэ, Матрена Степановна, сааһын тухары ыстахаанабыс ыанньыксыт, сүөһү көрөөччү, 80 сааһын ааһыар дылы 3 ыанар ынахтаах, ыччат сүөһүлэрдээх этэ.
Кинилэр улахан кыыстара Альбина Николаевна биллэр быраас, Доруобуйа харыстабылын туйгуна, ыарытыйар буолан бу улахан түмсүүгэ кыттыбата. Иккис кыыс, Мария Николаевна, Саха сирин Тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, 40-тан тахса сыл оройуон бастыҥ ыанньыксыттарыттан биирдэстэрэ этэ. Хас биирдии ынахтан сылга 2000 киилэни ыыр үрдүк кирбиини 7-тэ ситиспитэ. 1989с. кини хас биирдии ынахтан сыл устата 2766 киилэ үүтү ыабыт үрдүк ситиһиитэ куоһарыллыбатаҕа.
Мария Николаевна бэйэни харыстаммат күүрүүлээх үлэҕэ доруобуйатын айгыратан, иллэрээ сыл олохтон барбыта. Бырааттара Владимир Николаевич биирдэ даҕаны тиэхиньикэтин алдьаппатах, сыһыыга туруорбатах олус мындыр мэхэньисээтэр этэ, олохтон эрдэ туораабыта.
Степан Николаевич аармыйаҕа сулууспалыы сырыттаҕына, үрдүк үөрэх кыһатыгар киллэрэр хамыыһыйа кэлэн, эписиэрдэри үөрэххэ ылар тургутууну ыыппыт. Хамандыырдар, сержант Горохов сулууспаҕа сыһыанын учуоттаан, олоххо бигэ сыалын таба көрөн, тургутууга кыттарын көҥүллээбиттэрэ. Саллааттартан кини соҕотох этэ. Инньэ гынан, кини сулууспаттан устудьуон буолан кэлэн, үлдьү оскуолаҕа үлэлээбитинэн барбыта. Маннык түгэн Саха сирин да үрдүнэн олус сэдэх буолуохтаах. Степан Николаевич хайа баҕарар тиэхиньикэни өрөмүөннүүр, тимиргэ уонна маска дэгиттэр уус буолан тутууну-өрөмүөнү кыайа тутара. Толкуйдуур дьоҕура үрдүк буолан, барытын эрдэ былааннаан, үгүс айдаана-кэпсэтиитэ суох саҕалаабытынан барара. Былааннаабыт үлэлэрэ туох даҕаны тардылыга суох болдьоҕор бүтэн испиттэрэ. Кини учууталлары, оскуола үлэһиттэрин, улахан кылаас оҕолорун сатаан дьаһаллаан, тутууларга, өрөмүөҥҥэ барытыгар кытыннарара. Кыһын, тохсунньу өрөбүллэригэр тыаҕа тахсан бэрэбинэ кэрдэрбит. Саас, үөрэх кэнниттэн тутуу саҕаланара. Ол курдук, мастарыскыай, 6 саастаах оҕолор үөрэнэр куорпустара, пионер лааҕыр, үлэ-сынньалаҥ лааҕыр баазалара тутуллубуттара. Лааҕыр тутуута күөл уҥуор ыытылларынан, чычаас буолан баран, киэҥ күөлү кырыылаан, оҕолору тыынан илдьэрэ. Обургу оҕолор эрдэллэрэ, бэйэтэ арыый хаалан, сүбэлии-сүбэлии, кыраҕатык кэтээн айанныыра. Сайын устата элбэх оҕо тыыны эрдэргэ, сүгэнэн туттарга үөрэнэрэ. Кэбиниэт систиэмэтинэн үөрэтии киирбитигэр, тиэхиньиичэскэй малы-салы туруорууга, араас истиэндэлэри, ыскааптары айан оҥорууга бэйэтэ ылсыбыта. Сайын ахсын үлэ кэнниттэн кэлэн киэһэ 7 чаастан түүн 1 чааска диэри олус баҕаран, ис-иһиттэн үлүһүйэн туран, олус тупсаҕайдык кэбиниэттэри оҥороро. Ол быыһыгар, бэрэбинэни бэлэмнэтэн баран, хас даҕаны учууталга, оскуола үлэһитигэр дьиэ салҕааһыныгар 10-ча күн барыбытын үлэлэтэрэ. Киэһэ, от кэнниттэн кэлэн түүҥҥэ диэри үлэлээн, үс истиэнэни охсон кэбиһэрбит. Степан Николаевич үөрэтии бырагыраамата олус научнайын, олохтон ырааҕын, оҕо барыта кыайар кыаҕа суоҕун көрө-билэ сылдьара, айар дьоҕурдаах оҕолору бэркэ өйүүрэ. Кини учуутал туохха дьоҕурдааҕынан оҕолорго, төрөппүттэргэ истиҥ сыһыаны олохтуурга сүбэлиирэ, үөрэх уустуктарыгар саҥа, сэргэх ньымалары туттары биһириирэ.
