Саҥа үүммүт сылбытын Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылын музыка эйгэтигэр эрэллээхтик көрүстүбүт.

Куприянов Владимир Владимирович — сатабыллаах салайааччылаах, ырыа-тойук, тыас-уус аргыстаах биэс кэрэчээн Халымабыт кыргыттара Ауштоль Дарина 8 кыл. гитаристка, Муханова Ангелина 11кыл. Өрөспүүбүлүкэ үс төгүллээх «Тыыннаах музыка» анал аат хаһаайына, Созонова Сайаана 10 кыл удьуор куоластаах ырыаһыт, Оконешникова Алина 10 кыл. бас гитаристка, Рожина Елизавета 10 кыл. Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэргэ «Лучший клавишник» анал аат хаһаайката биһиги оҕолорбутугар ырыа бэлэхтээн, баай уопуттарынан мастер кылаас көрдөрөн, иһитиннэрэн, баҕалаах оҕолору музыкальнай инструменнарга тыыннаахтыы ыллатан, оонньотон, үөрэтэн, сэргэхситэн бардылар.

Кыргыттар талааннаахтара, дьоҕурдаахтара, бэйэ-бэйэлэрин кытта доҕордуу сыһыаннара, үрдүк култууралаахтара көстөр. Оҕо оҕоттон түргэнник үөрэнэр эрээри үөрэтэр өссө уустук эбит диэн кыргыттар бэйэлэрин санааларын үлэһиннилэр.

Биһиги оҕолорбут аргыый, сэмэйдик, сэрэнэн соҕус да буоллар араас инструменнарга оонньоон көрдүлэр. Ыллыҥ да сонно тута музыка тыаһатан, охсон барар ыараханын өйдөөтүлэр, ол эрэн баҕалаахтара, харахтара уоттаммыта көһүннэ.  Төрөөбүт бөһүөлэктэригэр Саҥа Дьыллыы кэлэ сылдьар Бандерова Айталы, Куприянова Сайаана мастер кылааһы тупсаран, үрдүк кылаастаахтарын дакаастаатылар.

Кыра эрдэҕиттэн ырыаны таптыыр биһиги сулуспут Кудрина Олеся сабыс саҥа ырыа үөрэттэрэн ыллаан иһитиннэрдэ. Ыалдьыт оҕолорбутун сылайары, бириэмэни аахсыбакка төрөппүттэрэ Мария, Егор Созоновтар, Ньургуяна Рожина, Иван Оконешников арыалдьыттыы сылдьаллара олус кэрэхсэбиллээх. Манна көстөр оҕо иннигэр ийэ, аҕа күүстээхтик кыһаллаллара, долгуйаллара.

Ол курдук биир сынньалаҥ күммүтүн туһалаахтык атаардыбыт. Дьоммутун сайыһа хааллыбыт, аны саас эбэһээт гастроллуу кэлиэхпит диэн «Эрэл» группа кэс тылын биэрэн санаабытын көтөхтүлэр.

Ааптар: Маргарита Васильева

Читайте дальше