«Үрдэл» музыкальнай бириэмийэ төрдүс түһүмэҕэр Орто Халыма улууһа иккис төгүл ааттанна.

Саха» НКИХ «Үрдэл» музыкальнай бириэмийэ төрдүс түһүмэҕэр Орто Халыма улууһа иккис төгүл ааттанна.
Ааспыт ыйга Хатыҥнаахтан төрүттээх Айыллыына Сандаар «Айан» диэн ырыатынан кыттыбытын астына- дуоһуйа көрбүппүт.
Ол курдук биэрии бу бөлөҕөр, Бастакы Мээтис нэһилиэгиттэн төрүттээх кэрэ- нарын кыыспыт Евгения Шамаева «Ааһан хаалыма» ырыатынан көстөр.
Евгения: «Бу ырыаны 2 сыллааҕыта, аан бастакыбын үрдүк сценаҕа тахсарбар, Петр Кейметтинов куоласпар барсар матыыбынан айан биэрбитэ. Муусуката Антон «Добун» устуудьуйатыгар оҥоһуллубута. «Үрдэлгэ» маҥнай кыттыым. Биир дойдулаахтарбын, доҕотторбун, бука барыгытын ахсынньы 10 күнүгэр диэри «САХА» НКИХ телеграм ханаалыгар киирэн, куоластарын биэрэн өйүөхтэрэ диэн олус эрэнэбин».
Санатан эттэххэ Айыллыыналаах Евгения ааспыт саас дойдуларыгар кэлэн, дьонун- сэргэлэрин кытта көрсөн, айылҕаларыттан күүс- уох ылан барбыттара. Бу алгыстаах сырыылара үрдүк үрдэлгэ тахсалларыгар төһүү күүс буолбута саарбахтаммат. Онон нарын-намчы куоластаах, сибэкки курдук кэрэчээн кыыспытыгар Евгенияҕа куоласпытын биэрэн өйүөҕүҥ, айымньылаах эйгэтигэр ситиһиини баҕарыаҕыҥ.