Ааспыт нэдиэлэҕэ биһиги улууспутугар СӨ Ил Дарханын иһинэн тэриллиилээх архитектура уонна градостроительство управлениетын салайааччыта Любовь Папок үлэлээн олохпутун-дьаһахпытын көрөн-билсэн барда. Кини сыала, Орто Халыма куораппыт инники сайдыытыгар тирэх буолар маастар-былаан оҥоһуутугар туһаайыллыбыта.
Бу былаан хантан тирэҕирэн, силистэнэн таҕыста? Бу хамсааһыны ылсарга туох, ханнык сүүрээн, ирдэбил наадатын өссө төгүл чопчулаһаары биир дойдулаахпытын, профессоры, социологическай билим дуоктарын Ульяна Алексеевна Винокуровалыын кэпсэтэн ырыттыбыт. Кэпсэтиибит кэҥээтэр кэҥээн элбэх боппуруос суола тэлиллэн биэрдэ.
Дойдубутугар бэриниилээх буоллахпытына сайдыы суолун тутуһуохпут
Ульяна Алексеевна: Маастар-былаан, бу куораппыт, улууспут сайдыытын сындыыһа буолар. Бэс ыйын 18 күнүгэр, Дойдубут бэрэсидьиэнин В.В.Путин «Кыра куораттар сайдалларыгар маастар-былаан оҥоруу» диэн туһаайыытыгар олоҕуран, СӨ Ил Дарханыгар А.С.Николаевка, Орто Халыма улууһун баһылыга И.В.Лаптев, куорат баһылыга Н.З.Чукров, улуустааҕы дьокутааттар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ А.Е.Зайцев, куорат Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Т.В.Винокурова илии баттааһыннаах маастар-былаан оҥоһуутугар көрдөһүү сурук ыытыллыбыта.
Бэс ыйын 30 күнүгэр архитектура уонна градостроительство управлениятын салалтатыттан, биһиги улууспут бу бырайыакка хапсыбатын туһунан эппиэт сурук кэлбитэ. Харда сурук кэннэ, өссө төгүл санааны түмэн, бырайыакпытыгар «Опорный пункт развития Якутской Арктики» диэн саҥа өйдөбүлү киллэрэн, суругу хаттаан, патриот-уопсастыбанньык А.П. Явловская көҕүлээн уонна биир дойдулаахпыт СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин маҥнайгы солбуйааччыта Д.Д.Садовников көмөтүнэн олоххо киирэр сибикитэ билиннэ.
Ол сыалтан архитектура салайааччыта Л.А.Папок кэлэн, улуус салалтатын уонна уопсастыбаннаһы кытта көрсөн барда. Онон судаарыстыбаннай өйөбүллээх, куораты төрдүттэн уларытар (реновация) былааҥҥа киирдибит диэн бэлиэтиэххэ сөп. Бу бырайыагы хайдах саҕалыырга, уопсастыбаннас, олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээн олоххо киллэриэхтээх.
Ол хайдах?
Сүрүн тирэхпитинэн 2029 сыллаахха ыытыллар Олоҥхо Ыһыаҕа буолар. Бу былаан ситиһиллэн, улахан бырайыактар олоххо киирэн эрэллэр. Онон бу өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһиммитигэр тирэҕирэн, нэһилиэнньэ саҥа сүүрээни киллэстэн тупсуу, сайдыы суолун тутуһуохтаахпыт. Кэлэр сылтан маастар-былаан оҥоһуута саҕаланыахтаах.
Онон бу күннэргэ санаалары түмэн, кыһалҕалары быһааран, олохпутун төрдүттэн уларыппытынан барыахтаахпыт. Бу барыта нэһилиэнньэ туохха баҕарарыттан, көхтөөх кыттыытыттан саҕаланар. Бастакы соругунан, балаҕан ыйын саҕаланыыта, манна, Аартыкатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай үнүстүтүүтүн иһинэн үлэлиир «Приоритет 30» бырагыраама чэрчитинэн, аспираннарым, культурология дуоктара Дария Бурнашева уонна тыл сайдыытыгар үлэлэһэр Яна Охлопкова, уопсастыба тус санаатын чинчийэ кэлиэхтэрэ.
Онон маастар-былаан социологическай чинчийииттэн саҕаланыаҕа.
