Мин эһэм Петр Иванович Третьяков 67 саастаах. Кини үйэтин тухары тимир көлөнү муоһалаабыт киһи буолар. Эһэм ити сыралаах үлэтинэн «СӨ үлэ бэтэрээнэ», «Хаҥалас сайдыытыгар кылаатын иһин», «Мэхэньисэссийэ бэтэрээнэ», «Орто Халыма улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин» анал бэлиэлэр хаһаайыннара.

Маннык сыралаах үлэтин кини 17 сааһыттан саҕалаабыт. Оччолорго оскуоланы саҥа бүтэрбит оҕону «ССРС 50 сыла» сопхуоска бастаан 40 гаалаах оттуур биригээдэҕэ отчутунан анаабыттар. Онно биригэдьииринэн Петр Егорович Винокуров үлэлээбит. Оттон тырахтарыыһынан Савва Саввич Третьяков, Андрей Егорович Винокуров, Василий Иннокентьевич Винокуров, Алексей Николаевич Явловскай үлэлииллэрэ. Кинилэри көрөн, кинилэри кытта тэҥҥэ сылдьыһан мин эһэм мэхэньисээссийэҕэ сыстан барбыт.

1973 сыл күһүнүттэн алтынньы 20 күнүгэр эһэбэр тыраахтар биэрэннэр, тырахтарыыстыыр үлэтэ саҕаламмыта. Бу күнтэн ыла 42 сыл устата кини тимир көлөттөн түспэккэ, нэһилиэгэр оту-маһы тиэйэн-таһан элбэх киһини абыраабыта. Үлэлээбитин устатыгар 2 эргэ, 3 саҥа тиэхиньикэни туппут. Эһэм этэринэн, тырахтарыыс үлэтигэр саамай ыарырҕатара, тиэхиньикэтэ моһуогуран ыраах туран хааллаҕына, тохсунньу томороон тымныытыгар, сайын өҥүрүк куйааска , сатыы хааман кэлии эбит. Кини бу идэтигэр «ССРС 50 сыла» сопхуос баазатыгар Орто Халыма куоракка 3 ыйдаах кууруска үөрэммит.

Эһэм икки уола, Иван уонна Владимир аҕаларын туйаҕын хатаран, мэхэньисээтэрдэр. Иккиэн Агрофермерскай хайысхалаах Өлөөкө Күөл орто оскуолатыттан тырахтарыыс көҥүллээх бүтэрбиттэр. Кинилэр кыра саастарыттан мэхэньисээтэр аҕаларын көрөн, тэҥҥэ сылдьыһан, үлэнэн иитиллэн, бу идэни сөбүлээн талбыттара саарбаҕа суох. Убайдарым тырахтарыыс буолалларыгар, эһэм сүбэтэ-амата, тутан-хабан көрдөрүүтэ үтүө өйөбүл буоллаҕа. Кини куруутун: «Эһиги ханна да, тугу да үлэлээҥ, кылаабынайа илиигитин үлэттэн араарымаҥ. Үлэҕэ ээл-дээл сыһыаннаһымаҥ» , — диэн этэр. Аҕаларын сүбэлэрин ылынан, таайдарым иккиэн тарбахха баттанар бастыҥ үлэһиттэр.

Ол курдук, улахан таайым Иван Дьокуускай куоракка тутуу тэрилтэтигэр крановщиктыыр, оттон иккис таайым Владимир олохтоох сылгы Собуотугар тырахтарыыһынан үлэлии-хамсыы сылдьар. Кини быйыл Үлэ сылыгар аналлаах «Үлэ киһитэ» олохтоох нэһилиэнньэ куоластааһынын куонкуруһугар, элбэх куолаһы ылан кыайыылааҕынан тахсыбыта.

Онон, утум салҕанар. Таайдарым иккиэн тимир көлөлөөх бастыҥ үлэһит дьон буолан, төрөппүттэрин үөрдэллэр. Мин эһэбинэн, таайдарбынан киэн туттабын, кинилэр идэҕэ бэриниилэрин холобур оҥостобун.

Ааптар: Слепцова Изольда, 7-с кылаас үөрэнээччитэ, Өлөөкө Күөлэ бөһ.

Хаартыска: От биригээдэтин тырахтарыыстара/ Ааптар: дьиэ кэргэн архыыбыттан

Читайте дальше