Быйылгы сыл учуутал, иитээччи, педагог уонна настаабынньык идэлээх дьоҥҥо ураты бэлиэ сыл буолар. Онуоха аналлаах араас тэрээһин ыытыллар.
Оскуолабыт иһинэн былааннаммыт нэдиэлэ, «Баһыыба, учуутал» диэн кылаас чааһынан, дьоһуннаах кэпсэтиинэн саҕаланна. Улахан кылаас оҕолоро сылын аайы үгэскэ кубулуйбут профориентационнай сыаллаах тэрээһиҥҥэ кыттан, учуутал оруолун толордулар. Учууталларга, кылаас салайааччыларыгар кыраһыабай киэргэтиилээх, истиҥ-иһирэх тыллаах эҕэрдэ сурук, бэлэх ууннулар.
Үгэс буолбут «Үтүө дьыала» аахсыйа чэрчитинэн, аҕам саастаах бэтэрээн учууталларбытын, үлэһиттэрбитин идэлээх күннэринэн эҕэрдэлээтибит. Сылын аайы кылааһынан арахсан, учууталга уонна оскуолаҕа аналлаах айымньыттан быһа тардыыларга олоҕуран видеоролик оҥоробут. Бары бииргэ түмсэн, киинэ курдук көрөн, астынныбыт. Үөрэнээччилэрбит араас оруолларга оонньоон, бэйэлэрин ураты өрүттэрин көрдөрүүлэриттэн дуоһуйдубут. Видеороликка учууталлар соһуччу, бэһиэлэй ыйытыыларга араастык эппиэттээһиннэрэ, оҕолор киинэҕэ устууларын өссө сэргэхситтэ.
Нэдиэлэ бүтүүтэ бэтэрээн учууталларбытыгар уонна оскуолаҕа үлэлээн ааспыт дьоммутугар анаан, «Дьулуур» оҕо тэрилтэтэ бэлэмнээбит музыкальнай эҕэрдэлэрэ «Ф.И.Роббек аатынан» сынньанар кииҥҥэ ыытылынна. Манна оскуолаҕа араас сылларга үлэлээн ааспыт учууталлары хаартысканан таайыы түмүгэр, Евдокия Алексеевна Кудрина кыайыылааҕынан таҕыста.
Салҕыы «Ырыа кырдала» квартет уонна трио ырыа куонкуруһа өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Оскуола үлэһиттэрэ үлэлэрин быыһыгар бэлэмнэнэн, ырыа тылын үөрэтэн, араас эгэлгэ, ураты көстүүмнэринэн дьон болҕомтотун тардан, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар.
Куонкуруска уопсайа 5 бөлөх кытынна, саҥа талааннары бэлиэтии көрдүбүт-иһиттибит.
Түмүккэ, «Гармония» бөлөх чаҕылхай нүөмэрдэри көрдөрөн, кыайыылааҕынан тахсан, үөрүү үктэлин биллэ. Биэчэри бэлэмнээбит, иилээн-саҕалаан ыыппыт сынньалаҥ киин дириэктэригэр Акулина Васильевна Сибиряковаҕа, викторинаны тэрийэн, оҕолор эҕэрдэ видеоларын көрдөрбүт Дария Егоровна Шкулеваҕа оскуола кэллэктиибин аатыттан улахан махталбытын тиэрдэбит, үлэҕитигэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Автор: Маргарита Васильева
Фото: Хатыҥнаах оскуолатыгар көрсүһүү түгэнэ / автор: Алена Лаптева