Ыам ыйыгар 1052 ынах сүөһү, 2698 сылгы сүөһү үктэннэ

Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалтата иһитиннэрэринэн,  ыам ыйыгар улуус үрдүнэн 1052 ынах сүөһү (440 ыанньык ынах), 2698 сылгы сүөһү (1387 биэ) үктэннэ. 2174 сыспай сиэллээх эбии аһылыкка турар. Сыыппара көрдөрөрүнэн, быйыл 209 ньирэй, 16 кулун төрөөбүт.

Нэһилиэк тыа хаһаайыстыбаларын исписэлиистэрэ иһитиннэрэллэринэн, сылгыны эбии аһылыкка туруоруу салҕанар. Саппаас от көмөтүнэн, күөххэ үктэниэххэ диэри от баар. Эбээххэ, бөһүөлэктэн 15 килэмиэтир тэйиэс сытар Сылгы Ыытар учаастагар 90 сылгы эбии аһылыгынан хааччыллар.

«Оттоммут оппут хаачыстыбата үчүгэй, онон кыстыгы этэҥҥэ ырыыта, өлүүтэ суох туораан эрэбит. Бу учаастакка сайыныгар оттуур буоламмыт, сылгыны үрдүттэн аһатарга табыгастаах. Биэлэр төрөөн эрэллэр», — диэн уопуттаах сылгыһыт, Иккис Хаҥалас нэһилиэгин тыатын хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Владимир Слепцов санаатын үллэстэр.

Өлөөкө Күөллээҕи сылгы Собуотун сылгыта 100% эбии аһылыкка турар. Күн бүгүн сылгы Собуота 1128 сылгыны иитэр.

«Кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон сылгыларын көрүнэллэр, аһатталлар. Эбии аһылык, комбикорм, эбиэс бириэмэтигэр тиэллэн кэлбитэ. Кэнники дьон эбии аһылыкка сэпэрэпиэли булкуйар буоллулар. Онон кыһаллан оҥордоххо,  сүөһүгэ иҥэмтиэлээх аһылык тахсар», — диэн Бастакы Хаҥалас нэһилиэгин тыатын хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Владимир Сухомясов иһитиннэрдэ.