«Күүтэбит» (Н.Тырылгин тыла, мел.), «Мин дойдум» (С.Данилов тыла, П.Бандеров мел., Н.Тырылгин аранжировката) кэрэ аҥардар толорууларыгар саҥа ырыалар киэҥ куйаарга күөрэйдилэр. «Күүтэбит» — анал байыаннай дьайыыга сылдьар, дойдубут туhугар ытык иэстэрин биэрбит буойуттарга, «Мин дойдум» — Сахабыт сиригэр ананналлар.
Ааптар Николай Тырылгин — айыл5аттан айар дьо5урдаах ырыа суруйааччы, мелодия айааччы, «Кулума» сынньалаҥ киин эдэр үлэһитэ.
Бэйэтин истиитинэн, көрүүтүнэн араас кырааскалаах куоластары муhан, дьүөрэлээн «Ырыа аргыс» ансаамбылын тэрийэн үлэлии-хамныы сылдьар. Кэрэ аҥардар тустарынан сиhилии сэhэргэhиэх…
Үрдүк дор5ооннору күөрэтэн ыллыыллар Екатерина Сыроватская, Анна Волкова, Сахая Винокурова, сүрүн мелодияны толорооччу — Олеся Шевченко, намыhaх, аллараа куолас тутааччы — Анжелика Кузьмина, Марина Винокурова. Николай сүрүн уратыта — 6 араас куоластаах кыргыттары 6-5 партия5а арааран үөрэтэр, бу курдук ырыаны онорон таhаарар. Бу курдук ырыа уhуйуллан студия5а уhуллар, хас да күн чочуйуллан тахсар. Кэрэ аҥардар тус-туспа эйгэ5э үлэлиир буоланнар бириэмэлэрэ сөпсөспөт, хас биирдиилэригэр бириэмэ анаан, быыс булан сэмээр, аа-дьуо мустан ырыа айыллан тахсыбыта эрэ баар буолар. Кати аэропортка , Сахая «Аргыскредит»салайааччынан, Анжелика суhал көмө үрүҥ халааттаах аанньалынан, Олеся Кулума5а фольклор методиhынан, Марина улуустаа5ы гимназия салайааччытынан үлэлииллэр, Анюта ба5а санаатын толорон үөрэххэ билии кыhатыгар туттарса киин куоракка көппүтэ. «Ырыа аргыс» бөлөх ааттыын ырыаны аргыс оностон култуура эйгэтигэр угуттанан улуус, куорат кэнсиэр сүрүн ырыаhыттара буолаллар. Маны тэҥэ кыргыттар биирдиилээн толорооччулар. Сыана5а тахсарбытыгар таҥаспытыгар тиийэ, хамсаныыбытын, туттарбытын-хаптарбытын «Кулума» үлэhиттэрэ ыйан-кэрдэн биэрэллэр. Хас биирдии толоруубут кэнниттэн ырытабыт, ырыабытын истэбит. Үлэни, бириэмэни аахсыбакка ырыа аргыс оностубут кыргыттарбытыгар махталбыт муҥура суох, салайааччыбытыгар Коля5а саҥа ырыалары, ураты сүүрэннэри ба5арабыт!