Партийнай тэрилтэ сэкирэтээрэ, Сэбиэт солбуйар бэрэссэдээтэлэ, оройуон Сэбиэтин дьокутаата – мунньаҕа элбэҕэ, куораттыыра кэмэ суох буолара. Сөмөлүөт кэлээри ыксатан, икки кылааһы тэҥҥэ үөрэтэн барарга тиийэрэ. Сороҕор кылаастан тахсан көрөрүм – икки кылаас ааннара аһаҕас, иккиэннэригэр оҕолор уу-чуумпутук олорон үлэлии аҕай олороллор. Кини хантан эрэ кэллэҕинэ, оскуола сонно чуумпура, уоскуйа түһэрэ, үлэбит-сырыыбыт барыта табыллан, эйэлээх дьиэ кэргэн буола түһэрбит. Оскуолаҕа үлэлээбитин устатыгар биир даҕаны оҕону мөхпүтүн, улаханнык саҥарбытын өйдөөбөппүн, оннук түгэн киниэхэ наадата суох буолара. Хаһан даҕаны быар куустан олорорун көрдөрбөтөҕө, туруоҕуттан утуйуор диэри улахан уонна кыра дьыалалары быыстала суох үмүрүтэ сылдьар буолара.
Биирдэ киэһэ дьиэтигэр киирбитим – кэргэнэ Вера Ивановна киинэлээбит, кини икки эмдэй-сэмдэй, атаах кыргыттарын олбу-солбу көтөҕөр, киэһээҥҥи аһылыгы буһарар уонна хоско киирэн хаартыска бэчээттиир…
Оскуола үбүлүөйэ олус бэртик ааста, тэрийээччилэргэ, биһиги, ыалдьыттар, олус махтанныбыт-баһыыбалаатыбыт, бэйэбит сэмэй бэлэхтэрбитин туттардыбыт. Түмүктүүр көрсүһүүгэ нэһилиэк чулуу ыччатыгар, биһиги улууспутун элбэх сыл эрэллээхтик салайбыт Евгений Михайлович Слепцовка үбүлүөйүнэн сибээстээн, эҕэрдэ тыл этилиннэ, сыаналаах бэлэх туттарылынна.
Нэһилиэк аатыттан улуус бочуоттаах олохтооҕо, успуорт, үөрэҕирии бэтэрээнэ, оҕолорго аан дойду чемпионун Иван Оконешниковы, аан дойду полицейскайдарыгар иккис миэстэлээх Алексей Шкулеву, Арассыыйа призердарын, Саха сирин чемпионнарын, призердарын ииппит биллиилээх тренер, быйыл 46-с сылын үлэ-сынньалаҥ лааҕырын салайыахтаах учуутал Петр Егорович Шкулев оҕо биригээдэтигэр хас даҕаны сыл үлэҕэ уһуйбут, эрчийбит уолугар Евгений Михайловичка долгуйан туран, өссө даҕаны айар үлэ чыпчаалыгар эрэллээхтик дабайарыгар эрэнэрин биллэрдэ, ситиһиилээхтик үлэлииригэр баҕарда.
Нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Елизавета Николаевна Жиркова бэтэрээн учуутал Мария Николаевна Волковаҕа, механизацияҕа уһуннук үлэлээбит Анатолий Алексеевич Гороховка «Нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо» бэлиэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Нэһилиэккэ уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөх, ис сүрэхтэриттэн дьон туһугар кыһаллар дьон элбэхтэр. Петр Егорович Шкулев, Анатолий Алексеевич Горохов баһылык эрэллээх көмөлөһөөччүлэрэ – сэргэ дьон буолаллар, кинилэрэ суох биир даҕаны улахан үлэ оҥоһуллубат. Бэтэрээн-тырахтарыыс Павел Гаврилович Винокуров, тэйиэс да олордоллор, Анастасия Иннокентьевна уонна Петр Петрович Винокуровтар, бырааттыы Иван Иванович уонна Михаил Иванович Тарасовтар, Мария Егоровна уонна Мария Ивановна Винокуровалар, уо.д.а. кыах баарынан көмөлөһөр дьүккүөрдээхтэр. Сырдык ситимэ, хочуолунай үлэһиттэрэ, оскуола, оҕо саада, балыыһа, кулууп кэлэктииптэрэ уопсастыбаннай дьыалалартан туора турбаттар. Ол иһин нэһилиэк дьаһалтатын үлэтэ ситимнээх, бигэ, сайдар кэскиллээх.
Анатолий Алексеевич Горохов дьоҥҥо көмөтүнэн, барытын сатыырынан, сырыыта-айана сууххайынан нэһилиэк ытыктабылын ылыан ылар. Үтүө хаачыстыбатын сыаналаан үрдүкү салалта «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн наҕараадалаан турар.
Анатолий Алексеевич бу бырааһынньыкка «Нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо» ааты ылбытыгар кулууп өргө диэри ытыс таһыныыттан ньиргийдэ, нэһилиэк дьоно барыта үөрдэ.
Нэһилиэк ынаҕа-сылгыта элбэх, тыраахтардар бааллар, тиэхиньикэ арааһын киһи ааҕан сиппэт. Элбэх ыал саҥа дьиэҕэ киирэн, үгүстэр тутта сылдьаллар.
Тэрилтэлэр үлэлэрэ үчүгэй, дьон сарсыҥҥыга эрэллээх. Үтүө дьон элбэхтэрэ үчүгэй даҕаны! Киһи саныы-саныы үөрэр. Кинилэр ахсааннара элбии турарыгар, бар дьон туһугар олохторун аныыр ыччаттар үксүү турдуннар, диэн сырдык баҕа санаалаах дьиэбитигэр төнүннүбүт.
Иннокентий Оконешников