«Кулума» култуура киинигэр Аҕа дойду көмүскээччилэр күннэрин чэрчитинэн, СӨ култууратын туйгунун Семен Дмитриевич Третьяков сырдык кэриэһигэр «Ырыа аргыстаах» ырыа куонкуруһа буолан ааста.

Балаһыанньа быһыытынан, кыттааччылар, 7-10, 11- 14, 15-18 уонна 18-тан үөһээ саастарынан арахсан ыллаатылар.
Уопсайа 17, дойдуга таптал, бэриниилээх буолуу туһунан ырыа ылланна.
Бастыҥтан бастыҥнарынан, l-кы истиэпэннээх Лаурет үрдүк аатын ыллылар, кыра бөлөххө: Сандра Галаева «Прадедушка» (Орто Халыма к.сал. М.Н.Третьякова), иккис бөлөххө: Олеся Третьякова «Мин мантан сэриигэ барбытым» (Орто Халыма к.,сал. В.В.Киприянов) уонна улахан дьоҥҥо «Тапталлаах Сахам сирэ» Семен Лаптев (Орто Халыма к.) тахсан өйдөбүнньүк сувенирдарынан наҕараадаланнылар, харчынан бириэмийэ туттулар.

Хаартыска: Гран-При хаһаайына — М.И.Сибиряков, Хатыҥнаах бөһ.

Маны сэргэ Гран-При муҥутуур кыайыылааҕынан, байаанынан доҕуһуоллаан, Михаил Иванович Сибиряков («Умнуллан өйбүттэн сүппэттэр») тахсан, дьон биһирэбилин, киэн туттуутун ылла.

Итиэннэ Михаил Иванович уонна Олеся Третьякова, Семен Дмитриевич аймахтара анаабыт анал сувенирдарынан наҕараадаланан, көрөөччү биһирэбилин ыллылар.

Тэрийэр хамыыһыйа аатыттан, бары кыттааччыга уонна кинилэри бэлэмнээбит салайааччыларга махтал суруктар туттарылыннылар.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше