Бу күннэргэ Ыһыах күннэрин чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн араас тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Ааспыт өрөбүллэргэ Дьокуускай куоракка, Национальнай бибилэтиэкэ уонна илиинэн оҥорор маастардар уопсастыбаларын түмсүүтэ өрөспүүбүлкэтээҕи «Ыһыах-2024» быыстапка-дьаарбаҥка тэрийдилэр. Бу тэрээһиҥҥэ биир дойдулаахтарбыт кытыннылар. Тэрээһин туһунан Бастакы Хаҥалас нэһилиэгиттэн төрүттээх, илиитигэр уран дьоҕурдаах Анна Егоровна Винокурова кытынна. Бу тэрээһин туһунан кини маннык кэпсиир:
«Маннык таһымнаах быыстапкаҕа бастаан холонуум. Бүгүн сайыҥҥы тиэмэлээх былааттарбынан уонна сахалыы харысхаллаах брелоктрарбынан кытынным. Ордук брелоктары уонна 3 былааты атыыластылар. Коллективнай уонна биирдиилээн дьонтон сакаас ыллым. Дьон бэркэ интэриэһиргээн көрдө, үлэм тиэхиньикэтин ыйытта. Онон үлэм үөһүгэр, айар иэйиим кынатыгар салҕыы көтөбүн. Тэрээһиҥҥэ тиийэн Галя Беседина тирииттэн суумкалары оҥорорун биллим. Кини анал кырааматанан наҕараадаланна. Маннык тэрээһиннэргэ кыттан киһи айымньытыгар саҥаттан саҥа иэйии киирэр. Биир идэлээх, дьарыктаах дьоҥҥун кытта билсэҕин, айыаххын-тутуоххун баҕараҕын. Дьаарбаҥкаҕа киирбит үппүтүттэн Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбытыгар көмө быһыытынан ыытыллыаҕа», — диэн өрөспүүбүлкэтээҕи тэрээһин кыттааччыта, биир дойдулаахпыт Анна Егоровна Винокурова санаатын үллэһиннэ. Дойдуларын өрүү ааттатар айар дьоҕурдаах дьоммутугар ситиһиини баҕарабыт.