Бу бэлэмнэнии хамсааһына, салалта нэһилиэнньэни кытта бииргэ үлэлииригэр төһүү күүс буолуоҕа. Онон кинилэри, уопсастыбаннас, бу былааны ситиһиигэ туруммут дьон көрсүөхтээххит. Ол курдук улуус дьаһалтатыттан оробуочай бөлөх тэриллэн, олохтоох нэһилиэнньэ, дьокутааттар, тэрилтэлэр, уопсастыбаннай хамсааһыннар, бары биир киһи курдук турунан, судаарыстыбаттан үбүлэнэр бырайыагы үчүгэйдик көмүскээн, олоххо киллэриэхтээхпит.
Куоракка түөлбэлээн олорон сайдыахха
Былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит түөлбэлээн олорон сайдан кэлбиттэрэ. Бу үгэс билигин да сайдыы биир тирэх хайысхатынан буолар. Нэһилиэктэри холобурдаан көрүөҕүҥ, бөһүөлэктэр түөлбэнэн, уопсастыбаннай хамсааһыннар күүстэринэн үүнэн-сайдан олороллор. Бу хайысха күүһүнэн элбэх тэрээһин, тупсарыы үлэтэ тэриллэр. Хас биирдии нэһилиэньэлээх пуун территориальнай уопсастыбаннай бэйэни салайыныыга (ТОС) киириэҕин наада.
Строительнай уулуссаҕа билигин үс мэндиэмэннээх, толору хааччыллыылаах 4 дьиэ тутуллан дьэндэйэн эрэр. Маннык бырагыраамаҕа өр кэмҥэ итэҕэйбэккэ сылдьыбыппыт. Онтон билигин, биһиги да куораппытыгар үйэлээх таас дьиэлэр тутуллуохтарын сөп эбит диэн итэҕэйдибит. Миэстэтигэр таас кирпииччэ, билиитэ оҥорор буоллубут, эр дьоҥҥо таас дьиэни тутуу, идэтийии тахсан эрэр. Бу элбэҕи быһаарар. Е.Н.Константинов «КЕН и компаньон» тэрилтэ аныгы быһыылаах былаһаакка ылсан үлэлиир, бэйэ дьонун үлэлэтэр, бу мин көрдөхпүнэ үчүгэй саҕалааһыннар. Сорох дьон хаарбах туруктаах дьиэттэн көһүү бырагырааматынан Дьокуускайга уо.д.а.дьиэ ылбыттара, харчынан төннөрбүттэрэ. Оттон саамай дойдуларыгар бэриниилээх, патриот дьон, быйыл саҥа дьылы саҥа дььиэлэригэр көрсүөхтэрэ. Бу территория сүүстэн тахса киһи олорор миэстэтинэн, бэйэтинэн түөлбэ (микрорайон) буолар.
Онон бу дьон биһиги былааммытыгар, реновациябытыгар, сүрүн тирэҕинэн буолаллар. Бу дьиэ олохтоохторо оройуоннарын тупсаран, сайыннаран, сайдыыбыт сирэйинэн, холобур буолар миэстэнэн буолуохтаахтар. Бу дьиэ хаһаайыттарын испииһэктэрэ бигэргэнэн турар, онон уопсастыбаннай Сэбиэти кытта бөлөх тэринэн, дьиэлэрин тутууларын хонтуруолга да ылар бырааптаахтар. Бэлэм күлүүһү кэтэспэккэ, күн сарсыҥҥыттан тупсарыы үлэтин былааннаан, сибэкки олордор иһиттэрин, араас кэрэ көрүҥнээх ыскамыйалары, бөх быраҕар иһиттэри уо.д.а. оҥорторон бэлэмнэммитинэн барыахтаахтар. Бу оройуону мин «Полярный круг» диэн аныгылыы култуурунай брендынан ааттыам этэ.
Олохтоохтор куораты, Кузаковка, Аэропорт, Новостройка уо.д.а. диэн түөлбэнэн син араара сатыыр эбиттэр, бу үчүгэй. Манан сирдэтэн куораппытын түөлбэлэринэн үллэрэн сайдыахха, куораппытын бэйэ күүһүнэн тупсарар кэммит уолдьаста.
Олоҥхо ыһыаҕар бэйэ тыынын ураты хайысхаларын тобулуохха
Салҕыы Ульяна Алексеевналыын быйылгы Аммаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын тула төгүрүк остуолга көрсүстүбүт. Манна быйылгы ыһыахха кыттыбыт дьонтон М.Н.Винокурова, О.А.Винокурова, Н.Е. Винокуров уонна уопсастыбаннай түмсүү аатыттан сүбэһит А.П. Явловская, КДЦ «Кулума» дириэктэрэ А.В.Павлюк уонна С.С.Кокорина сылдьыбыт сырыыбытыттан кэпсээтибит.
Ульяна Алексеевна 2029с. былааннанар Олоҥхо ыһыаҕар тус санааларын, сүмэлээх сүбэлэрин киллэрдэ. Ол курдук улууспут ураты көстүүлэринэн тирэҕирэн, устуоруйаҕа, номохторго олоҕуран, быыстапкабытын, таҥаспытын-саппытын, аспытын-үөлбүтүн, бэйэбит Халымабыт тыынынан тэриниэхтээхпит диэтэ. Холобур, бэйэ тааһыттан, тимириттэн, муос, мас оҥоһуктары, киэргэллэри, дьөһөгөй таҥаралаах дьон буоларбытынан ат симэҕин оҥоруохха сөп. Бэйэ дьарыктаах дьонун көҕүлээн бэйэ бородууксуйатын үрдүк таһымҥа көрдөрүөхтээхпит. Халымабыт уобараһын оҥорорго, Аан Дойду билинэр дизайнер-модельера кытта Августина Николаевна Филиппованы кытта кэпсэтии ыытыллыбыт. Ол эрэн, бэлэмнэнии үлэтэ, улуус дьаһалтатын иһинэн култуура управлениетын отделын сөргүтүүттэн саҕаланыахтаах. Бу боппуруос улуус дьаһалтатын быһаарыытыгар турар. «Кулума» култуура киинин, «Многофункциональный культурный комплекс» диэн элбэх хайысханы тутар киин оҥоруохха сөп диэн сүбэ киирдэ. Уопсастыбанньык Александра Явловская, үс Халыманы ситимниир сыалтан, бу күһүн Үөһээ Халыма улууһун 70 сыллаах үбүлүөйүгэр анал бырагыраамалаах бөлөҕүнэн барыахха диэн этии киллэрдэ.
Ольга Винокурова улуус дьаһалтатыгар, Олоҥхо духуобунаһын киллэрэргэ, суһаллык, олохтоох Олоҥхоһуттар айымньыларынан босуобуйа таһааран тарҕатарга көмө үп наадатын эттэ.
Бу курдук социологическай билим дуоктара Ульяна Алексеевна кыттыылаах бастакы мунньахпыт, тирэх буолар элбэх сүрүн боппуруоһу таарыйда.
Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын дэлэгээссийэтин кыттыылаахтарын сүрүн мунньаҕа, атырдьах ыйыгар ыытыллара былааннанар. Онно 2029 сыллаахха ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын былаана бигэргэниэхтээх.
«Южнай» хочуол кыамтата икки төгүл үрдүөҕэ
Куорат билиҥҥи тыын боппуруоһа — «Южнай» хочуолунай. СӨ ОДьКХ Орто Халыматааҕы филиалын начаалынньыга А.В.Третьяков Ульяна Алексеевнаны кытта көрсүһүүтүгэр үлэ бүгүҥҥү балаһыанньатын билиһиннэрдэ: «Бу күн өрөмүөн үлэтин барыла 40% тэҥнэһэр. Мала-сала, тээбиринэ 100% миэстэтигэр кэлэн турар. Бүгүн өрөмүөҥҥэ, 15 олохтоох киһи, 20 кэлии исписэлииһэ үлэлиир. Бу күннэргэ уот ситимин тардар анал идэлээх исписэлиистэр кэлэллэрэ күүтүллэр. Атырдьах ыйын 25 күнүттэн оттук сезонун 6-с хочуолунайынан саҕалыахпыт.
«Южнай» болдьох быһыытынан, балаҕан ыйын 15-гэр диэри икки саҥа хочуола холбоноро былааннанар. Өрөмүөн толорду оҥоһулуннаҕына, хочуол ааспыт кэминээҕи күүһэ (12 МВт — 21 МВт) икки төгүл улаатыахтаах». Ульяна Алексеевна, дьон кэлэн үлэлииригэр үчүгэй усулуобуйа наада, үлэ тахсара онтон олус тутулуктаах диэн бэлиэтээтэ: «Онон бука бары биир санаанан, салайааччылар, дьокутааттар, уопсастыбаннай бөлөхтөр, көмөлөөн кыстыкка диэри өрөмүөн үлэтэ бүтэрин ситиһиэхтээхпит.
Бу ОДьКХ тэрилтэ эрэ интэриэһэ буолбатах»,— диэн туһаайыыларын түмүктээтэ.
Ааптар: Саргылана Кокорина